30.04.2021 | 19:07

Евгений Григорьев саҥа салайааччылары анаата

Строительнай уокурук салайааччытынан Василий Васильевич Рязанскай ананна, оттон Автодорожнай уокуругу Александр Александрович Иванов салайар буолла. Николай Николаевич Мартынов “Уопсастыбаннай эйгэлэри салайар киин” муниципальнай автономнай тэрилтэ дириэктэрэ буолла.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн, муус устар 30 күнүгэр, киин куорат баһылыга Евгений Григорьев бу туһунан дьаһалга илии баттаата.

Рязанскай Василий Васильевич 1970 сыллаахха балаҕан ыйын 22 күнүгэр Чурапчы улууһун Чурапчы сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ.

Үрдүк үөрэхтээх, тэрилтэ менеджерэ идэлээх. 2015 сыллаахха “Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай салайыыны быраабынан хааччыйыы” идэҕэ саҥаттан бэлэмниир бырагырааманы бүтэрбитэ.

Үлэтин суола Чурапчытааҕы эт-үүт кэмбинээтиттэн саҕаламмыта.  Араас кэмҥэ салайар дуоһунастарга үлэлээбитэ.

2019-2021 сс. – В.А. Босиков аатынан Музыка Үрдүкү оскуолатыгар научнай уонна айар үлэ отделын уопсастыбаннаһы кытта сибээс специалиһа.

Иванов Александр Александрович 1988 сыллаахха от ыйын 21 күнүгэр Дьокуускай куоракка төрөөбүтэ.

Үрдүк үөрэхтээх юрист. 2010-2011 сс. Мииринэй куоракка Оҕо спортивнай оскуолатыгар үлэлээбитэ. 2013 сылтан Дьокуускай куорат муниципальнай тэрилтэлэригэр араас дуоһунастарга үлэлээбитэ.

2015-2019 сс. – “Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа” муниципальнай хааһына тэрилтэтигэр быраап отделын начаалынньыга.

2019-2021 сс. – Дьокуускай куорат Промышленнай уокуругун управлениетын начаалынньыга.

Мартынов Николай Николаевич 1981 сыллаахха от ыйын 24 күнүгэр Дьокуускай куоракка төрөөбүтэ.

Үрдүк үөрэхтээх, политолог, история учуутала идэлээх. Биир кэмҥэ предприниматель быһыытынан үлэлээбитэ. Уопсастыбанньык.

2018 сыллаахха  «Арена 31» ыччат киинин төрүттээбитэ. 2018 сылтан “Дьокуускай куорат Аҕаларын сэбиэтэ” уопсастыбаннай тэрилтэ тэрийээччитэ уонна чилиэнэ.

2019 сылтан Дьокуускай куорат Уопсастыбаннай Палаататын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, СӨ Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларыгар министиэристибэтин Уопсастыбаннай Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, “Народный Фронт «За Россию» Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай хамсааһын Саха сиринээҕи салаатын чилиэнэ.

2020 сылтан СӨ предпринимателлэрин быраабын көмүскүүр боломуочунай уопсастыбаннай бэрэстэбиитэлэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....