Евгений Григорьев көҥүл тустуу сборнайын кытта көрүстэ
«Саха сирин олохтоохторугар көҥүл тустуу – маҥнайгы нүөмэрдээх спорт, ити көрүҥ атаҕар турарыгар Дмитрий Петрович Коркин ураты кылааты киллэрбитэ. Эһиэхэ, күрэхтэһии «төрөөбүт» эркиҥҥитигэр ыытыллар буолан, икки төгүллээх эппиэтинэс сүктэриллэр. Хас биирдиигитигэр саха тустуутун оскуолатын дьоһуннук көрдөрөргүтүгэр, эчэйиитэ суох күрэхтэһэн, үтүө түмүктэри ситиһэргитигэр баҕарабын», - диэтэ Евгений Григорьев.
Куорат баһылыга спортсменнарга уонна тренердэргэ «Таҥас» экипировканы туттарда уонна предпринимателлэргэ өйөбүллэрин иһин махтанна.
Көрсүһүүгэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи сборнай хамаандалары бэлэмниир киин дириэктэрэ Михаил Пахомов, көҥүл тустууга өрөспүүбүлүкэ сборнайын кылаабынай тренерэ Александр Оконешников кытыннылар.
Алтынньы 28-29 күннэригэр «Триумф» спорткомплекска Саха АССР, РСФСР, ССРС үтүөлээх тренерэ Дмитрий Петрович Коркин сырдык кэриэһигэр норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһии ыытыллар. Турнирга уонтан тахса омук дойдуларын уонна Арассыыйа сборнай хамаандаларын бастыҥ спортсменнара кыттыахтара.