20.12.2023 | 19:00

Физкултуурунай хамсааһын 100 сыла бэлиэтэннэ

Физкултуурунай хамсааһын 100 сыла бэлиэтэннэ
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Саха сирин физкултуураҕа уонна спорка үлэһиттэрин III сийиэһин чэрчитинэн өйгө-санааҕа иҥэр киэҥ түмсүүлэр ахсынньы 13-15 күннэригэр Дьокуускайга спорт сүдү уораҕайдарыгар буолан аастылар. Өрөспүүбүлүкэ 36 улууһуттан уонна оройуонуттан 868 дэлэгээт кыттыыны ылла. Миниистир Леонид Спиридонов, миниистири 1-кы солбуйааччы Александр Бугаев, миниистир солбуйааччыта Гаврил Мохначевскай бастыҥнары эҕэрдэлээтилэр, инники соруктарга тохтоотулар,  үбүлүөйдээх дьаһаллары үүннээн-тэһииннээн ыыттылар.

 

Үйэтитии сүдү суолтата 

“Триумф” уораҕайыгар туруоруллубут быыстапка туһунан Өрөспүүбүлүкэ спордун албан аатын музейын дириэктэрэ Михаил Друзьянов иһитиннэрдэ: “Экспонаттар 100 сыллааҕы кэми киэҥник хабан, сир ахсын балысхан хамсааһын, сайдыы бара турара көһүннэ. Ким ханнык хайысхаҕа үлэни ыытарынан аҕалтаабыттар. Көрөргө интэриэһинэй. Ситиһиилэрин кэпсииллэр. Оҕо спорда, “Азия оҕолоро” спортивнай оонньууларга кыттыылар, бастыҥнар Арассыыйа, Европа, аан дойду спордугар көрдөрүүлэрэ, нэһилиэнньэни кытта үлэ, маассабай спорт, чөл олох уо.д.а. матырыйааллар бааллар. Спорт сайдыытын, геройдарбытын билиэхтээхпит. Кэлбит үлэлэр хамыыһыйанан сыаналаныахтара, музейга бэлэх быһыытынан туттарыллыахтара. Арассыыйа спорка министиэристибэтэ Саха сирин спортивнай регионунан ааҕар, онон бу үүнэр сыл олунньу ыйыгар быыстапкабытын Москваҕа бүтүн аан дойду эйгэтин билиитигэр илдьиэхтээхпит”.

 

Физкултуура уонна спорт  – чэгиэн сылдьыы төрдө 

“Чэгиэн-чэбдик нэһилиэк” куонкуруска өрөспүүбүлүкэ 100 нэһилиэгэ кытынна. Куонкурус сүрүн сыала-соруга нэһилиэнньэ физкултууранан уонна спордунан дьарыктанарын ситиһии, чөл олоҕу тутуһуу, спорт, ГТО уонна уһун үйэлэнии инструктордарын анаан үлэлэтии, онуоха туһааннаах дьаһаллары, анал тутуулары ыытыы. Маннык үтүө хайысхалаах үлэни физическэй култуураҕа уонна маассабай спорка управление (нач. Р.И. Оконешников) өссө икки сыллааҕыта саҕалаабыта, физкултуурунай-чэбдигирдэр үлэ отделын салайааччыта Зинаида Афанасьева быһаччы дьарыктанар. Ааһан эрэр сылга 7 тыһ. тахса киһи ГТО нуорматын туттарда. Далааһыннаах үлэ түмүгүнэн  Ньурба Антоновкатыгар спорт саалата, Жатайга харбааһын бассейна, Аллараа Бэстээххэ бассейннаах спорткомплекс, Бэрдьигэстээххэ элбэх өрүттээх спорт саалата, Уус Алдан Мындаабатыгар универсальнай спорт комплекса, Бороҕоҥҥо спортивнай-чэбдигирдэр комплекс киллэрилиннилэр, Дьокуускайга Сайсарыга спорткомплекс, Хатаска спорт саалата кэлэр сылга үлэҕэ киирээри тураллар. Барыта 32 спорт эбийиэгэ арылынна. Ону таһынан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 37 спорт балаһаакката баар буолла. Бүгүҥҥү туругунан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн нэһилиэнньэ 55 % физкултууранан уонна спордунан дьарыктанара ситиһилиннэ.

“Бастыҥ нэһилиэк” аатын I бөлөххө Үөһээ Бүлүүттэн Хоро, Мииринэй оройуонуттан Чуона, Мэҥэ Хаҥаластан Төҥүлү, Өлөөнтөн Кирбэйэ ыллылар; II бөлөххө Ленскэйтэн Бэчинчэ, Үөһээ Бүлүүттэн Тамалакаан, Амматтан Соморсун; III бөлөххө Уус Алдантан Өспөх, Уус Майаттан Эдьээн, Мииринэйтэн Ботуобуйа ыланнар, харчынан сертификатынан наҕараадаланнылар. “Алмаасэргиэнбаан” (Н.Н. Долгунов), “Якутэнерго” (Г.Н. Алексеев), “Алмазы Анабара” (А.А. Окороков) үбүлээн өйөөтүлэр.

 

Көрдөрүүлэри науканан үрдэтии

Спорка солбугу бэлэмнээһиҥҥэ туһуламмыт семинар-практикум Курашов уулуссаҕа турар “Креасфера” Үөрэхтээһин киинигэр буолла. Москваттан “Спортивная перспектива”  научнай киин дириэктэрэ Дмитрий Черноног, Спорка солбугу бэлэмниир киин салайааччыта Игорь Чен-Юн-Тай, СӨ физическэй култуураҕа уонна спорка институттарын учуонайдара, оҕо спордун исписэлиистэрэ кытыннылар.

Чурапчытааҕы физкултуура уонна спорт институтун наукаҕа проректора, педагогическай наука кандидата Николай Лонгинов идэни үрдэтинэр үөрэх кууруһун истээччилэригэр ыыппыт үөрэҕэ болҕомтону тарта. “Спорт көрүҥнэрин науканан доҕуһуоллааһын” диэн тиэмэҕэ лиэксийэтигэр спордунан дьарыктанар оҕо былчыҥнара хайдах үлэлиирин көмпүүтэргэ көрдөрө-көрдөрө быһаарда. Чуолаан “взрывной” күүс туһунан билиһиннэрдэ. Институкка ханнык чинчийэр үлэлэр ыытыллалларын кэпсээтэ. “Итинник хабааннаах үлэ баар буолуохтаах, спорка дьоҕурдаах оҕолору булан дьарыктыахтаахпыт. Тоҕо диэтэххэ дьоҕурдаах оҕоҕо сөптөөх ноҕуруусканы биэрдэххэ, сайдыахтаах, үрдүк көрдөрүүнү ситиһиэхтээх, тренер ылыммыт былаанын толоруохтаах”, диир Николай Лонгинов. Эдэр учуонай сөпкө этэр. Сахабыт сирин сайдыыта итинник айымньылаах үлэттэн улахан тутулуктаах. Холобур быһыытынан атах оонньуутун тренерэ Иван Чиркоев ньыматын кэпсээтэ. Иван Иванович институт научнай-чинчийэр лабораториятын оборудованиетын таба туһанан үлэлэһэр. Дьарыктыыр оҕолорун сайдыыларын хаамыытын кэтээн көрөр. Саҥаттан саҥа хамсаныылары толкуйдуур, айар. Инньэ гынан үгүс оҕото маастарга кандидат, спорт маастара буолуталыыллар.  

 

Сийиэскэ 100 сыллаах үлэ арылынна

Физическэй култуура үлэһиттэрин I сийиэһэ 1991 с. спорт миниистирэ П.Е. Попов, II сийиэс Госкомспорт бэрэссэдээтэлэ М.Д. Гуляев кэмнэригэр буолуталаабыттара.  СӨ физическэй култуураҕа уонна спорка 36-с миниистирэ Леонид Спиридонов далааһыннаах, киэҥ историяны хабар дакылаата дэлэгээттэр биһирэбиллэрин ылла. 1923 с. спорду салайбыт Израиль Калачиктан саҕалаан бары спорт кэмитиэттэрин бэрэссэдээтэллэрэ уонна миниистирдэрэ туох үлэни ыыппыттара сырдатылынна. Өрөспүүбүлүкэ үгүс министиэристибэлэрин хабар, бырабыыталыстыба таһымнаах резолюция бигэргэннэ.

Спорду сырдатар биллиилээх суруналыыстар Родион Кривогорницын “История физической культуры и спорта Якутии”, Владислав Коротов “Мас-рестлинг: курс на Олимп” “буруолуу сылдьар” кинигэлэрэ сэҥээриини ыллылар. 111 кинигэтин күн сирин көрдөрбүт Владислав Коротов «Игры Манчаары» 2021 года и VII Спортивные игры народов РС(Я) 2022 года” фотоальбомун эмиэ көрдөрдө.

Кэлэр сылга улахан үлэ күүтүллэр. Олимпийскай чөмпүйүөн Роман Дмитриев төрөөбүтэ 75 сылын бэлиэтээһин чэрчитинэн ыччаттар ортолоругар Норуоттар икки ардыларынааҕы көҥүл тустуу турнира ыытыллыаҕа, төрөөбүт, кынат анньыммыт дойдутугар Эдьигээҥҥэ спорт комплекса үлэҕэ киириэҕэ. Н.Н. Тарскай үбүлүөйдээх 100 сылын бэлиэтээһин чэрчитинэн тохсунньу 4-6 күннэригэр  Н.Н. Тарскайга анаммыт СӨ көҥүл тустууга чемпионата Бороҕоҥҥо саҥа тутуллубут спорт комплексыгар ыытыллыаҕа. Бэс ыйын 25-от ыйын 7 күннэригэр “Азия оҕолоро” VIII спортивнай оонньуулары Дьокуускайга үрдүк тэрээһиннээхтик ыытарга бэлэмнэниилэр, эбийиэктэр өрөмүөннэрэ, докумуоннары кытта үлэ, омук дойдуларын кытта хардарыта сылдьыһан кэпсэтиһиилэр уо.д.а. физкултуурунай-чэбдигирдэр, спорт маассабаһын үрдэтэр дьаһаллар күүтэллэр.

 

Спорт лауреаттара чиэстэннилэр

“Триумф” уораҕайыгар буолан ааспыт үөрүүлээх түгэни аалай кыһыл лиэнтэ иилиниилээх спорт бэтэрээннэрэ хаамсан киириилэрэ киэргэттэ. 2023 сыл бастыҥ спортсменнарын СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков эҕэрдэлээтэ. “Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх тренерэ” ааты адаптивнай физкултуура уонна спорт тренерэ Василий Оленовка, “Саха Өрөспүүбүлүкэтин спордун үтүөлээх үлэһитэ” ааты наука учуонайа Матвей Лыткиҥҥа, бырабыыталыстыба грамотатын үтүөлээх тренер Павел Капитоновка туттартаата.

“Спорка сулууспалааһын иһин” номинациянан дуобат тренерэ, спорт бэтэрээнэ Мария Бырдыннырова, “Сыл тренерэ” Татьяна Жиркова, “Бастыҥ судьуйа” Виктория Барашкова, “Бастыҥ улуус” Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин, “Спортивнай уопсастыбаннай тэрилтэ” бокс федерациятын бэрэсидьиэнэ Петр Алексеев, “Спорду тэрийээччи” Дмитрий Горохов, “Спорт суруналыыһа” Петр Павлов, “Сыл мецената” Алексей Пинигин, “ГТО тэрийээччи” Альберт Васильев бэлиэтэннилэр.

“Адаптивнай спорт уон бастыҥнара”: Степанида Артахинова (ох), Айаал Сивцев (чэпчэки атлетика, дьаадыра),  Василина Иванова (чэпчэки атлетика, дьаадыра), Саргылан Семенов (ох), Владимир Балынец (пауэрлифтинг), Виктория Петрова (чэпчэки атлетика, дьаадыра), Виктор Скрыбыкин (ох), Егор Скрябин (көҥүл тустуу), Александр Ефимов (дуобат), Айаал Данилов (пауэрлифтинг).

Спорт национальнай көрүҥнэрин лауреаттара: “Бастыҥ тренер” Николай Кейметинов (чэпчэки атл., Нам), “Судьуйа” Петр Марков (мас тардыһыы, Мэҥэ Хаҥалас), “Тэрийээччи” Гаврил Евсеев (Бүлүү), “Меценат” Игорь Борисов (“АЭБ Капитал”, Хаҥалас), “Суруналыыс” Александр Посельскай (“Спорт Якутии”), “Улуус федерацията” Петр Абрамов (Нам), “Көмүс мүһэ” Константин Бурцев (Дьокуускай), “Спонсор” Алексей Пинигин (“Прогресс” тутуу тэр.), “Оҕо спордун тэрийээччи” Раиса Григорьева (Үөһээ Бүлүү).

“2023 сыл спорка лауреаттара”: Белград марафонун үрүҥ көмүс призера, Азия чемпионатын уонна Азия оонньууларын боруонса призера Сардаана Трофимова, көҥүл тустууга Азиятааҕы оонньуулар боруонса призера Айаал Лазарев, дзюдоҕа Арассыыйа чөмпүйүөнэ Аина Моисеева, мас тардыһыыга аан дойду абсолютнай чөмпүйүөнэ Татьяна Баишева, көҥүл тустууга Арассыыйа боруонса призера Лилиана Рожина, дуобакка аан дойду Кубогын кыайыылааҕа, Европа үрүҥ көмүс призера Дайаана Кондратьева, кикбоксиҥҥа Арассыыйа чөмпүйүөнэ Вадим Колтовской, буулдьанан ытыыга Арассыыйа үрүҥ көмүс призера Наина Гоголева, самбоҕа аан дойду Кубогын үрүҥ көмүс призера Полина Иудина, пауэрлифтиҥҥа Арассыыйа ыччаттарын кыайыылааҕа Людмила Кузнецова.

Үс күн устата төгүрүк остуоллар, маастар-кылаастар, күрэхтэһиилэр тэрилиннилэр, дьыалабыай көрсүһүүлэр, атах тэпсэ олорон кэпсэтиилэр буоллулар. Үбүлүөйдээх дьаһаллар үтүө өйдөбүлү хааллардылар, кэскили түстээтилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...