Евгений Григорьев уочараттаах тус приема буолан ааста
Куорат баһылыга Евгений Григорьев нэһилиэнньэни кытта уочараттаах көрсүһүүтэ буолан ааста.
Саха политехническэй лицей (СПЛ) дириэктэрэ Надежда Тимофеева баһылыкка Дьокуускай куоракка инженернэй (политехническэй) үөрэхтээһини сайыннарар, онуоха СПЛ базатыгар ресурснай кииннэри арыйар туһунан этиилээх кэлбит. Евгений Григорьев Куораты тутууга уонна тырааныспар инфраструктуратыгар департамеҥҥа СПЛ салалтатын кытта тэхиньиичэскэй өрүттэри дьүүллэһэн, бу этиини оскуолаҕа сыһыарыы дьиэ бырайыагар киллэрэргэ сорудахтаата.
Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын ийэтэ баһылыкка социальнай өйөбүллэр тустарынан ыйытыылаах уонна анал байыаннай дьайыы буолар сиригэр байыаска баһыылка тиксэрэр көрдөһүүлээх кэлбит. Приемҥа киниэхэ Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэннэригэр өйөбүлү оҥорор кииҥҥэ (Курашов уул., 1/1) тиийэн, сиһилии хоруйу ыларга сүбэлээтилэр.
Санатар буоллахха, баһылык гражданнары кытта эрдэттэн суруйтарыынан көрсөр. Көрсүһүүгэ суруйтарарга Сурук отделыгар эбэтэр Олохтоох дьаһалта тэрилтэлэригэр сайабылыанньа суруйуохха наада. Сайабылыанньаҕа быһаартарыахтаах боппуруоһу сиһилии ыйар уонна инники өттүгэр атын инстанцияларынан туох быһаарыы ылыллыбытын сыһыарар наада. Маны сэргэ тус дааннайдары ыйар ирдэнэр: төлөпүөн нүөмэрэ, электроннай аадырыс.
Сайабылыанньаны ыытар ньымалар:
– yakutsk@sakha.ru Олохтоох дьаһалта официальнай электроннай почтатыгар;
– 40-80-76 төлөпүөнүнэн;
– Дьокуускай к., Ленин проспега, 15 аадырыска тиийэн;
– Сурук отделын аадырыһа: Дьокуускай к., Ленин проспега, 15, 113 кэб., үлэ күннэригэр сарсыарда 09:00 чаастан киэһэ 18:00 чааска диэри (эбиэккэ тохтобул – 13:00-14:00 чч.).