12.01.2024 | 14:48

Евгений Григорьев тус приема буолан ааста

Евгений Григорьев тус приема буолан ааста
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэҕэһээ, тохсунньу 11 күнүгэр, баһылык Евгений Григорьев уочараттаах тус приема элбэх кыбартыыралаах дьиэни көрүүгэ салайар хампаанньа эбээһинэһин тула буолла. 
Ол курдук, Дзержинскэй уулуссатын элбэх кыбартыыралаах дьиэтин олохтоохторо сир сиҥнэн, дьиэ акылаата алдьааныытыгар тиэрдибитин, оттон салайар хампаанньа туһааннаах дьаһаллары ылымматын үҥсэллэр.
Салайар хампаанньа бэрэстэбиитэллэрэ иһитиннэрбиттэринэн, ыйыллар дьиэ хапытаалынай өрөмүөнэ СӨ Хапытаалынай өрөмүөн пуондатын былааныгар 2028 – 2030 сс. турар.
Евгений Григорьев салайар хампаанньаҕа Дьиэ-уот кодексатыгар элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэр кыраныыссалара ыйылларын, кадастр пааспарыгар дьиэ таһынааҕы территория бэлиэтэнэрин, киирэр суоллар, стоянкалар, оҕо балаһаакката, ТКО тоҕор сир – барыта дьиэни бас билээччилэр уопсай баайдара-дуоллара буоларынан салайар хампаанньаҕа тарыып быһыытынан төлөбүрү оҥоро олороллорун тоһоҕолоон эттэ уонна тустаах салайар хампаанньаҕа бэйэлэрин күүстэринэн территорияларын өрө тардыналларыгар, быстах өрөмүөнү оҥороллоругар уонна олохтоохтору кытта уопсай тылы булалларыгар эттэ. 
«Тиэргэн хапытаалынай өрөмүөнүн «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» бырагырааманан оҥоруохха сөп. Онуоха салайар хампаанньа дьиэни бас билээччилэр уопсай мунньахтарын тэрийэн, сайаапка ыытыан наада. Чугастааҕы кэмҥэ Хапытаалынай өрөмүөн пуондатын уонна салайар хампаанньа бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах ыксаллаах быһыыга-майгыга хамыыһыйа мунньаҕын ыытыахпыт. СӨ Хапытаалынай өрөмүөн пуондата үлэ ыксаллаах чааһын былааннаммыт болдьохтон эрдэ саҕалыырын туһунан кэпсэтии барыан наада»,– диэтэ Евгений Григорьев.
Куорат олохтоохторун олорор дьиэ кыһалҕатын таһынан уопсай туоналарга, култуура нэһилиэстибэлэригэр бөрүкүтэ суох сыһыан эмиэ долгутар. Ол курдук приемҥа Сайсары күөл тумул арыытын харыстааһын боппуруоһа көтөҕүлүннэ. Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччы 2021 сыл тохсунньу 29 күнүнээҕи 92-зр №-дээх дьаһалынан учаастакка религиознай суолта иҥэриллибит. Онон гражданка бу миэстэ ландшафтын оҥорууга аналлаах бырайыагы үбүлээһиҥҥэ көмө көрдөстө. 
Санатар буоллахха, баһылык гражданнары кытта эрдэттэн суруйтарыынан көрсөр. Көрсүһүүгэ суруйтарарга Сурук отделыгар эбэтэр Олохтоох дьаһалта тэрилтэлэригэр сайабылыанньа суруйуохха наада. Сайабылыанньаҕа быһаартарыахтаах боппуруоһу сиһилии ыйар уонна инники өттүгэр атын инстанцияларынан туох быһаарыы ылыллыбытын сыһыарар наада. Маны сэргэ тус дааннайдары ыйар ирдэнэр: төлөпүөн нүөмэрэ, электроннай аадырыс.
Сайабылыанньаны ыытар ньымалар:
– yakutsk@sakha.ru Олохтоох дьаһалта официальнай электроннай почтатыгар;
– 40-80-76 төлөпүөнүнэн;
– Дьокуускай к., Ленин проспега, 15 аадырыска тиийэн;
– Сурук отделын аадырыһа: Дьокуускай к., Ленин проспега, 15, 113 кэб., үлэ күннэригэр сарсыарда 09:00 чаастан киэһэ 18:00 чааска диэри (эбиэккэ тохтобул – 13:00-14:00 чч.).

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....