Федор Волков аатынан Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай академическай театр Дьокуускайга гастроллуур
Ыам ыйын 11-16 күннэригэр Дьокуускайга А.С. Пушкин аатынан Нуучча драматическай театрыгар Федор Волков аатынан Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай академическай театр гастроллуур. Бу айар кэлэктиип Ярославль куораттан Дьокуускайга аан маҥнайгы сырыыта буолар. Театр кэлиитэ «Улахан гастроллар» федеральнай бырагыраама чэрчитинэн, «Росконцерт» тэрээһининэн Арассыыйа култуураҕа министиэристибэтин былаанынан эрдэттэн кэпсэтиллибит.
«Биһиги оруобуна 130 сылбытын туоларбытыгар, көрөөччүлэрбит Арассыыйа кырдьаҕас театрын туруорууларын көрөллөрө-истэллэрэ олох сэдэх түбэлтэ буолар. Айар кэлэктиип биһиэхэ гастроллуу кэлэрин туһунан дириэктэр Айрат Тухватуллинныын уонна уус-уран салайааччы, режиссер, Арассыыйа үтүөлээх артыыһа Сергей Пускепалистыын кэпсэппиппит ыраатта. 50-ча киһилээх труппа 2014, 2020 сыллардааҕы репертуардартан уонна быйылгы премьераны көрдөрүөҕэ», – диэтэ А.С. Пушкин аатынан Нуучча театрын дириэктэрэ уонна уус-уран салайааччыта Александр Лобанов.
Театр репертуара:
Ыам ыйын 11 күнэ, 18 ч – Гастроль үөрүүлээх аһыллыыта, В. Ерофеев «Москва-Петушки» испэктээк, 18+;
Ыам ыйын 12 күнэ, 18 ч – Алекс фон Бьерклунд «На краю земли» (комедия), 16+;
Ыам ыйын 13 күнэ, 18 ч – В. Шукшин «Калина красная», 18+;
Ыам ыйын 14 күнэ, 18 ч – В.Шукшин «Калина красная», 18+;
Ыам ыйын 15 күнэ, 14 ч – В. Ерофеев «Москва-Петушки» испэктээк, 18+;
Ыам ыйын 15 күнэ, 18 ч – Алекс фон Бьерклунд «На краю земли» (комедия), 16+;
Ыам ыйын 16 күнэ, 18 ч – гастроль үөрүүлээх сабыллыыта, В.Шукшин «Калина красная».