19.10.2022 | 14:00

Евгений Григорьев өрөспүүбүлүкэ эһиилги бүддьүөтүгэр этиилэри киллэрдэ

Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, куорат баһылыга Евгений Григорьев «2023 уонна былааннаммыт 2024-2025 сылларга СӨ судаарыстыбаннай бүддьүөтүн туһунан» СӨ сокуонун бырайыагын туһунан» аһаҕас мунньах кыттааччыларын иннигэр куорат сайдыытын кыһалҕалаах боппуруостарын туруорда.
Евгений Григорьев өрөспүүбүлүкэ эһиилги бүддьүөтүгэр этиилэри киллэрдэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бастакытынан, Евгений Григорьев эһиилги сылга Дьокуускайга 79 хаарбах туруктаах мас дьиэлэртэн көһөрүү буолуохтааҕын, ити урукку сыллардааҕар үс төгүл элбэҕин, дьиэлэри көтүрүүгэ 93 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ ирдэнэрин, ити сууманы судаарыстыба эһиилги бүддьүөтүгэр көрөр наадалааҕын бэлиэтээтэ.

Иккис сытыы кыһалҕа – ууну ыытар систиэмэни, ардах канализациятын саҥалыы уларытан  оҥоруу. Евгений Григорьев бэлиэтээбитинэн, ОДьКХ Реформаҕа пуондатын бырагырааматыгар уонна ВЭБ.РФ киирэргэ, бастакы түһүмэххэ, уопсайа 188  мөлүйүөн солкуобай суумалаах инвестиция олохтооһунун оҥорор ирдэнэр. Куорат бэйэтин бүддьүөтүгэр кыттыгас үбүлээһиҥҥэ 64,3 мөлүйүөн солкуобайы (2023 сылга – 30 мөл солк. уонна 2024 сылга – 34,3 мөл солк.) көрөргө бэлэм. Ити курдук, СӨ судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн 123,4 мөлүйүөн солкуобайдаах (78,4 мөл солк. – 2023с., уонна 45 мөл солк. – 2024с.) инвестиция ирдэнэр.

«Инвестиция олохтооһунун оҥоруу көмөтүнэн федеральнай үбүлээһини киллэриэхпитин сөп. Ити саамай чэпчэки уонна түргэн суол. Бырайыактыыр-сметалыыр докумуоннары оҥоруу ордук сыаналаах буолуоҕа», - диэн бэлиэтээтэ куорат баһылыга.

Уу эйгэтин, күөллэр туруктарын ыраастаан тупсарыы, куорат ханаалын рекреационнай туонаҕа киллэрии – бу боппуруоһунан эмиэ Евгений Григорьев дьокутааттартан уонна бырабыыталыстыбаттан өйөбүлү көрдөөтө. Ити хайысхаҕа Өлүөнэ өрүстэн Сэргэлээх күөлгэ диэри уу ситимин тутуу киирэр. Бырайыактыыр-сметалыыр докумуоннары оҥорууга 9,8 мөлүйүөн солкуобай, уу ситимин бэйэтин тутууга 104,2 мөлүйүөн солкуобай ирдэнэр. Куорат баһылыга судаарыстыбаннай бүддьүөккэ 2024-2025 сылларга тутар-таҥар үлэҕэ сириэстибэ көрөргө этии киллэрдэ. Куорат бэйэтин өттүттэн бырайыактыыр-сметалыыр докумуоннары оҥорууну үбүлүүргэ бэлэм.

Дьэллик кыыллары көрүү-истии судаарыстыбаннай боломуочуйата куоракка бэриллэн, 2023 сылга куорат приютугар баар 1500 ыты харайыыга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 52,4 мөлүйүөн солкуобай ирдэнэр. Куорат баһылыга бэлиэтээбитинэн, ити боппуруоска Ветеринария департаменын кытта үлэ барар.

Элбэх оҕолоох ыаллар сир учаастактарын наадалаах инфраструктуранан хааччыйыы – тыын боппуруостартан биирдэстэрэ. Намцырскай тракт, 8 км, Бүлүүлүүр тракт, 16 км, итиэннэ Киллэм сэлиэнньэтигэр баар сир учаастактарын гаастааһын бырайыактыыр-сметалыыр докумуоннарын оҥорууга 71,6 мөлүйүөн солкуобай ирдэнэр, итинтэн куорат 7,9 мөлүйүөн солкуобайын уйунарга бэлэм.

Григорьев итини сэргэ дьокутааттартан 2017 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн хаарбах туруктааҕынан билиниллибит 39 дьиэни бастакы уочарат көтүрэргэ судаарыстыбаннай бүддьүөккэ сириэстибэ көрөллөрүгэр көрдөстө.

«Биһиэхэ 900-чэ хаарбах туруктааҕынан билиниллибит, ол эрэн көһөрүү бырагырааматыгар киирбэтэх элбэх кыбартыыралаах дьиэ баар. Итинтэн, бүгүҥҥү күҥҥэ, 39-гар олорор сэрэхтээх», - диэтэ киин куорат баһылыга. Гражданнары көһөрүү барыллаан сыаната –511 мөлүйүөн солкуобай.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...