15.12.2022 | 11:00

Евгений Григорьев Мархаҕа байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин кытта көрүстэ

Куорат баһылыга Евгений Григорьев Мархаҕа анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин кытта көрүстэ диэн иһитиннэрдэ Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.
Евгений Григорьев Мархаҕа байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин кытта көрүстэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Көрсүһүүгэ Дьокуускай куорат прокурора Антон Николенко, СӨ киһи быраабыгар уполномоченнайа Сардана Гурьева, Нэһилиэнньэ социальнай харалтатыгар уонна үлэҕэ управление салайааччыта Семен Матвеев, Анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин өйүүр киин салайааччыта Туйара Колесова кытыннылар.

Дьиэ кэргэттэри кытта көрсүһүү «ыйытык-хоруй» форматынан барда.

Анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылааҕын ийэтэ анаммыт төлөбүрү, уолун баан каартатыгар бобуу ууруллубут буолан, кыайан ылбатаҕын туһунан кэпсээтэ. Сорох дьон эмиэ итинник балаһыанньаҕа түбэспиттэр.  Евгений Григорьев иһитиннэрбитинэн, ити боппуруоска бааннары, суут приставтарын кытта ыкса үлэ барар, ол түмүгүнэн мобилизацияламмыт киһиттэн кредити төлөөһүнү ирдээһин тохтуур. Кинилэр дьиэ кэргэттэригэр төлөбүрү ыларга көмө оҥоһуллуоҕа.

Сорох дьиэ кэргэттэр байыаннай сулууспалаах анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттарын туһунан докумуону ылыыга ыарахаттары көрсүбүттэр. Итиэннэ дьонноро чэпчэтиилээх ипотека усулуобуйаларын, хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүүнү интириэһиргииллэр.

Олох-дьаһах хомунаалынай өҥөтүн иһин төлөбүргэ чэпчэтиилэри ыйыппыттарыгар, Евгений Григорьев мобилизацияламмыт дьон дьиэ кэргэттэрэ иэстээх буоллахтарына бырыһыан ааҕыллыбат диэн быһаарда.

Үгүс ыйытык Дьокуускай куорат прокурора Антон Николенко аатыгар киирдэ. Кини бары боппуруостары биирдиилээн, байыаннай прокуратураны кытта бииргэ үлэлэһэн, быһаарыахпыт диэтэ.

Көрсүһүү түмүгэр Марха олохтоохторо – мобилизацияламмыттар дьиэ кэргэттэрэ Олохтоох дьаһалтаҕа уонна дьоҕус оройуон дьаһалтатыгар көмөлөрүн, өйөбүллэрин иһин махталларын тиэртилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....