07.09.2021 | 16:17

Евгений Григорьев «Россия 24» телевизионнай ханаал быһа эфиригэр таҕыста

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Балаҕан ыйын 6 күнүгэр Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев «Россия 24» телевизионнай ханаал «Прямой эфир с городом» бырагырааматыгар быһа эфиргэ тахсан олохтоохтор ыйытыктарыгар хоруйдаата. Ол туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. 
Евгений Николаевич киин куорат социальнай-экономическэй сайдыытын былааннарын, «Куттала суох уонна хаачыстыбаннай суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн үлэ хаамыытын, хаарбах туруктаах дьиэлэртэн гражданнары көһөрүү бырагыраамаларын, Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн «Мой двор» бырайыак олоххо киириитин уонна оттук сезона саҕаланыытын туһунан кэпсээтэ. 
Баһылык информациятынан, бүгүҥҥү күҥҥэ киин куоракка эргэ уонна хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү бырагырааматын иккис түһүмэҕэ салҕанар. Санатан эттэххэ, иккис түһүмэххэ 2012 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2017 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри хаарбах туруктааҕынан билиниллибит дьиэлэр киирэллэр. 
«Дьокуускай куорат территориятыгар 165 итинник дьиэ киирбит. Гражданнары көһөрүү график быһыытынан барар», – диэтэ Евгений Григорьев.
Итини сэргэ куорат баһылыга сокуон уларыйбытынан сибээстээн, холобур, эргэ дьиэ компенсациятын кээмэйиттэн мөккүөрдээх түгэннэр тахсыбыттарын бэлиэтээтэ. 2019 сыл ахсынньы ыйыгар ылыныллыбыт сокуон көннөрүүтүгэр олоҕуран, «дьиэ хаарбах туруктааҕынан билиниллибитин кэннэ бас билиигэ ылбыт гражданнар, нэһилиэстибэҕэ ылбыттартан ураты, атыылаһан ылбыт сыанатыттан элбэх төлөбүрү ылбаттар».
«2025 сылга диэри былааннанан киирбит бырагыраама иккис түһүмэҕэр 173 кыбартыыра дьиэ хаарбах туруктааҕынан билиниллибитин кэннэ ылыллыбыттар. Билиҥҥи туругунан суутунан быһаарсыы бара турар. Ити Арасыыйаҕа киэҥник тарҕаммыт көстүү», – диэн бэлиэтээтэ  куорат баһылыга.
Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин «Биир ньыгыл Арассыыйа» съеһигэр 2021 сыл тохсунньу 1 күнүгэр хаарбах туруктааҕынан билиниллибит дьиэлэр олохтоохторун көһөрөр саҥа бырагыраамаҕа 45 млрд. солкуобайы көрөр туһунан этиини киллэрбитэ. Евгений Григорьев эппитинэн, ити хайысханан икки сыл тухары Уокуруктааҕы дьаһалта киэн далааһыннаах үлэни ыытар. 
«Билигин эргэ эбэтэр хаарбах туруктаах дьиэлэргэ баар кыбартыыралар бас билээччилэрэ дьиэни оннугунан билинэргэ биир эрэ сайабылыанньаны суруйаллар. Атын үлэтин, ол иһигэр экспертизаны ааһыыны, отчуоттары толорууну барытын куорат дьаһалтата оҥорор. 2017 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2022 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри хаарбах туруктааҕынан 615 элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри билиннибит, ити 300-чэ тыһыынча кв. м. олорор дьиэ», – диэн иһитиннэрдэ  Евгений Григорьев.
Быһа эфир кэмигэр куоракка үһүс сылын үлэлиир «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар үлэ хаамыыта сырдатылынна. Евгений Григорьев иһитиннэрбитинэн, 2019 уонна 2020 сылларга киин куоракка 50 км кэриҥэ суол тутуллубут уонна өрөмүөннэммит. 2021 сылга эмиэ итиччэ оҥоһуллуохтаах. 
Куорат баһылыга эппитининэн, Уокуруктааҕы дьаһалта  2021-2023 сыллардааҕы тупсарыы үлэтин Үс сылын чэрчитинэн тиэргэн территорияларын тупсаран оҥоруу бырайыагын көҕүлээбит. Ити сыалга муниципальнай бүддьүөттэн 150 мөл. солк. көрүллүбүт. 
«Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Сергеевич Николаев ити саҕалааһыны өйөөтө уонна бырагырааманы биэс сыл ыытарга этии киллэрдэ, эбии 15 тиэргэни тупсаран оҥорорго өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 150 мөл. солк. көрүлүннэ», – диэн бэлиэтээтэ куорат баһылыга.
Евгений Григорьев бу нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат 2022-2032 сылларга социальнай-экономическай сайдыытын туһунан СӨ Ил Дарханын Ыйааҕа илии баттанарын туһунан иһитиннэрдэ. Ити докумуоҥҥа суруллубут стратегияҕа олоҕуран, Дьокуускай киһи үөрэнэригэр, доруобуйатын харыстыырыгар, табагыстаахтык олороругар уонна ис кыаҕын туһанарыгар бары өттүнэн барсар куоратынан буолуохтаах. 
«2032 сылга диэри ирбэт тоҥҥо турар саамай улахан куораттан саамай бастыҥ куорат буолар сыалы туруорабыт», – диэн түмүктээтэ куорат баһылыга.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....