Фитнес-аэробика чемпионата ыытыллыаҕа
Физическай култуура уонна маассабай спорт управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, кулун тутар 27 күнүгэр фитнес-аэробикаҕа өрөспүүбүлүкэ чемпионата уонна бастыыр иһин күрэхтэһии Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет спортивнай саалатыгар ыытыллыаҕа.
Күрэхтэһии аан дойдутааҕы спорт федерацията олохтообут аэробика уонна фитнес быраабылаларынан ыытыллыаҕа. Күрэхтэһии сүрүн судьуйатынан регион фитнес-аэробикатын федерациятын дириэктэрэ Лилия Дмитриева ананна.
Спортсменнар түөрт сааһынан арахсан күрэхтэһиэхтэрэ – улахан дьон, юниордар, кадеттар уонна мини-кадеттар. Уопсайа 150 спортсмен кыттара күүтүллэр.
Билиҥҥитэ Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Таатта, Уус Алдан, Бүлүү, Жатай уонна Дьокуускай хамаандалара кыттыыны ылалларын биллэрдилэр.