10.03.2022 | 13:00 | Просмотров: 790

Евгений Григорьев чааһынай оптуобустар кыһалҕаларын быһаарарга сорудахтаата

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат баһылыга Евгений Григорьев «ЯПАК» муниципальнай унитарнай тэрилтэҕэ чааһынай оптуобустар графиктарын тутуспат кыһалҕаларын быһаарарга сорудахтаата. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Куорат олохтоохторуттан чааһынай оптуобустар графиктарын тутуспаттарын туһунан үҥсүү киирэрэ эмискэ элбээтэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ графиктара 62 эрэ бырыһыан толоруллар буолла, ити олох сатаммат быһыы! Техосмотр кыһалҕата сарсын быһаарылла охсубат. Ол иһин күн бүгүн ЯПАК оптуобустарын куорат маршруттарыгар таһаарар миэрэни ылынар ирдэнэр», - диэн сорудахтаата Григорьев куорат уопсай планеркатыгар.
«ЯПАК» оптуобустара куорат иһигэр сүүрэллэрин курдук муниципальнай тэрилтэлэртэн эбии уопуттаах суоппардары үлэҕэ ылаллар.
«Куорат бары тэрилтэлэригэр мониторинг ыытан «Д» категориялаах уонна уопуттаах суоппардары буларгытыгар көрдөһөбүн.  Бу боппуруос быһаарыллыар диэри кылгас болдьоххо куорат маршрутун тэрийиигэ ЯПАК этиилэрин киллэрэрин күүтэбин», - диэтэ Евгений Григорьев.
«ЯПАК» МУТ дириэктэрэ Валерий Домотов куорат кытыытынааҕы маршруттары уларытар уонна куорат иһигэр чааһынай оптуобустар тиийбэттэрин быһаарар этиини киллэрдэ. Ол иһигэр билигин баар куорат кытыытынааҕы маршруттары уларытан, кылгас болдьоххо саҥа марштруттары киллэрии боппуруостара көрүллэр. Эбии информация чуолкайданыахтаах.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.