14.12.2021 | 14:00

Евгений Григорьев урукку кооперативнай техникум дьиэтигэр сырытта

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Киин куорат баһылыга Евгений Григорьев ахсынньы 13 күнүгэр быстах болдьоххо 1 №-дээх орто оскуола үлэлиэхтээх сиригэр – урукку потребительскай кооперация торговай-экономическай колледжын дьиэтигэр сылдьан хапытаалынай өрөмүөн хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. Өрөмүөн 2022 сыл олунньу ыйыгар түмүктэнэн, кулун тутар ыйтан үөрэх саҕаланыахтаах. Ол туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Өрөмүөннүүр-таҥар үлэ сакаасчыгынан  «Главстрой» МХТ буолар, бэдэрээччик – «Оптима-Строй» ХЭТ.
«Главстрой» МХТ салайааччыта Алексей Варламов иһитиннэрбитинэн, өрөмүөн бары этээстэргэ график быһыытынан баран иһэр. Өрөмүөн сыанатын чопчулуурга туһуламмыт бырайыактыыр-сметалыыр докумуон үлэтэ түмүктэнэн эрэр. 
Бэдэрээччик тэрилтэ прораба эппитинэн, урукку колледж дьиэтигэр өрөмүөн ыытарга хантыраак алтынньы 15 күнүгэр түһэрсиллибит. Итини кытта тэҥҥэ бырайыактааһын уонна көтүрүү үлэтэ саҕаламмыт. Балтараа ый иһигэр хапытаалынай өрөмүөн чэрчитинэн улахан хабааннаах үлэ ыытыллыбыт. 
«Билигин эбийиэги тупсарар-ситэрэр үлэҕэ бэлэмниибит, таһынааҕы уонна иһинээҕи уот ситимин оҥоробут. Бары инженернай ситимнэри көтүрдүбүт, коммуникациялары уларыттыбыт, ол иһигэр ититэр систиэмэни уонна вентиляцияны», – диэн бэлиэтээбит  прораб Дмитрий Югай.
Дьиэни көрүү кэмигэр хапытаалынай өрөмүөн үбүлээһинин боппуруоһун дьүүллэспиттэр. Евгений Григорьев туох наадалааҕын боротокуолунан толорон олохтоох дьаһалта үпкэ Департаменыгар киллэрэргэ бэлэмнииргэ, ону сэргэ тутуу матырыйаалларын уонна сөптөөх тэрили аҕалааччылары кытта үлэни күүһүрдэргэ сорудахтаабыт. 
Итини тэҥэ 2022 сыл сааскы-сайыҥҥы кэмҥэ дьиэ таһынааҕы территорияны тупсарыы былааннанар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...