22.11.2021 | 11:30

Евгений Григорьев Сайсары уокуругар үлэлээтэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сэтинньи 19 күнүгэр нэдиэлэтээҕи уокуруктары уонна куорат кытыытын кэрийии чэрчитинэн Евгений Григорьев Сайсары уокуругар көһө сылдьар мунньаҕы ыытта. Куорат баһылыга «Школьный мир» библиотекаҕа сырытта,  «Гимеин» оройуонугар саҥа уопсастыбаннай миэстэ тутуллуон сөптөөх сирин уонна  Билибин уул., 13 элбэх кыбартыыралаах дьиэни киин канализацияҕа холбуур боппуруоһу  көрдө. Ол туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. 
Маяковскай уул., 81 баар «Школьный мир» библиотека кэлэктиибэ куорат баһылыгар саҥа дьиэ наадатын туһунан эттэ. Билигин үлэлиир дьиэлэрэ 1971 сыллаахха тутуллубут, билиҥҥи туруга оҕо библиотекатын ирдэбилигэр  эппиэтээбэт. 
«Манна тымныы, дьиэ үрдэ аллараа түһэн турар, үлэһиттэр тымныйан сотору-сотору ыалдьаллар. Өрөмүөн бүтэһигин 2007 сыллаахха оҥоһуллубут. Дьиэ иэнэ – 252 кв. м. Библиотекабыт бэйэтэ туспа историялаах уонна Сайсары уокуругар соҕотох култуура киининэн буолар. Манна айар интеллигенция бэрэстэбиитэллэрин кытта көрсүһүүлэр, презентациялар, кыраайы үөрэтэр кулууптар мунньахтара ыытыллар. Сылын аайы 5 тыһыынчаттан тахса ааҕааччы сылдьар, пуондабытыгар 29 тыһыынча кинигэ баар», – диэн кэпсээтэ  сэбиэдиссэй Валентина Яковлева.
Евгений Григорьев туһааннаах структураларга уокурукка спорт саалалаах, кулууптаах уонна библиотекалаах элбэх функциялаах киини тутар боппуруоһу быһааралларын курдук сорудахтаата. 
«Гимеин» эргийэр суолугар куорат баһылыга сокуоннайа суох атыы миэстэтин уонна уопсастыбаннай миэстэни тутуохха сөптөөх сири көрдө. Куорат территорияларын тупсарыы чэрчитинэн олохтоохторго уопсастыбаннай миэстэ тутар туһунан этиини Сайсары уокуругун Управатын салайааччыта Владимир Слепцов киллэрбит. 
Кэрийии түмүгүнэн баһылык Уокуруктааҕы дьаһалта куораты тутар блогар ити бырайыагы олоххо киллэрэр былааҥҥа эбэллэригэр сорудахтаата. Итини сэргэ, кини тупсарыы бырагырааматыгар Лермонтов уулуссатын 138 №-дээх дьиэтин территорията киирэрин бэлиэтээтэ.  
Билибин уул., 13 сыһыаннаан «Сфера комфорта» салайар хампаанньа бэрэстэбиитэллэрэ эппиттэринэн, кыһыҥҥы кэмҥэ «Жилкомсервис» МУТ кыайан хачайдаабат, ол иһин турбалар тоҥоллор уонна тиһиктээхтик чалбахтар үөскүүллэр. Салайар хампаанньаҕа дьиэни киин канализация ситимигэр холбуурга бырайыактыыр-сметалыыр докумуоннары оҥороллоругар сүбэлэннэ. 
Евгений Григорьев салайар хампаанньалар салайааччыларын кытта мунньахтаата, тиэргэн территорияларын тупсарыы бырагырааматыгар көннөрүүлэри киллэрэллэрин курдук эттэ. Итини сэргэ мунньахха канализация ситимнэрин тупсаран оҥоруу туһунан этиилэр киирдилэр. 
«ОДьКХ систиэмэтин кыһалҕаларын кыттыһан быһаарыахпытын наада. Нэһилиэнньэни кытта кэпсэтиини сатаан ыытар улахан суолталаах. Үчүгэй салайар хампаанньа намыһах тарифтаах буолбатах – хаачыстыбалаах уонна түргэн өҥөлөрдөөх», – диэн бэлиэтээтэ  Евгений Григорьев.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....