23.12.2022 | 11:00

Евгений Григорьев суруналыыстары кытта көрүстэ

Евгений Григорьев суруналыыстары кытта көрүстэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сылаас тохтобулларга, оптуобус маршруттарыгар, суол өрөмүөнүгэр уонна да атын киин куорат олохтоохторун долгутар ыйытыыларга суруналыыстары кытта пресс-конференцияҕа куорат баһылыга Евгений Григорьев хоруйдаата.

Куорат олохтоохторо кыһыҥҥы кэмҥэ сылаас тохтобулларга наадыйалларын, үгүс тохтобул үлэлээбэтэ бэлиэтэннэ. Баһылык куорат үрдүнэн баар сылаас тохтобуллар үлэлэрэ мэлдьи хонтуруолланарын, быйыл вандаллар 9 тохтобулу алдьаппыттарын кэпсээтэ.

Сорох маршруттарга оптуобус аҕыйаҕа этилиннэ. Евгений Григорьев оптуобус маршруттарын үөрэтэргэ, төһө пассажир айанныырын уонна ханан оптуобус сылдьара ирдэнэрин чопчулуурга научнай чинчийии оҥоһулларын, түмүгэ эһиилги сыл бастакы кыбаарталыгар биллиэхтээҕин, эбии өссө сүүс оптуобуһу ылар былаан баарын иһитиннэрдэ. Баһылык куорат нэһилиэнньэтэ сылын аайы 3% эбиллэн иһэрин бэлиэтээтэ.

Тыын суолталаах боппуруостартан биирдэстэрэ – арыгы эргинэр туочукалар, «2022 сылга улахан үлэни ыыттыбыт. Ол курдук, ыам ыйыгар арыгы атыылыыр сирдэр социальнай эбийиэктэртэн 100 м тэйиччи туруохтаахтарын туһунан уурааҕы ылыммыппыт уонна ырааҕын кээмэйдиир оросчуоту уларыппыппыт. Билигин аантан ааҥҥа диэри, көнөтүк ааҕабыт. Ити миэрэ көмөтүнэн куорат киинигэр саҥа алкомаҕаһыыннар арыллаллара бобуллубута», - диэтэ баһылык.

Пресс-конференция туһунан сиһилии хаһыат кэлэр нүөмэригэр тахсыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...