02.08.2022 | 14:00

Евгений Григорьев саҥа маршрут оптуобуһун көрдө

Евгений Григорьев саҥа маршрут оптуобуһун көрдө
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат баһылыга Евгений Григорьев, «ЯПАК» МУТ дириэктэрэ Валерий Домотов бүгүн 100 №-дээх куорат иһинээҕи саҥа маршрут оптуобуһун көрдүлэр-иһиттилэр. Тырааныспары характеристикатыгар сөп түбэһиитин бэрэбиэркэлээтилэр уонна маршруту кытта билистилэр диэн иһитиннэрдэ Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата. 
Ити курдук, саҥа 100 №-дээх маршрут оптуобуһа «Медкиин» тиһэх тохтобулуттан «Аэропорт» түмүктүүр тохтобулугар диэри сылдьар. Айанын устун оптуобус Гимеин – ЯГСХ – Триумф – Муус Хайа – Автовокзал – Цирк – ЯСХТ – Кулаковскай аатынан КД – Банковскай – Столичнай ырыынак – Новопортовской – Аэропорт  тохтобулларынан ааһар.
Евгений Григорьев уонна Валерий Домотов болҕомтолорун төһө элбэх пассажир сылдьарыгар, оптуобус аэропортка киирэригэр уурдулар. Пассажирдар уонна аэропорт үлэһиттэрэ саҥа маршрут олус табыгастааҕын бэлиэтээтилэр. 
«Билиҥҥи туругунан куорат иһинээҕи маршрукка 100 №-дээх биэс оптуобус боруобалааһыны ааһа сылдьаллар, салгыы ити маршрут оптуобуһун 15-20 ахсааҥҥа тириэрдэр былааннаахпыт», - диэн эттэ «ЯПАК» МУТ дириэктэрэ Валерий Домотов.
Суоппар иһитиннэрбитинэн, сайын устата пассажирдар саҥа КАВЗ 4270 мааркалаах оптуобустары табыгастаахтар диэн биһирээбиттэр. Итинник оптуобус уопсайа 90 пассажиры батарарга оросчуоттаммыт, доруобуйаларынан хааччахтаах гражданнарга барсар усулуобуйалаах, видеонан кэтээн көрөр камералардаах уонна кондиционердаах. 
Саҥа маршрутунан оптуобустар атырдьах ыйын 1 күнүттэн сылдьан саҕалаатылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....