Федосий Заровняев: «Эскиис барыта хартыына буолан тахсыбат»
Бүгүн Федосий Заровняевтыын билиһиннэриэхпин баҕарабын. Кини – айылҕаттан ураты талааннаах, аныгы олох көстүүтүн тэҥҥэ дьүөрэлиир эдэр худуоһунньуктартан биир тарбахха баттанар живописец буолар.
Олоҕун олуктара:
Арассыыйа Худуоһунньуктарын союһун чилиэнэ.
1990 с. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү сэлиэнньэтигэр төрөөбүт. 7-11 кылаастарга Наум Федорович Киренскэйгэ дьарыктаммыт.
2008-2013 сс. — Дьокуускайдааҕы художественнай училище «Живопись” салаатыгар үөрэммит.
2013-2019 сс. – Дмитрий Хворостовскай аатынан Сибиирдээҕи искусство судаарыстыбаннай институтун бүтэрбит. Дипломнай үлэтэ «Свадебный обряд» судаарыстыбаннай хамыыһыйа “туйгун” сыанатын уонна Арассыыйа аатырбыт худуоһунньуга Ю.П.Ишханов аатынан бириэмийэни ылбыта.
2019 сылтан Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа преподавателинэн үлэлиир.
ИСКУССТВО АБЫЛАҤАР КУУСТАРЫЫ
Ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоны кытта билсиим үрдүкү кылаастарга саҕаламмыта. Уруһуйдуурбун сөбүлүүр этим, ол эрээри салгыы олоҕум суола, идэм буолуо диэн сэрэйбэтэҕим. Биирдэ ийэм төрөөбүт күммэр уруһуй туһунан кинигэни бэлэхтээбитэ. Бастакы страницаҕа «Живопись» куруһуокка сылдьыаххын баҕарабын” диэбит. Сарсыныгар бу куруһуокка суруйтарбытым. Олус сөбүлээбитим, умсугуйбутум, уһуйааччыбын кытта олус тапсыбытым. Бастакы дьарыктарбар сырдык, күлүк, рефлекс туһунан туга да билбэт этим. Онно сылдьар оҕолор хаһыс эмэ сылларын дьарыктаналлара, долгуйар курдук этим. Ол гынан баран преподавателим Наум Федорович — хас биирдии үөрэнээччини кытта сыһыан олохтуур кыахтаах киһи.
Ол саҕана алта эрэ дьүһүннээх акварель кырааскалаахпын. Наум Федорович саҥа профессиональнай акварель атыылас диэбитэ, бэл, хайдах көстөрүн көрдөрбүтэ. Ол киэһэ төрөппүттэрбэр эттим да, билиҥҥитэ атыылаһар кыахпыт суох диэтилэр. Биһиги бииргэ төрөөбүт төрдүөбүт. Үс уол уонна биир кыыс. Уолаттар бары уруһуйдуур этибит.
Кыра сылдьан убайым уруһуйун көрөр этим. Ол саҕана Америка мультиктара кэлбиттэрэ. Кини харандааһынан, фломастерынан мультик дьоруойдарын үүт-үкчү түһэрэн ылара. Ону көрөн олус астынар, сэҥээрэр этим. Таһынааҕы ыалларым оҕолоро оонньуу кэллэхтэринэ кинилэргэ көрдөрөр, хайҕатар буоларым. Биирдэ, ханнык эрэ бырааһынньыкка, төрөппүттэрим элбэх дьүһүннээх саҥа акварель бэлэхтээбиттэрэ. Үөрүүбүттэн куруһуокпар ыстаммытым. Билигин ону барытын олус истиҥник саныыбын.
Уһуйааччым методиката арыый атын систиэмэнэн барар этэ. Композицияҕа элбэх болҕомтотун уурара. Айымньыны ааҕар уонна аахтарар этэ. Айымньы ис хоһоонун, ымпыгын-чымпыгын барытын ырытан баран биирдэ үлэлэтэрэ. Бэйэтэ сүрдээх өйдөөх, киэҥ толкуйдаах киһи.
ИСКУССТВО – МИН ОЛОҔУМ
Искусство мин олоҕум буолар. Бэйэм өйбүн-санаабын, толкуйбун, олоххо сыһыаммын тиэрдэбин. Кырдьаҕас маастардар үлэлэрин сотору-сотору көрөбүн, олортон өрө көтөҕүллүүнү ылабын. Ордук сахалыы тиэмэҕэ уруһуйдуубун. Саха буолан эбитэ дуу, сахалыы кут-сүр, айылҕа, олох-дьаһах тиэмэтэ быдан чугас. Арыый да аныгылыы көрүүлээх уруһуйдары оҥоробун.
Сүрүннээн маслонан уонна холст тиэхиньикэтигэр үлэлиибин. Саҥаны, сонуну арыйарбын, декоративнай живопись тиэхиньикэтин үөрэтэрбин сөбүлүүбүн.
УОБАРАСТАРЫ ИҤЭРИНИИ УОННА ЫЛЫНЫЫ
Уобарас араастаан кутуллан киирэр. Уулуссаҕа хааман иһэн интэриэһинэй түгэннэри көрдөхпүнэ, олох көстүүтэ уо.д.а. Уопсайынан, худуоһунньук син биир ханнык баҕарар эйгэттэн кыра-кыралаан бэйэтигэр ылына, көрө сылдьар буолар. Айар куттаах дьон барытын «губка” курдук иҥэринэ сылдьаллар диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Ханна эрэ көрбүккүн, аахпыккын, истибиккин, бэл, киинэттэн да буоллун, барытын иҥэринэ сылдьаҕын.
Сорох уобарастарым эскиис буолан сыталлар. Эскиис барыта хартыына буолан тахсыбат. Сорохтор хас эмэ сылы-сыллаан быыллыйа сытааччылар. Дьыл-хонук ааспытын кэннэ биирдэ хостоон оҥорооччубун.
Утуйар ууну умнан туран үлэлиир худуоһунньуктар бааллар эбит. Эн кинилэргэ киирсэҕин дуо?
Оннук буолбат. Барытын аттаран үлэлиибин. Аһыыр кэмҥэ аһыыбын, утуйар кэмҥэ утуйабын. Саамай көдьүүстээх үлэ кэмэ – сарсыарда, киэһэ киһи син биир сылайар.
ЫҺЫАХ БУОЛБАТЫН СЭРЭЙБИТ КУРДУК
Хас биирдии хартыынам туспа историялаах. Быйыл саас харантыын биллэрбиттэрэ. «Уулуссаҕа тахсыбаккыт», «мааската суохтары ыстарааптыыбыт» диэбиттэрэ. Ол саҕана оруобуна ыһыахпытын буолбат диэн кэбиспиттэрэ. Сэрэйбит курдук эбитэ дуу, хайдах эбитэ дуу, саҥа дьыл кэннэ, чуолаан тохсунньуттан саҕалаан, бүтүн биэс үлэни ыһыахха анаабытым. Сайын ыһыахпыт буолбатаҕа. Дьоҥҥо-сэргэҕэ сайын кэлбит тыынын биллэрээри, бэйэм хартыыналарбынан тэттик видеоролик оҥортолоон баран, тарҕатан кэбиспитим.
Тыый! Мин көрбүтүм, чахчы, үүт-үкчү пандемия ыһыаҕын оҥорбут этиҥ. Дьикти! Дьыл ханнык кэмигэр табыллан үлэлиигин?
Дьыл кэмин бу диэн чорбоппун, барытын сөбүлүүбүн. Ханнык да кэмҥэ дьыл кэмэ бэйэтэ туспа эйгэлээх буолар.
УҺУЛУЧЧУ ДЬОН
Ханнык худуоһунньуктары холобур оҥостоҕун?
Устудьуоннуу сылдьан аныгы худуоһунньуктары сэҥээрэр этим. Билигин былыргы худуоһунньуктар үлэлэрин сэргиибин. 15-16-с үйэлэргэ олорон ааспыт худуоһунньуктар Джотто ди Бондоне, Пьеро делла Франческа курдук талааннаах, былыргы, уһулуччу талааннаах худуоһунньуктар үлэлэрин сэҥээрэбин. Кинилэр үлэлэрэ, чахчы, «шедевр” буолаллар. Ол үлэлэри көрдөххө, киһи санаата көтөҕүллэр, айар-тутар талаана арыллар, уһуктар.
ТАЛБЫТ ҮЛЭМ
Иэйии диэни улаханнык өйдүү иликпин. Тоҕо диэтэххэ, уруһуйдуур бу мин “килиэбим”, үлэм, талбыт идэм буолар. Иэйии кэлбэтэ даҕаны, бүгүн үлэлээбэппин диэн буолбатах.
Хас эмэ сылы быһа үлэлиир үлэҥ баар дуо?
Оннук үлэ элбэх. Оскуолаттан быһа сылдьар үлэлэр билигин да бааллар, училищеҕа үөрэнэ да сылдьан сатаан кыайбатаҕым. Институкка киирэн баран биирдэ бүтэрбитим.
Туох хартыынатай, тиэмэтэ тугуй?
Олоҥхо. Балаҕан иһигэр олоҥхолуу олорор киһини оҥорбутум. Институкка үһүс дуу, төрдүс дуу кууруска оҥорон кэбиспитим. Саха сиригэр, дьонугар ол хартыына көстүбэтэҕэ. Билигин Кытайга ыйанан турар.
Атыыласпыттара дуо?
Атыыласпыттара. Баҕар, кэлин куоппуйатын дуу, арыый атыннык дуу оҥорон көрүөм, биллибэт.
ҮЛЭ УМСУГУТАР БУОЛУОХТААХ
Сөбүлээбэт, санааҥ сыппат тиэмэлэрэ диэн баар дуо?
Оннук диэн суох. Баҕар, кэлин атыннык толкуйдуом. Ол эрээри итэҕэл, ойуун да тиэмэтэ буоллун, композиция оҥорорго ханнык да бэйэлээх худуоһунньукка, төһө да таалааннаах буол, син биир ыарахан.
Худуоһунньуктарга уларыйыы төһө барарый?
Уларыйыы барыахтаах. Уларыйыы барбата даҕаны, биир сиргэ тэпсэҥнии тураҕын, сайдыбаккын. “Худуоһунньуктар олохторун тухары үөрэнэллэр” диэн мээнэҕэ эппэттэр. Институкка уһуйааччыларым куруук этэллэр этэ: “Устудьуоннуур кэмҥэ элбэхтэ эксперименнэ оҥоруҥ, оччоҕуна ханнык эйгэҕэ талааннааххын уонна хартыына олоҕо, үлэ хайдах тахсарын билиэххит”, – дииллэрэ. Эксперименнээтэххэ, кырдьык, уларыйыы тахсар этэ. Живопись көрүҥэ элбэх. Киһи бэйэтэ сөпкө тайаныан наада.
Эн туох сыаллаах хартыыналары суруйаҕын?
Хартыына көдьүүстээх буоларыгар дьулуһабын.
Ааҕааччыларга баҕа санааҥ.
Чэгиэн буолуҥ уонна кытаанах доруобуйаны баҕарабын. Сахам сирин бары олохтоохторун кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлиибин.
Чахчы да, Федосий хартыыналара олус интэриэһинэйдэр, ураты куттаахтар диэххэ сөп. Бары биир тэтимнээхтик суруйар буоллахтарына, Федосий киэнэ олох атын. Киһини толкуйдатар хартыына киниэхэ наһаа элбэх. Аны туран, хартыынаны көрбүт кэннэ араас боппуруос барыта кутуллан киирэр. Дьэ, чахчы, ураты буочардаах уол!
Эдэр худуоһунньук хартыына нөҥүө тугу тиэрдэрин, этэрин көрүөххүтүн баҕардаххытына, @fedoszarovnyaev инстаграм ситимигэр киирэн көрүҥ. Онтон мин эдэр киһиэхэ саҥа саҕахтары, саха норуотун ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын өссө да ааттата тураргар баҕарабын.