Евгений Григорьев: “Суол тутуута – уопсай дьыалабыт”
Быйыл Дьокуускай куорат уокуругар «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара» национальнай бырайыак чэрчитинэн киэҥ далааһыннаах үлэ ыытылынна. Ол курдук, 2020 сылга 28 эбийиэккэ хапытаалынай өрөмүөн, тутуу уонна саҥардыы үлэтэ ыытылынна. Уопсайа – 23,5 км усталаах суол ситимэ.
Аҕыйах хонуктааҕыта куорат баһылыгын бастакы солбуйааччы Евгений Григорьев Zoom нөҥүө пресс-конференцияҕа быйылгы үлэ сүрүн түмүктэрин таһаарда. Төһө да пандемия биллэриллибитин үрдүнэн, былааннаммыт барыта туолла.
Уруккуга холоотоххо, үлэ кээмэйэ 2-3 төгүл үрдээбит. Ону таһынан муниципальнай бүддьүөттэн суол өрөмүөнүгэр уонна тутуутугар үбүлээһин 2 төгүл элбээбит.
Быйыл суол тутуутугар 1,573 млрд солкуобай үп көрүллүбүтэ. Онтон 517 мөлүйүөнэ – муниципальнай, 560 мөлүйүөн солкуобай – өрөспүүбүлүкэттэн, 496 мөлүйүөн солкуобай – федеральнай бүддьүөттэн.
Олохтоохтор санаалара – инники күөҥҥэ
Национальнай бырайыакка киириэхтээх эбийиэктэр испииһэктэрэ оҥоһулларыгар суоллар техническэй туруктара, социальнай уонна экономикаҕа суолталара учуоттанар. Ону таһынан суол саахала үгүстүк тахсар сирдэрэ улахан болҕомтоҕо ылыллар.
Сорох уулуссалар испииһэккэ олохтоохтор көрдөһүүлэринэн, туруорсууларынан киирэллэр. Урут да, билигин да нэһилиэнньэ санаата – инники күөҥҥэ. Манна куорат баһылыга Сардана Авксентьева үлэтигэр тутуһар сүрүн этиитин хатылыыр тоҕоостоох – “Барытын киһи быһаарар”.
Евгений Николаевич киин куорат көхтөөх олохтоохторо суол үлэтигэр быһаччы кыттыыны ылалларын, итэҕэһи-быһаҕаһы кыраҕытык кэтииллэрин кэпсээтэ. Дьокуускайбыт тупсарын туһугар ис сүрэхтэриттэн долгуйар дьоҥҥо махталын биллэрдэ.
Нэһилиэктэргэ – улахан болҕомто
Бырайыак быйылгы испииһэгэр киин куорат нэһилиэктэрэ киирбиттэрэ. Евгений Григорьев этэринэн, сорох уулуссалар сэбиэскэй кэмтэн оҥоһуллубакка турбуттар. Ол курдук, уопсайа 14 эбийиэккэ – Маҕаҥҥа (Алымов, Киров), Пригороднайга (Новая), Хатаска (Аржаков, Совхознай), Тулагыга (Связистэр, Уваровскай, Порядин), Кангалаас микрооройуонугар (Пионерскай, Лесной, Объездной) Табаҕаҕа (Березовай, Каландаришвили, Строителей) өрөмүөн үлэтэ күөстүү оргуйда. Эһиилги былааҥҥа хас да эбийиэк киирэ сылдьара ордук үөрүүлээх.
Хаһааҥҥытааҕар да элбэх тротуар оҥоһулунна
Бу туһунан куорат баһылыгын бастакы солбуйааччы пресс-конференциятыгар киэн тутта кэпсээтэ. Ол курдук, 22 эбийиэккэ (көһө сылдьар эбийиэктэри киллэрэн туран) уопсайа 58 тыһыынча кв.миэтэрэ тротуар оҥоһулунна. Инники икки сылы тэҥнээн көрүөххэ: 2018 с. – 18 тыһыынча кв. миэтэрэ, оттон 2019 с. – 26, 5 тыһ.кв.миэтэрэ.
Киин куоракка суол тутуутугар саҥа ньымалары, технологиялары тобуларга дьулуһаллар. Маныаха, биллэн турар, биһиги тыйыс айылҕалаах сирбит усулуобуйата эмиэ учуоттанар. Ол курдук, быйыл ресайклинг диэн сонун технологиянан “РИК Автодор” тэрилтэ үлэһиттэрэ Маҕан, Пригороднай, Хатас уонна Кангалаас суолларын оҥордулар. Евгений Григорьев бу ньыма көдьүүстээҕин, барыстааҕын уонна үлэ тэтимнээхтик барарын бэлиэтээтэ.
Түһүмэҕинэн, чопчу бэрээдэгинэн
Суол үлэтин хас да көрүҥэ баар. Оттон сорох эбийиэккэ ол хас да түһүмэҕинэн ыытыллар. Аны көһө сылдьар эбийиэктэр бааллар. Бу туһунан хаһыаппытыгар үгүстүк сырдатабыт. Онтон элбэхтэн аҕыйаҕы ааттыахха. Холобур, хапытаалынай өрөмүөҥҥэ суолу барытын көтүрэллэр, олоҕун хос оҥороллор, онтон саҥаттан тэлгииллэр. Ардыгар суол аннынан ааһар коммуникацияны барытын сыҕарытар сорук турар. Холобур, маныаха уот, уу, канализация ситимин көһөрүү киирэр (онуоха ресурсалары салайар тэрилтэлэри кытта сөбүлэҥ түһэрсиллэр). Уу ааһар лотуоктарын саҥардыы үлэтэ сыанан-арыынан аҕаабат.
Балаһаны кэҥэтии этэргэ эрэ дөбөҥ. Ол иһигэр, баҕарбатаҕыҥ да иһин, мас кэрдиитэ эмиэ баар буолуон сөп. Быйыл киин уулуссалары кэҥэтэргэ, эбии балаһаны оҥорорго (уҥа диэки салайарга) уустук быһаарыныы ылыллыбыта. Ол эрээри сакаасчыт көҕөрдүү үлэтин хос ыытар эбээһинэстэммитэ.
Сатыы сылдьар дьон сирдэрин күрүөлээһини, тротуардары оҥорууну, көҕөрдүүнү, сырдатыыны, тохтобуллары оҥорууну, суол бэлиэлэрин туруорууну, о.д.а. ааҕан сиппэккин. Киһи “бытархай” үлэ диирэ табыллыбат.
Маныаха билиҥҥи бюрократия үйэтигэр докумуоннаһыы эбиллэр. Бу үгүс сыраны эрэйэр үлэни сир тоҥо илигинэ, кылгас кэм иһигэр бүтэрэр-оһорор, ситэрэр-хоторор уустуга чахчы.
Ханнык баҕарар үлэ саҕаланыан иннинэ техническэй аудит ыытылларын туһунан Евгений Григорьев өссө төгүл бэлиэтээн эттэ.
Хаачыстыбаны ирдиир сүрүн сорук
Сорох эбийиэктэр ситэ туттарылла иликтэр. Сэтинньи 15-23 күннэригэр Три Сосны, Курнатовскай уонна Свердлов уулуссаларыгар итэҕэһи-быһаҕаһы туоратыы үлэтэ ыытыллыаҕа – сырдатыы, сатыы дьон сылдьар хаххаларын бөҕөргөтүү уонна суолтан хаары ыраастааһын.
Сэтинньи 16-20 күннэригэр Орджоникидзе, Петровскай уонна Курашов уулуссаларыгар анал хамыыһыйа үлэни тутуоҕа. Бэдэрээтчит – “Алаас” хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ.
Афанасий Александров, «Главстрой» тэрилтэ дириэктэрин солбуйааччы: «Кэнники икки сылга үлэ кээмэйэ, эбийиэк, бэдэрээтчит ахсаана олус элбэх. Биһиэхэ үлэ хаачыстыбалаах буолуута уонна өрөмүөннэммит суоллар стандартка эппиэттииллэрэ ордук суолталаах».
Үлэ бары көрүҥэ гарантиялаах диэн бэлиэтээн ааһар тоҕоостоох. Ол курдук, суол үрдүкү бүрүөһүнүгэр 4-5 сыл, аллараа дьапталҕатыгар 5 сыл, суол олоҕор 6 сыл, сир болотунатыгар 8 сыл гарантия көрүллэр. Бу болдьох иһигэр бэдэрээтчик итэҕэһи-быһаҕаһы туоратыахтаах, онно эбии үбүлээһин көрүллүбэт.
Суол төһө өр сулууспалыахтааҕый? Ыйыллыбыт болдьоххо диэри бүтүн турар дуо? Бу туһунан пресс-конференцияҕа биир суруналыыс ыйытта. “Суол бачча өр туруо диэн ким да чопчу этэр кыаҕа суох. Төһө уһун үйэлэнэрэ бу эбийиэккэ сырыы төһө элбэҕиттэн тутулуктаах”, – диэн хоруйдаата Евгений Николаевич.
Кыһалҕаны быһаарыахтаах
Сыл аайы үлэ кэмигэр оптуобустар сырыылара уларыйар, суоллар сабыллаллар. Бу кэккэ мэһэйдэри үөскэтэр. Тырааныспар сырыыта хааччахтамматын туһугар сорох үлэ түүннэри тэриллэрин бу сайын элбэхтэ көрбүт-истибит буолуохтааххыт. Барыта – тапталлаах Дьокуускайбыт сайдарын, тупсарын туһугар.
Сорох уларыйыыга киһи ылбычча үөрэммэт. Ол курдук, Гимеин саҥа эргииригэр булкуллуу-тэккиллии тахсыбытын көрдөрөр видеолар социальнай ситимнэргэ тарҕаммыттара. Бастаан утаа сорох суоппардар утары айаннаан, суол быраабылатын кэспиттэрэ.
–Кэнэҕэскитин информационнай матырыйааллары эрдэттэн уһулуохпут, бэчээттэтиэхпит. Баҕар, анал баннердары ыйыахпыт. Билигин онно ким да сыыһа айаннаабат. Уруккуга холоотоххо, суолга тохтоон туруу, харан туруу суох буолла, – диэтэЕвгений Николаевич.
Манна бэлиэтээн аастахха, Гимеин сырыыта элбэҕинэн биллэр. Хас да оптуобус сылдьар буолан, тимир көлөлөр харан турааччылар. Бу оройуоҥҥа урукку өттүгэр суол быһылаана үгүстүк тахсара бэлиэтэнэр. Саҥа эргиир бу кыһалҕалары быһаарыа диэн эрэнэбит.
Эһиилги былаан – 18 эбийиэк
Куорат баһылыгын бастакы солбуйааччы 2021 сылга “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыак чэрчитинэн 18 эбийиэккэ үлэ ыытыллара былааннанарын туһунан иһитиннэрдэ.
Ол курдук, 2021 сылга Ленин проспегар (Хабаров уулуссатыттан Краснояров уулуссатыгар диэри учаастак), Окружной шоссеҕа (Жорницкай уул. Бүлүү трагар диэри, үлэ 2-с уочарата), Бабушкин уулуссатыгар (Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уул. Очиченко уул.диэри), Пирогов уулуссатыгар (Петр Алексеев уул. Жорницкай уул. диэри), Ильменскэй уулуссаҕа (Чайковскай уул. Билибин уул. диэри) хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ ыытыллыаҕа.
Ону таһынан Автодорожнай уокурукка Иван Кульбертинов, Гагаринскай уокурукка Жуковскай, Авиатордар, Можайскай, Строительнай уокурукка Халтурин уулуссалара, Мархаҕа Советскай уонна Олег Кошевой уулуссата, Тулагыга Николаев уулуссата өрөмүөннэниэҕэ.
Винокуров уулуссатыгар (Ильменскэй уул. Чайковскай уул. диэри учаастак) уонна Кангалааска Нагорнай уулуссаҕа суол ситимин саҥардыы үлэтэ ыытыллыаҕа.
Хатаска, Тулагыга, Табаҕаҕа элбэх оҕолоох ыаллар олорор кыбаарталларыгар киирии суол тутуллуоҕа. Ол курдук, уопсайа 30 км кэриҥэ суол өрөмүөннэниэҕэ. Маныаха 1,2 млрд солкуобай көрүллүөҕэ.
–Суоллар, бастатан туран, куорат олохтоохторугар оҥоһуллар. Ким баҕарар куорат салалтатыттан уонна бэдэрээтчиттэртэн бары ирдэбиллэри, технологиялары тутуһалларын, хаачыстыбалаах суоллары эрэйэр бырааптаах. Нэһилиэнньэ кыттыыта – суол үлэтин хаачыстыбатын хонтуруоллуур бастыҥ инструмент, – диэн тылларынан Евгений Григорьев суруналыыстары кытта онлайн көрсүһүүнү түмүктээтэ.
Ол курдук, 2019-2024 сылларга, биэс сыл устата, киин куорат суолларын 85 бырыһыана тупсарыллыаҕа. Элбэҕи эрэннэрэр кэскиллээх бырайыак сыыйа-баайа олоххо киирэр. Үтүмэн үлэ – иннибитигэр.