Евгений Григорьев: «Кангалаас дьоҕус оройуона сайдарыгар туспа стратегияны оҥоруу ирдэнэр»
Атырдьах ыйын 18 күнүгэр куорат баһылыга СӨ Баһылыгын Укааһын бырайыагар киирбит киин куорат социальнай-экономическэй сайдыытын стратегиятын дьүүллэһии чэрчитинэн Кангалаас дьоҕус оройуонун олохтоохторун кытта көрүстэ.
Баһылык бэлиэтээбитинэн, Кангалаас биир кэлимник сайдан иһэр. Ол курдук, 2023 сыл диэки элбэх элбэх хайысхалаах орто профессиональнай үөрэхтээһин үөрэтэр-производственнай комплексын уонна муоста тутуута, ону сэргэ «Шахтер» спортивнай саала саҥардыллан тутуута, Карл Маркс уонна Ольховай уулуссалар өрөмүөннэрэ түмүктэниэҕэ.
«Кангалааска «Суперкампус» баар буоллаҕына элбэх үлэ миэстэтэ тахсыаҕа, ол иһигэр олохтоохторго. Кангалааһы саҥа технологиялар уонна үөрэҕирии киининэн көрөбүт», – диир Евгений Григорьев.
«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн быйыл дьоҕус оройуоҥҥа 1,5 км усталаах Молодежнай уонна 26-с партсъезд уулуссаларыгар суол аспаалламмыт.
«Кэлэр сылга Нагорнай уулуссаны саҥардан оҥоруохпут. Национальнай бырайыак олоххо киирэр биэс сылын иһигэр куорат суолун 85 % нуормаҕа эппиэттиир буолуоҕа», – диэн бэлиэтиир Евгений Григорьев.
Куорат баһылыга иһитиннэрбитинэн, куорат уокуругун хаарбах туруктаах дьиэлэрин пуондатыттан (950 элбэх кыбартыыралаах дьиэ) көһөрүү бырагырааматынан Уокуруктааҕы дьаһалта иннигэр куорат 400 сылын хаарбах мас дьиэтэ суох көрсөр сорук турар. Итини таһынан, Евгений Григорьев быйыл улахан хабааннаах тиэргэн территорияларын өрөмүөнэ ыытылларын бэлиэтээтэ. Итиннэ төһүү күүһүнэн СӨ Баһылыга Айсен Николаев сорудаҕынан эбии 150 мөл. солк. көрүллүбүтэ буолбут.
Көрсүһүү чэрчитинэн олохтоохтор элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр капитальнай өрөмүөннэрин, дьоҕус оройуон территориятыгар баһаарынай чаас, инбэлииттэргэ эмптэри аҕалан биэрии, эбии оптуобус тохтобулларын туруоруу, итии уу ситимин тардыы туһунан ыйыталастылар.
Куорат баһылыга Евгений Григорьев аптека пууннара тиийбэт боппуруоһун хонтуруолга ылыах уонна элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр өрөмүөннэрин туһунан капитальнай өрөмүөн пуондатын салалтатын кытта кэпсэтиэх буолла.