Евгений Григорьев тутааччы-хампаанньалар салайааччыларын кытта көрүстэ
Кэпсэтии сүнньүнэн олорор дьиэлэри тутуу уонна территорияны биир кэлим сайыннарыы тула барда. Мунньахха куорат баһылыгын Дьокуускай уокуругун сайыннарыы боппуруостарыгар, тырааныспар өҥөтүгэр уонна тырааныспарынан хааччыйыыны тэрийиигэ солбуйааччы Антон Алексеенко, Куораты тутуу уонна тырааныспар инфраструктуратын департаменын начаалынньыга Северина Архипова, структурнай салаалар уонна биэдэмистибэлэр салайааччылара кытыннылар.
Куораты тутуу уонна тырааныспар инфраструктуратын департаменын дааннайдарынан, сыл бүтүөр диэри 307 тыһ. кв. м. иэннээх дьиэ үлэҕэ киириэхтээх, ити былырыыҥҥытааҕар үрдүк көрдөрүү.
Мунньахха Евгений Григорьев элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тутуллуохтаах сир учаастактарыгар аукцион былааннанарын туһунан иһитиннэрдэ уонна тутааччылары куонкуруска көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥырда. Итини таһынан, баһылык «Сир сыһыаннаһыыларын агентствота» МХТ, кэлэр сыл тохсунньу ыйын аһардыбакка, интириэһиргээбит тутааччылары кытта мунньах тэрийэригэр уонна картографическай матырыйаалынан ыытыллыахтаах үлэ былаанын дьүүллэһэллэригэр сорудахтаата.
Тутуу салаатын бэрэстэбиитэллэрэ кэккэ кыһалҕалаах боппуруостары ыйдылар, ол иһигэр сэттис «шумовой подзона» кыраныыссатыгар тутууну көҥүллээһин, ресурсанан хааччыйар тэрилтэлэри кытта үлэлээһин уо.д.а. Кыһалҕалары биир кэлим уонна суһал көрүҥүнэн быһаарарга өрүттэр маннык көрсүһүүлэри тиһиктээхтик ыытыах буоллулар.