17.12.2021 | 12:00

Евгений Григорьев «Хоккайдо Банк, Лтд» бэрэстэбиитэлистибэтин салайааччытын кытта көрсүбүт

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ахсынньы 16 күнүгэр куорат баһылыга Евгений Григорьев Владивосток куоракка «Хоккайдо Банк, Лтд» бэрэстэбиитэлистибэтин салайааччытын кытта көрсүбүт. Көрсүһүүгэ бэрэстэбиитэлистибэ салайааччыта тойон Фумитоси Накагава өрөспүүбүлүкэ киин куоратын территориятыгар кыттыгас бырайыактары олоххо киллэриини салгыыр санаалааҕын иһитиннэрбит. Көрсүһүү үөрүүлээх түгэн иннигэр – «Саюри» төгүрүк сыллааҕы тэпилииссэ комплексын тутуута түмүктэнэн эрдэҕинэ буолбут. Ол туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Эҕэрдэ тылыгар Дьокуускай куорат баһылыга ити улахан эбийиэк тутуутугар сэдэх инженернай-техническай быраактыкалар уонна быһаарыылар туттуллубуттарын, итини таһынан бырайыак улахан социальнай суолталааҕын бэлиэтээбит. 
«Аныгы конструкциялары, эниэргийэни харыстыыр уонна агротехнологиялары  туттуу биһиги тыйыс климаттаах усулуобуйабытыгар үрдүк ураһаай олугунан буолар. Салгыы бииргэ үлэлииргэ уонна кыттыгас экономическай бырайыактары олоххо киллэрэргэ бэлэммит», – диэн бэлиэтээбит  Евгений Григорьев.
Көрсүһүүгэ ураты болҕомтону инвестиционнай бырайыактарга уурбуттар, кинилэр тустарынан тас сибээстэргэ уонна инвестиционнай бырайыактар олоххо киириилэригэр Департамент салайааччыта Владимир Аржаков кэпсээбит. Кини Дьокуускай инвестиционнай өттүнэн үрдүк таһымнаах кэрэхсэбиллээҕин, соторутааҕыта илии баттаммыт сөбүлэҥнэр ортолоругар крематорий, куорат баанньыгын, агропромышленнай салаа сыаҕын, түөрт сулустаах гостиница комплексын тутуута уонна «Эргэ куорат-2» бырайыак олоххо киириитэ баалларын бэлиэтээбит. 
Дьокуускай сайдар кэскилин уонна Өлүөнэ эбэ муостатын тутуутун бэлиэтээн туран,  Евгений Григорьев куорат былаастара тырааныспар схематын уларытары, чуолаан киин уулуссаларынан ыарахан уйуктаах тиэхиньикэ сырыытыгар хааччах киллэрэри былаанныылларын эбэн эппит. 
«40 туонналаах тырааныспартан кыра уйуктаах таһаҕас тиэйэр массыыналарга көһөрөөрү логитстическай киин тутуутун былаанныыбыт», – диэн бэлиэтээбит   Евгений Григорьев.
Көрсүһүү түмүгүгэр Евгений Григорьев уонна Фумитоси Накагава өйдөбүнньүк бэлэхтэринэн атастаспыттар. 
Санатан эттэххэ, «Саха сирэ» ТОР резиденэ – «Саюри» – Саха сирэ Японияны кытта өр сыллаах ситиһиилээх бииргэ үлэлээһиннэрин холобура.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...