Федеральнай суһал штабка Саха сиринээҕи ойуур баһаардарын дьүүллэстилэр
Атырдьах ыйын 10 күнүгэр, РФ айылҕа баайыгар уонна экологияҕа миниистирэ Александр Козлов ойуур баһаардарын тула федеральнай суһал штаб мунньаҕын ыытта. Миниистир дойдуга буола турар быһыыны-майгыны уустугунан сыаналаата. Мунньахха Саха сиринээҕи ойуур баһаардарын дьүүллэстилэр. Ол туһунан СӨ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Федеральнай миниистир баһаары кытта охсуһарга күүһү эбэргэ сорудахтаата, ол иһигэр дойду атын регионнарыттан аҕалары эттэ.
«Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ааспыт үс күн устата федеральнай бөлөҕү 100-тэн тахса киһинэн элбэттибит. Эбии күүс Ханты-Мансийскайтан уонна Тюменьтэн, Архангельскай уонна Мурманскай уобаластартан, Карелия Өрөспүүбүлүкэтиттэн кэллэ. Билигин араас регионнартан 800 киһилээх бөлөҕү хомуйдубут, бары күүһү мустубут», — диэн бэлиэтээтэ Александр Козлов.
Ойуур баһаардарын кытта охсуһуу сүрүн соруга – нэһилиэнньэлээх пууннарга уонна экэниэмикэ эбийиэктэригэр куттал суоһуурун туоратыы буолар. СӨ экологияҕа, айылҕа баайын туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистирин бастакы солбуйааччы Семен Яковлев иһитиннэрбитинэн, бүгүҥҥү күннээҕи туругунан Саха сирин территориятыгар баһаар 6 оройуон 13 нэһилиэнньэлээх пуунун таһыгар баар.
Өрөспүүбүлүкэ баһаардарын умуруорууга 4299 киһи уонна 655 тиэхиньикэ, авиация үлэлиир. Регион эбии көмөҕө, идэтийбит каадырдарга наадыйара чуолкайданна. Федеральнай миниистир сорудаҕынан боппуруос суһаллык быһаарыллыахтаах.
Миниистир сэрэхтээх балаһыанньа ордук сытыытык турар субъектарыгар көмөлөһөр сыаллаах баһаардары кытта охсуһарга ыытыллар үбүлээһини хос көрө наадалааҕын бэлиэтээтэ.
Итини сэргэ, Александр Козлов атырдьах ыйын 31 күнүгэр диэри регионнар ойуур сыһыаннаһыыларын эйгэтигэр көрүллэр эһиилги үбүлээһин кээмэйин быһааралларыгар эттэ. Ити хайысханан регионнар сүрүн ороскуоттарын Арассыыйа үпкэ Министиэристибэтин иннигэр көмүскүөхтээхтэр.