22.06.2021 | 10:10

Евгений Григорьев «Якутский казачий полк» штабыгар сырытта

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу күннэргэ куорат баһылыга Евгений Григорьев уокуруктааҕы казаактар штабтарыгар сылдьан «Якутская городовая казачья команда» Устаапка илии баттаата.
Көрсүһүүгэ куорат баһылыга уонна казачество бэрэстэбиитэллэрэ уопсай былааннарын уонна инники өттүгэр бииргэ үлэлээһиннэрин туһунан кэпсэттилэр. 
«Куораттааҕы казаактар хамаандалара уопсастыбаннай бэрээдэк бөҕөргүүрүгэр, үүнэр көлүөнэни сөптөөх хайысханан иитиигэ судаарыстыба сүрүн соруктарыгар бэйэтин дьоһун кылаатын киллэрэр», - диир Евгений Григорьев.


Казаактар уопсастыбаларын чилиэннэрэ куорат баһылыгар махтанан туран куорат сайдыытын туһугар биир санаанан үлэлиир баҕаларын бигэргэттилэр. «Дьокуускайдааҕы казаактар хамаандалара өрүү куорат тирэҕэ, өйөбүлэ этэ. Сүрүн көмөбүт – өрөспүүбүлүкэ бүттүүнүгэр уопсастыбаннай бэрээдэги көрүү буолар», - диэтэ «Якутская городовая казачья команда» атамаана Иван Мещеряков. 
«Якутская городовая казачья команда» Устааба Саха сирин Баһылыга Айсен Николаев бигэргэппит 154 №-дээх ФЗ федеральнай сокуоҥҥа сөп түбэһэн, СӨ казачество сайдар стратегиятын чэрчитинэн илии баттаммыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...