01.09.2022 | 16:00

Евгений Григорьев тиэргэннэри тупсарыыны бэрэбиэркэлээтэ

Куорат баһылыга Евгений Григорьев Гагарин уокуругун Кузьмин уул., 29, 29/1, 29/2 нүөмэрдээх дьиэлэрин тиэргэннэригэр тупсаран оҥорууну бэрэбиэркэлээтэ диэн иһитиннэрдэ Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.
Евгений Григорьев тиэргэннэри тупсарыыны бэрэбиэркэлээтэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тиэргэн территорияларын кэрийэн көрүүгэ Гагарин уокуругун управатын салайааччыта Евгений Сидоренко, «Главстрой» МХТ бэрэстэбиитэллэрэ, бэдэрээтчит тэрилтэ үлэһиттэрэ кытыннылар.

Управа салайааччытын информациятынан, уокурукка Кузьмин уул., 26/3, 28/3, 30/2, 30/3, 34, 34/1, Можайскай уул., 17/5, 17/6 тиэргэннэрэ аспаалламмыт.

«Можайскай уулуссатын 19,19/1, 21, 21/1 уонна Кузьмин уулуссатын 29, 29/1, 29/2 нүөмэрдээх дьиэлэрин тиэргэннэрэ аспаалланара хаалла. Итиэннэ Кузьмин уул., 28/3 уонна Можайскай уул., 21/1 кыһалҕалаах тиэргэннэринэн быһаарыы ылынныбыт», - диэн иһитиннэрдэ Евгений Сидоренко.

Бэдэрээтчит чуолкайдаабытынан, Кузьмин уул., 28/3, 34, 34/1 тиэргэннэригэр буорун уларыппыттар.

Евгений Григорьев графиктан хаалыы баарын бэлиэтээн туран бэдэрээтчит тэрилтэҕэ үлэни тэтимирдэригэр сорудахтаата. Хас биирдии учаастак уустуктардаах буолан үлэ хаамыытыгар уонна былааҥҥа уларытыылар киирбиттэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....