Евгений Григорьев оттук сезонугар бэлэмнэниини хонтуруоллуур
Оттук сезонугар бэлэмнэнии чэрчитинэн от ыйын 20 күнүгэр куорат баһылыга Евгений Григорьев Көтөр фабрикатын микрооройуонугар өрөмүөн хаамыытын билистэ.
Былырыын электроэнергия күүрүүтэ эмискэ үрдээн хочуолунай насостара аварийнай эрэсиимҥэ көспүттэр. Бу сырыыга «Теплоэнергия» АУо дириэктэрэ Михаил Воробьев хочуолунай үлэҕэ бэлэмин эттэ.
«Эргэ хочуолунай таһыгар саҥаны тутуохпут. Үлэ икки түһүмэҕинэн барыаҕа. Бастакы түһүмэххэ тутар-таҥар үлэлэри ыытыахпыт, иккискэ – тепловой механиканы таҥыахпыт. Хочуоллары, горелкалары ылбыппыт. Оттук сезонун эргэ хочуолунайга саҕалыахпыт. Быһа холоон сэтинньи ыйга саҥа эбийиэги холбуохпут. Эргэ хочуолунай саппаас вариант курдук туран эриэҕэ, кэнники көтүрүөхпүт», - диэн этэр «Теплоэнергия» АУо дириэктэрэ.
Хочуолунай территорията тутуу ирдэбиллэригэр толору эпиэттиир. Билиҥҥи туругунан элбэх ахсааннаах инертнай матырыйаал аҕалыллыбыт, кутаны саба куппуттар. Хочуолунайга ситим өрөмүөнэ бара турар.
Итини сэргэ Евгений Григорьев Воинская уул., 9/2 элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэни көрдө. Салайар хампаанньа дьиэ ситимнэрин сууйтара сылдьар эбит.
«Оттук сезонугар бэлэмнэнии үлэтэ график быһыытынан бара турар. Былырыын кыһын өр кэмҥэ улаханнык тымныйан куорат ОДьКХ-та улахан тургутууну ааста. Ханан кыһалҕалаах сирдэр баалларын көрдүбүт, ону туоратарга үлэ барар», - диэн эттэ куорат баһылыга.
Евгений Григорьев өрөмүөн үлэтэ араас хайысханан тэтимнээхтик баран иһэрин бэлиэтээтэ.