Евгений Григорьев Октябрьскай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Октябрьскай уокурукка, СӨ Баһылыгын Укааһын бырайыагар киирбит киин куорат 2022-2032 сыллардааҕы социальнай-экономическэй сайдыытын чэрчитинэн, 2025 сылга диэри кэккэ эбийиэктэр тутуулара былааннаммыт, ол иһигэр «Поющие подснежники» аллея, финансистар Сквердарын, инники көлүөнэлэр Пааркаларын тутуулара, норуоттар Доҕордоһууларын болуоссатын, Иван Крафта аатынан сквер өрөмүөнэ, Сайсары күөл кытыытын, Ийэ Скверин, 17 тиэргэн территориятын тупсаран оҥоруу, 4 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторун көһөрүү буолар.
Быйыл «Мой двор» бырайыак чэрчитинэн Каландаришвили 23/1 дьиэ тиэргэнин территорията өрөмүөннэнэр уонна тупсаран оҥоһуллар, итиннэ воркаут-балаһаакка туруоруллар.
«Кэлэр сылга Петровскай 38 дьиэтин тиэргэнин өрөмүөннүөхпүт, 2025 сылга диэри барыта 3 тиэргэни тупсарыахпыт, сылга биирдии территорияны», – диэтэ Евгений Григорьев.
2022 сылтан саҕалаан, 4 сыл иһигэр Октябрьскай уокурукка 170 тирээбиллээх уонна лаампалардаах 9 сырдатыы ситимэ тутуллара былааннанар.
2025 сылга диэри көһөрүллэр испииһэккэ киирбит хаарбах дьиэлэр: Каландаришвили уул., 46, Лермонтов уул., 80/2, 81 уонна Киров уул., 33/2. Петровскай уул., 38, Островскай уул., 6, Ленин уул., 35 уонна Каландаришвили, 40/6 дьиэлэригэр воркаут туруоруллуохтаах.
2025 сылга диэри Октябрьскай уокурук территориятыгар «Арктический центр эпоса и искусств» элбэх функциялаах эбийиэк үлэҕэ киириэҕэ.
Баһылык быйылгыттан Ленин проспегын киэҥ далааһыннаах өрөмүөнэ саҕаланарын туһунан эттэ.
«Былырыын «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн Петровскай уулуссатыгар 1,6 км усталаах суол өрөмүөннэннэ. Ленин проспегын капитальнай өрөмүөнүн бастакы түһүмэҕэ (11,5 км суол) Кулаковскай уулуссатыттан Дзержинскэй уулуссатыгар диэри саҕаланыаҕа. 2024 сылга диэри Каландаришвили, Поярков, Ойуунускай, Ярославскай, Лермонтов уонна Бүлүүлүүр уулусса быһа охсуһуута өрөмүөннэниэхтэрэ», – диэтэ куорат баһылыга.
2022 сылга Ленин проспегар Киров уулуссатыттан Дзержинскэй уулуссатыгар диэри 1010 м уһуннаах 15750 кв. м. иэннээх учаастак сирэ оҥоһуллуоҕа. Уулусса сырдатыытын 72 тирээбилэ туруохтаах. Кулаковскай – Дзержинскэй уулуссаларыгар 35982 кв. м. иэннээх суол аспаалланыахтаах. Капитальнай өрөмүөн бастакы түһүмэҕин тутар-таҥар үлэтэ 2022 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри түмүктэниэхтээх.
Октябрьскай уокурук олохтоохторо куорат баһылыгар долгутар ыйытыктарын биэрдилэр, куорат сайдыытыгар сыһыаннаах этиилэрин киллэрдилэр. Көрсүһүүгэ куорат Думатын Ойуунускайдааҕы 4 №-дээх быыбардыыр уокуругуттан депутат Алевтина Эверстова, баһылык солбуйааччылара, структурнай салаалар уонна муниципальнай тэрилтэлэр салайааччылара кытыннылар.