21.06.2024 | 21:40

Евгений Григорьев: «Владимир Путин тус болҕомтото маастар-былаан олоххо киирэригэр эрэли эбэр»

Евгений Григорьев: «Владимир Путин тус болҕомтото маастар-былаан олоххо киирэригэр эрэли эбэр»
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэс ыйын 18 күнүгэр Дьокуускайга дойду баһылыга Владимир Путин оробуочай сырыытынан кэлэн барда. Куорат баһылыга Евгений Григорьев бэлиэтээбитинэн, Дьокуускай куорат социальнай, экономическай сайдыытыгар, нэһилиэнньэ олоҕун уйгута тупсарыгар судаарыстыба баһылыгын болҕомтото маастар-былаан олоххо киирэригэр эрэли эбэр. 
«Үлэ кыбаартала» кластерга буолбут көрсүһүүгэ Ил Дархан Айсен Николаев дойду баһылыгар Дьокуускай куорат маастар-былаанын олоххо киллэрии туһунан иһитиннэриини оҥорбута. Санатар буоллахха, бүгүҥҥү күҥҥэ былааннаммыт 90 бырайыактан 23 саҕаланна», — диир Евгений Григорьев.
Ол курдук, Сайсары күөл уонна Р. М. Дмитриев аатынан кытыл, сөтүөлүүр сир, Ленин болуоссата, 1 №-дээх оскуола, уулусса-суол ситимэ барыта маастар-былааҥҥа киирбит бырайыактар. 
Хаарбах дьиэлэр олохтоохторун көһөрөн, саҥа «Спортивнай» уонна «Звезднай» түөлбэлэр тутуллаллар.
«Владимир Путин сорудаҕынан 2030 сылга диэри Дьокуускай куоракка биир даҕаны хаарбах туруктаах дьиэ суох буолуохтаах. Ол аата тыһыынчанан киһи аныгылыы дьиэҕэ көһүөхтээх. Оттон дойду баһылыгын сорудаҕынан уонна өйөбүлүнэн ылыллыбыт маастар-былааны олоххо киллэрии тэтимэ сыл аайы улаатан эрэ иһиэҕэ. Биһигини элбэх, баараҕай үлэ күүтэр, ону, былаас, урбаан уонна уопсастыба күүстэрин түмэн, кыайыахпыт», — диэн тоһоҕолуур Евгений Григорьев.

Источник: СИА
Мария Васильева, СИА, хаартыскаҕа түһэриитэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....