Евгений Григорьев Труд уонна Очиченко уулуссаларын өрөмүөнүн бэрэбиэркэлээтэ
Икки өрөмүөннэнэр учаастакка буорун уларытыы, аспааллааһын, бордюр ууруута ыытылынна. Труд уулуссатыгар уот ситимин 19 саҥа тирээбилэ, оттон Очиченко уулуссатыгар – 26 туруорулунна, 56 светильник уларытылынна.
«Главстрой» МХТ информациятынан, быйыл Ленин проспегар уонна Труд уулуссатыгар тымныыны тулуйар ууну ыытар лотуоктары оҥордулар, кинилэр 60 тоннаҕа диэри ыйааһыны тулуйаллар.
Билиҥҥи туругунан Труд уулуссатыгар суолтан түһүүлэри, тротуардары, парковкалары аспааллааһын, уот ситимин тирээбиллэрин таһаарыы уонна көҕөрдүү үлэтэ түмүктэнэн эрэр.
Очиченко уулуссатыгар суолтан түһүүлэри, тротуардары, оптуобус тохтобулларын аспааллааһын, сырдатыы үлэтэ түмүктэнэрэ чугаһаата.
Суолу оҥорооччулар өрөмүөн сүрүн үлэтэ балаҕан ыйын 27 күнүгэр диэри түмүктэнэр диэн иһитиннэрдилэр. Үлэ генеральнай бэдэрээтчитэ – «РИК Автодор» АУо, суббэдэрээтчит – «Сэттэ» ДРСУ ХЭТ.