Евгений Григорьев: «Дьокуускай ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар бастыҥ куоратынан буолуохтаах»
Балаҕан ыйын 8 күнүгэр Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев «СӨ киин куората – Дьокуускай куорат 2032 сылга диэри сайдыытын туһунан» Ыйаахха илии баттаата. Ол туһунан СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Докумуон Дьокуускай куорат уонунан сылларга инники сайдар кэскилин түстүүр. Ити – Хоту сир куоратыгар табыгастаах уонна бигэ туруктаах эйгэни тэрийии, куорат инфраструктуратын хаачыстыбатын үрдэтии, уопсастыбаннай тырааныспар куттала суох систиэмэтин оҥоруу, нэһилиэнньэ олоҕун тупсарыы, киин куорат күүһүн-уоҕун бөҕөргөтүү.
Дьокуускай куорат Думатын XXXI (уочараттаах) сессиятыгар куорат баһылыга Евгений Григорьев бэлиэтээбитинэн, бүгүҥҥү күн – Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев Ыйаахха илии баттаабыт күнэ – Дьокуускай куорат олохтоохторугар, бары куораты таптыыр дьоҥҥо киин куорат инники сайдыытын түстүүр ураты бэлиэ күнүнэн буолла.
«Бу күнтэн ыла биһиги үлэбит ураты ис хоһоонноох уонна суолталаах буолар. Уон сыллаах бүгүн баттаммыт ыйаахтан киһи сүргэтэ көтөҕүллэр. Бүгүн хас биирдиигит аан дойду таһымнаах историяны оҥорор хамаанда сорҕото буолаҕыт. Өрөспүүбүлүкэ салалтатын уонна бырабыыталыстыбатын кытта биир ньыгыл хамаанданан үлэлииргэ бэлэммит. Ыйаахха этиллибит былааны олоххо киллэрэргэ, Дьокуускай куорат тэриллибитэ 400 сылын ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар бастыҥ куорат буолан көрсөрүгэр үлэлиир бигэ санаалаахпыт», – диэтэ Евгений Григорьев.