14.10.2022 | 14:00

Филармония биир дойдулаахтарын өйүүр кэнсиэртэри тэрийэр

Билиҥҥи балаһыанньаны учуоттаан, Г.М. Кривошапко аатынан СӨ Судаарыстыбаннай филармонията патриотическай тыыннаах аахсыйаны ыытар, диэн иһитиннэрдэ дириэктэр Туйаара Пестрякова.
Филармония биир дойдулаахтарын өйүүр кэнсиэртэри тэрийэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кэнсиэртэртэн киирбит үп быстах байыаннай хомуурга барбыт дьону уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин  өйүүргэ барар. Бүгүҥҥү күҥҥэ икки аһымал кэнсиэр буолбут. Алтынньы 4 күнүгэр ыытыллыбыт бастакы кэнсиэргэ Symphonica ARTica симфоническай оркестр (кылаабынай дирижер Фабио Мастранджело) патриотическай бырагырааманан кытынна.

Алтынньы 10 күнүгэр ыытыллыбыт кэнсиэри Lena River Brass духовой оркестр иилээн-саҕалаан ыытта. Кэнсиэргэ нуучча композитордарын классическай айымньылара, байыаннай марштар оонньоннулар, патриотическай ырыалар, ол иһигэр “Марш героев Донбасса” уонна Валерий Халилов “Навсегда великая страна” ырыата ылланнылар.

Үһүс кэнсиэр алтынньы 22 күнүгэр ХИФУ “Сэргэлээх уоттара” Култуура киинигэр буолуоҕа. Кэнсиэргэ филармония айар кэлэктииптэрин сэргэ Саха сирин Мусукаалынай үлэһиттэрин сойууһун артыыстара кыттыахтара.

“Кэнсиэрбитигэр көрөөччү көхтөөхтүк сылдьыаҕа диэн эрэнэбит. Улуу композитордар айымньыларыттан дьон күүс-уох ылар, стресстэрин, айманыыларын таһыма намтыыр. Сылдьыбыт киһи барыта астынан, махтанан  тарҕаһар уонна маннык тэрээһиннэри тиһиктээхтик ыытарбытыгар көрдөһөр”, - диэтэ филармония дириэктэрэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....