Евгений Григорьев: “Сөптөөх бэлэми бардыбыт”
Дьокуускай куорат баһылыгын эбээһинэһин толоро сылдьыбыт Евгений Николаевич Григорьев бүгүн Киин быыбардыыр хамыыһыйаҕа 13 ч. Уокуруктааҕы баһылык дуоһунаһын быыбарыгар кандидатынан регистрацияланна уонна 14 ч. “Территориялары салайыы агентствота” МУТ хонтуоратыгар суруналыыстарга пресс-конференция оҥордо.
Биир чаас иһигэр элбэх ыйытыкка хоруйдаата.
Бастаан бу саалаҕа 2018 сылга бэс ыйыгар Сардаана Авксентьева мээр солбуйааччытынан ыҥырыытынан ананан кэлиэҕиттэн үлэтин саҕалаабытын билиһиннэрдэ. Хас улахан тутууну ыытарга, ханнык суолу оҥорууга барыларыгар биирдии анал дуоскалары ыйаабыттар. Онно испиискэ хаатын саҕа силимнээх кыһыллыҥы тэтэркэй, күөх, саһархай кумааҕыларга ким тугу оҥоруохтааҕа, оҥороро суруллан сыһыарыллыбыт. Төһөнөн элбэх кумааҕы ыйаммыт – оччонон элбэх тэрилтэ хабыллыбыт. Сакаасчыт, бэдэрээччит, эппиэттээх кумааҕыга дьүһүннэринэн тугу оҥорбуттарын, ситэрэ иликтэрин тута билэр. Онон мунньахтары уһаппакка түргэнник быһаарсарга көмөлөһөр эбит.
Аан бастаан “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар” национальнай бырайыакка киирэргэ докумуону баттаһан оҥоруо суохпут диэн аккаастаныах түгэҥҥэ түргэнник толкуйдааһын, сүүрүү–көтүү түмүгэр элбэх ситиһиллибит. Ааспыт сылга хайа да сыллааҕар элбэх суол оҥоһуллуохтааҕа, өрөмүөннэниэхтээҕэ былааҥҥа кииирбитэ болдьоҕор ситэриллибит. Быйылгы сылга быһа холуйан 50-чэ км суол оҥоһуллара уонна өрөмүөннэнэрэ, Ленин проспега олох аныгылыы саҥардыллара күүтүллэр. Кандидат этэринэн, ити хайысхаҕа, айылҕа мэһэйдээбэтэҕинэ, урукку сыллардааҕар түөрт-биэс төгүл, былырыыҥҥытааҕар икки төгүл элбэх, ол эбэтэр кэнники уонча сыл оҥоһуллубут саҕа үлэ толорулларыгар үп тыырыллыбыт. Евгений Григорьев “Онно бу икки сылга дьону араастык үөрэтэн, сөптөөхтүк эрчилиннибит” диэн уобарастаан, толору бэлэмнээхтэрин биллэрэр.
Куоракка баар оптуобус тохтобулларыттан “сылааһа” 32 эрэ, ити барытыттан 10 бырыһыана. Өссө тупсарыллыбыт “сылаас тохтобул” бу кулун тутар сүүрбэтигэр үс, сыл устата 20 эбии үлэҕэ киириэҕэ.
Дьокуускайга үс аан дойду таһымыгар үлэлиир айти хампаанньа баар. Ордук “Майтона” элбэх киһини үрдүк хамнастаан үтүө холобуру көрдөрөр. Оҕону, ыччаты итини батыһыннарарга болҕомто уурар баҕалаах. Бүгүн “Ниагара” өрөмүөнүн көрбүт, айтикулууп оҥорорго туһаайбыт.
“ОДьКХ ситимэ эргэрдэ, - диир Евгений Николаевич, - ол үрдүнэн кытаанах ирдэбилинэн улахан алдьаныыны таһаарбакка сааска тиийдибит. Эһиилги кыстыкка элбэх ситим уларытыллара эрэйиллэр”.
Хаарбах дьиэлэртэн көһөрүүнү урут чааһынай дьон сайабылыанньа биэриигэ төлөбүрдэрин ситэ оҥорботторуттан хойутааһын тахсыбыт. Кэлин докумуоннарын төлөбүрдэригэр спонсордааһыны тэрийэн хамсатыы барбыт. Ити федеральнай барыгыраама 2024 сылга түмүктэнэр, онуоха диэри, кыаллар буоллаҕына, онно тиэрдибэккэ мас дьиэлэртэн барыларыттан көһөрүүнү ситиһэргэ дьулуһуохпут диир ыйытыкка хоруйдааччы.
Тутааччы идэлээҕинэн, онно үлэлээбитинэн ордук олорор дьиэлэри уонна оскуолалары, уһуйааннары тутууну түргэтитиигэ санаата бөҕөх.