24.07.2020 | 18:44

Фонтаҥҥа сөтүөлүүр доруобуйаҕа кутталлаах!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай фонтаннарыгар сөтүөлүүр оҕо сайын аайы элбээн иһэр. Холобур, Ленин болуоссатыгар оҕолор оҥостон кэлэн сөтүөлүүллэр – таапыскалаах, соттордоох! Кырачааннары улахан дьон  арыаллыыллар, обургулар бэйэлэрэ сылдьаллар. Кэтэ сылдьар таҥастарынан ууга киирэн чалбааттанар оҕо кытта элбэх.

Болуоссаттарага тымныы смузи, мороженай атыыта сыллата тэриллэр. Атыы бу көрүҥэ пандемия да кэмигэр хото тэриллэр эбит. Атыыһыттар мааската суохтар, уочаракка дистанция тутуһуллубат, антисептик көрүнньэҥ эрэ буолар турар...

Орджоникидзе фонтаныгар тэпсээччи, умсааччы элбэх. Умайар уоттаах шариктар, оонньуурдар атыылара баар.

Роспотребнадзор специалистара фонтаҥҥа сөтүө буортутун туһунан:

–  Фонтаннар – куораты тупсарар тутуулар ахсааннарыгар киирэр объектар.  Салгыны сиигирдэргэ, турар сирин көстүүтүн тупсарарга ананаллар.

Үгүс фонтан уу баһыллар сирдээх буолар. Фонтаҥҥа сөтүөлүүр киһи доруобуйатыгар куттааллаах.

Фонтан уута элбэхтик саҥардыллыбат, ыраастаммат. Санитарнай өттүнэн  ылан көрдөххө, фонтан уутугар, сөтүө уутун курдук араас сүһүрдэр эттиктэртэн ыраастыыр ирдэбил туруоруллубат. Халлаан сылаас кэмигэр уу түргэнник киртийэр, сүһүрэр.

Фонтаҥҥа сөтүөлээһин тымныйыыга тиэрдиэн сөбүн таһынан, ис сүһүрүүтүгэр, тыынар уорганнар ыарыыларыгар, конъюктивикка, энтеровируснай, ротавируснай инфекцияларга тиэрдиэн, гепатит А-ҕа тиийэ хабыахха сөп.

Маны таһынан фонтан киһи сөтүөлүүрүгэр анамматах тутуу буолан халтархай, онон охтон эчэйиини дэбигэстик ылыахха сөп. Фонтан үксэ электричествоҕа холбонор – ол эмиэ сэрэхтээх.

Улахан дьон уонна оҕолор фонтан куйаастан сөтүөлээн быыһанар сир буолбатаҕын өйдүөхтээхтэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....