Феликс Премильскэй: “Өлүөнэ улуута ...”
Арассыыйаҕа ыытыллар тустууга күрэхтэһиилэргэ Москватааҕы олимпиада түһүлгэтиттэн саҕалаан, баритон куоластаах комментатор, Казахстан, Арассыыйа үтүөлээх тренерэ Феликс Григорьевич Премильскэй кэпсиирин элбэхтэ истэн кэллибит. Оҕонньор быйыл 85 сааһын туолбута даҕаны, уруккуну-хойуккуну бу көрөн олорор курдук өйдүүрэ киһини сөхтөрөр. Ол эрээри соторутааҕыта Москва кубогар Айаал Лазаревпытын киргизкэ ийэлээх диэн хаста да хатылаан соһутта. ”Суруналыыстар кэпсэтэн көннөттөрүҥ эрэ”, – диэтилэр... Миэхэ да... Урут биэрбит визиткатын булан төлөпүөннээтим. Бастаан ырааҕынан эргиттим. Саха сиригэр элбэхтэ кэлэ сылдьыбыта.
Ахсынньы аан даамыгар
Кини Караганда көҥүл тустууга хамаандатын салайан 1967-68 сс. Саха сиригэр кэлэ сырыттаҕына, интервьюлары ылан, хаартыскалаан хаһыакка таһаарбыттарын кырыйан убайдарым уурбуттара миэхэ баарын өрдөөҕүтэ эппитим. Өссө: “Аманжол Бугубаев бэйэтин уонна Айханов, атын да казах тустууктарын тустарынан кинигэлэри бэлэхтээбитэ. Кабден Бойдосов ахтыытыгар 1967 с. эһиги кэлэ сырыттаххытына, чурапчылар Айхановка кулунчугу сутуругунан охсон өлөрөн көрдөрөрүгэр көрдөспүттэрэ бэрткэ ойууламмыт. Ол туһунан холкутук кэпсэтиэ этибит”, – диэбиппин санаттым.
– Ээ, онно мин баарым, – бу да сырыыга сэргэхсийэ түстэ. – Болуоссакка тобус-толору киһи мустубута. Айханов сөбүлэспэтэҕэ.
– Наһаа килбик үһү. Турар сириттэн иннин диэки хардыылаабатах даҕаны. Кэнниттэн анньа сатаабыттар, сыҕарыппатахтар даҕаны. “Ким охсуон баҕарарый?” диэн көрбүттэр. Ким да ылымматах.
– Биир кыра саха оҕонньоро чохороонунан биирдэ саайан тош гыннаран охторбута. Ол этинэн барыбытын күндүлээбиттэрэ. Халбаһы, араас бүлүүдэ оҥорон амсаппыттара. Бастакы сырыым хаһааҥҥытааҕар да сырыыбынааҕар улахан өйдөбүлү хаалларбыта.
– Сиһилии кэпсии түспэккин ээ.
– Саҥа дьыл чугаһа этэ. Биир сарсыарда араадьыйаҕа “—56” кыраадыс диэн биллэрбиттэрэ. Оннук тымныыга ол кэннэ түбэһэ иликпин. Тымныы дойдуга барабыт диэн халыҥ таҥастардаах тиийбиппит да, син биир тоҥорбут. Дьокуускайга гостиницаттан куораты көрөөрү, маҕаһыыннарга сылдьаары, тулуйбакка аара дьиэлэргэ киирэн иттэ-иттэ барарбыт-кэлэрбит.
Чурапчыга “Уазиктарынан“ илдьибиттэрэ. Хос түннүк, таҥас ититиилээх массыыналарга да син биир тоҥон бабыгыраһа олорбуппут. Өлүөнэ олус киэҥ этэ. Муус үрдүнэн уу тааҥнаабыт. Онно сиикэйгэ түһүөхпүт диэн сэрэнэн ырааҕынан эргиппиттэрэ. Суола суох кыдьымаҕынан барбыппыт. Аара биир оҕонньор сатыы баран иһэрин сиппиппит. “Толоругут, бэйэм тиийиэм”, – диэн олорсумаары гыммыта. Күүспүтүнэн киллэрбиппит. Сарсыарда сатыы куоракка кэлбит, оҕолоругар бадаарак ылан төннөн иһэр үһү. Сахалар тымныыга да оннук үөрүйэх дьоҥҥут салыннарбыта. Чаастан ордук нөҥүө кытылы булбуппут. Тайҕаҕа 15 миэтэрэ курдук үрдүккэ казахтыы, сахалыы, нууччалыы: “Алма Ата, Караганда тустууктарыгар Уруй-Айхал!” – диэн сурук ыйаммыт этэ. Тыытыллыбатах киэҥ тайҕа, лиҥкир тииттэр, маҥан хатыҥнар элбэхтэрин сөхпүппүт.
Сахаачча суулларын, Рома тахсарын биллэриилэр
– Сахалар тустууну таптыыллара аһара сөхтөрбүтэ. Саалаҕа баппатахтара. Таһырдьа тустуу хаамыытын араадьыйанан кэпсииллэрин истэн, тымныыга тураллара. Бука бары эмээхсинниин кытта блокнокка суруналлара. Коркин эрчийэр оҕолорун кытта туппут мас спортсаалатыгар үрдүгэр тиийэ алта миэтэрэ курдук үрдүк пирамида курдук трибуна оҥорбуттар. Сахалар холкулар. Тустууну наһаа омуна суох көрөллөр. Ол эрээри хапсыһыылар тыҥаабыттарыгар, уолаттара кыайбыттарыгар эккирээбиттэр дуу? Ол пирамидалара сууллан тыас-уус бөҕө буолла. Тустууну тохтоттулар. Итиччэ үрдүктэн син эчэйдэхтэрэ буолуо. Ким да айака, диэбэт. Хаһыытаабат. Ытаабат. Тустууну салҕааҥ диэн буолла. Врачтана да сатаабатылар. Оннук тулуурдаах. Ыалдьыбыттарын да үрдүнэн тустууну көрөргө баҕалаах этилэр.
– Ол онус кылаас үөрэнээччитэ Коля Захаров – ССРС призера Аманжол Бугубаев тустууларыгар хаста да өрө басыһан үөһээнэн бырахсыбыттар. Бырахтарааччыта тура түһэн иһэр үһү. Ол аайы саала титирэстии турбут. Эмискэ трибуна сууллубут.
– Коля Захаров... хаарыан уол. Эрдэ үйэлэнэн... Саха тустууктарын элбэҕи көрбүтүм. Олортон биир саамай чаҕылхай талаан кини этэ. Оҕо диэтэххэ өйө, техниката, күүһэ-уоҕа барыта баара. Мин кини 1969 с. Минскэйгэ ССРС чемпионатыгар финалга Абдулбековтыын тустуутун онно баар дьон билиҥҥэ диэри саныыбыт. Тустуу улуута эрэ оннук буолар. Олус сытыы хамсаныыларынан биирэ быраҕан элээрдэн истэҕинэ, иккиһэ охтон иһэн өрүһүнэн утары быраҕара, онтон анараата, албастыыра утары бырахсыы бөҕө буолтара. Көбүөргэ тилэхтэриттэн атын таарыйбакка, биир да баалы ылсыбахтара. Ол чемпионат саамай бастыҥ хапсыһыыта этэ. Хайалара ордугуй диэҥҥэ мөккүөр бөҕө буолта. Ол гынан Абдулбеков бэйэтин уонна тренердэрин аптарытыатынан оччолорго судьуйалар санааларынан диэн киниэхэ кыайыыны биэрбиттэрэ. Коля Абдулбековтан ордук курдук көстүбүтэ. Дьон үксэ инньэ диэбитэ.
– Ол Чурапчыга Коля биир кылааска үөрэнэ сылдьар уола Роман Дмитриев эмиэ тустубута.
– Тута харахха быраҕыллыбыта. Кимтэн да куттаммат. Барыларыттан кыра уҥуохтааҕа. Бэйэтинээҕэр ойуччу үрдүк, онно эбии быдан халыҥ улахан дьоҥҥо ССРС буруолуу сылдьар призера Абдукаримовпын кыайбыта.
ССРС чемпионун Габсаттаровы эдэрдэр туоратан кэбиспиттэрэ.
Кыыс уонна собо
– Ээ, онтон элбэх түгэни өйдүүбүн. Чурапчыга банкет буолта. Оннук тымныыга тоҥон ыалдьыыттан спирт эрэ быыһыыр диэн өйдөбүл баара. Ол онтон балайда көр буолбута. Аманбай Сапеев диэн уолум сарсыныгар бараары гыммыппытыгар биир кыыстыын куустуһан кэлбитэ. “Мин таптаатым. Кини эмиэ. Манна хаалабын. Ыал буолабын”, – диэтэ. Кыыс эмиэ: ”Ыыппаппын”, – диир. “Ээ, хайдах буоллуҥ!”—диэбиппитигэр Аманбай тыаҕа куотан хаалла. Саамай шустрайбыт, сытыыбыт, түргэммит этэ. Тоҥуу хаарынан баар дьон үксүбүт эккирэттибит. Тымныы туманы бурҕаҥнатан, аҕылаһан-мэҥилэһэн нэһиилэ тутан аҕалан автобуска уган илдьэ кэлбиппит. Куулларга тоҥ собо биэрбиттэрэ. Оччолорго Дьокуускайтан аара хас да аэропортка түһэн хаайтаран ааспыппыт. Карагандаҕа ирбэккэ кэлбит этэ. Бэрсибит дьонум бары хойукка диэри минньигэһин сөҕө ахталлара.
Саха уонна Казахстан
– Саха сиригэр хаста сырыттыҥ?
– Хаста дойду чемпионата Дьокуускайга буолла! Онно барытыгар.
– 1967 сылтан олох атын сир буоллахпыт.
– Туох барыта уларыйар. Хайа өттүнэн үчүгэйгэ, хайа өттүнэн куһаҕаҥҥа. Саха сиригэр урут улахан спорт саала да суоҕа. Билигин эһиэхэ дыбарыастар, таас тутуулар элбээбиттэр. Ол эрээри... Ленаҕыт уруккутун курдук улуу улуукана, киэҥ модуна миэхэ кэлин көстүбэт...
– Карагандаҕа өр сыл тустууну салайбытыҥ. Онно сахалар эйиэхэ элбэхтик сылдьыбыттарын истиҥник ахталлар.
– Мин бэйэм Львовтан Карагандаҕа Ригаттан комсомол анааһынынан физкультурнай институту бүтэрээт, 1958 с. кэлэрбэр тустуу суоҕа да диэххэ сөп. Биир кэлии маастар баара. Москваҕа 1980 с. олимпиада кэннэ тута үлэҕэ ыҥырбыттара. Онно барарбар сүүсчэкэ маастар баар буолта. Сахалартан Карагандаҕа тоҕо эрэ оччо үөрэнэ кэлбэт этилэр. Кеша Захаров эрэ үөрэммитэ. Бэрт түргэнник 57 кг. маастар буолта. Дьэ, ситэн иһэн дойдулаабыта.
– Кини куоракка салгыы эрчиллибитэ буоллар манна 62 кг. лидер буолуон сөбө. Кэлбит сылыгар 1976 с. өрөспүүбүлүкэҕэ, “Урожайга” кыайталаан баран, тыаҕа барыаҕыттан көрдөрүүтэ мөлтөөбүтэ. Улахан дьарыга суох да өрөспүүбүлүкэҕэ хаста да призердаабыта.
– Истибитим. Син тустуон сөп этэ.
– Казахстаҥҥа сахалар балайда этилэр.
– Карагандаҕа Александр Иванов элбэхтик сылдьара. Тоҕо диэтэххэ биир саамай күүстээх тустууктардаах этибит. Кини курдук чувствительнай тустуугу көрө иликпин. Иванов көбүөргэ таҕыстаҕына кыайа охсорго тиэтэйбэт. Тустуу кыраһыабайын көрдөрө сатыыра. Ханнык да хапсыһыыга сибилигин туох албаһы оҥоруон санаабытын, эбэтэр кимиэхэ эрэ маннык быраҕыам диэн баран, күлэ-үөрэ оҥорорго дьулуһара. Ол эппитин истэн, көмүскэнэн туһамматтар. Син биир быраҕар. ”Мельницаны” кини туран эрэ эмиэ оҥороро. Оннук “мельницалааччыны” ханна да көрбөтөҕүм.
– Василий Гоголев ССРС спартакиадатыгар Айвазяны оннук быраҕан турар.
– Ээ, кини сатыан сөп. Ол гынан биирдэ эмэ. Оттон Иванов мэлдьи, ССРС чемпионаттарыгар кытта.
– Эйигин күрэхтэһиилэри үрдүк таһымнаахтык ыытаргын истэрим.
– Ити Талалихин сөмөлүөтү тараанныыр хорсунун хатылаабыт Сэбиэскэй Сойуус дьоруойа Нуркен Абдиров турнирын бэйэм төрүттээбитим. ССРС үтүөлээх маастардара, международниктар кытталлара. Сахалартан бастаабыт, миэстэлэспит, маастары толорбут элбэх.
Сэмэй Коркин, холку Роман...
– Дмитрий Петрович Коркин кэлэ сылдьыбыта. Дьон ортотугар олох аҕыйах саҥалаах. Биир-бииргэ да дэҥҥэ аһыллан кэпсэтэр олус сэмэй киһи этэ. “Биһиэхэ ССРС үтүөлээх тренерэ” оннук чемпиону ииппит, маннык оскуоланы төрүттээбит киһи диэн кэпсээн, бочуоттаах ыалдьыт быһыытынан президиумҥа хаста да ааттаан ыҥыран көрбүтүм. Кыһаммат, сылдьарын курдук сылдьар.
– Роман Михайловичтыын элбэхтэ алтыспыт киһигин.
– Тоҕус сыл тустуу федерациятыгар кэккэлэһэ остуолларга олорон бииргэ үлэлээбиппит. Роман курдук атахха түһэн охторон үргүлдьү эргитэлиири ким да хатылыыр кыаҕа суох. Мин билиҥҥэ диэри Роман маннык гынара диэн көрдөрөбүн. Америкаҕа, атын да сирдэргэ бииргэ сылдьыбыппыт. Бу хаба тардан кэпсиир уустук. Олус булугас өйдөөх, сытыы дьээбэлээх, ылыннарыылаах өйдөөх этиилэрдээх буолара.
Павел Пинигины үөрэнээччим Мусан Абдул Муслимов бастакы тахсарыгар ССРС ыччаттарга оонньууларын финалыгар кыайбыт буолан тута болҕомтоҕо ылбытым. Ити чечен аҥардаах уол Европа чемпиона буола сылдьыбыта. Павел ол кэннэ лидерствоны былдьаабыта.
Лазарев ийэтэ тоҕо кыргызка диэтиҥ?
– ...Саха тустуутун билээччилэрэ Айаал Лазаревы “киргизка ийэлээх” диэн кэпсээбиккин сөбүлээбэтибит. Билэбит ээ, саха ийэлээҕин.
– Итини мин тарбахпын эмэн ылбатаҕым. Кинигэттэн уонна брошюраттан аахпыппынан кэпсээбитим. Көрүстэхпитинэ, көрдөрүөхпүн сөп. Мин Айаалы улуу тустууктардааҕар элбэхтик кэпсээтим. Ол баҕар, кыра сыыһабынааҕар ордук буолуо. Айаалы көрүстэхпинэ чуолкайдыам...
Чэ, миигин Саха сиригэр, ол кэрэ дьон ханна да куруук үчүгэйдик көрсөллөр, кинилэргэ үчүгэй эрэ буоллун...