24.03.2022 | 18:00

Евгений Григорьев Марха дьоҕус оройуонугар мунньахтаата

Евгений Григорьев Марха дьоҕус оройуонугар мунньахтаата
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат баһылыга Евгений Григорьев Марха дьоҕус оройуонун кэрийэн көрдө уонна мунньаҕынан түмүктээтэ. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Баһылык Мелиоратордар уонна Заводской уулуссаларга уу ыытыытын кыһалҕалаах сирдэрин көрдө. Марха дьоҕус оройуонун дьаһалтатын баһылыга Николай Ксенофонтов информациятынан, ити учаастактары мэлдьи халаан, ардах уулара ылаллар. Евгений Григорьев эппиэтинэстээх структураларга кыһалҕалаах учаастактарга ууну ыытар систиэмэни оҥоруу боппуруоһун быһаарарга үлэлииллэригэр сорудахтаата. 
Итини таһынан куорат баһылыга гражданнары кытта сирэй көрүстэ. Марха олохтоохторо «Колосок» СОТ гаастааһынын, саад-оҕуруот табаарыстыбаларын тус олорор дьиэ туттар разрядка көһөрүүтүн, уу ситимин холбооһунун туһунан ыйыталастылар.
Гаастааһын боппуруоһугар Евгений Григорьев быйыл бырайыактыыр-сметалыыр докумуон оҥоһулларын, онтон 2023 сылга тутар-таҥар үлэ саҕаланарын туһунан эттэ. Атын ыйытыктар бары хонтуруолга ылыллан, сотору кэминэн толору хоруй бэриллиэхтээх. 
Дьоҕус оройуону кэрийэн көрүү түмүгүнэн куорат баһылыга Марха дьаһалтатын кэлэктиибин уонна салайар хампаанньалары кытта мунньахтаата. 
"Кэнники сылларга Марха дьоҕус оройуонугар суол тутуутугар, таһынааҕы сырдатыы тирээбиллэрин туруорууга улахан үлэ ыытылынна. Манна олорор дьиэ тутуута көхтөөхтүк барар, ол аата дьоҕус оройуон сайдан иһиэҕэ. Биһиги иннибитигэр элбэх сорук турар, быйыл оҕо балаһааккалара үлэҕэ киириэхтэрэ, суол уонна олох-дьаһах инфраструктуратын боппуруостарын быһаарыахпыт, итини кытта кэллиэгэлэрбэр спорт саалатын бырайыактааһынын уонна тутуутун боппуруоһун көрөллөрүгэр этии киллэрдим", – диэтэ Евгений Григорьев. 
Мархаҕа мунньах нэдиэлэ аайы уокуруктары кэрийии, кыһалҕалары миэстэтигэр дьүүллэһии уонна быһаарыы чэрчитинэн ыытылынна.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....