30.08.2021 | 10:00

Евгений Григорьев Центральнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Атырдьах ыйын 26 күнүгэр куорат салалтата Центральнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн СӨ Баһылыгын Укааһын бырайыагар киирбит киин куорат 2022-2032 сыллардааҕы социальнай-экономическэй сайдыытын стратегиятын дьүүллэстилэр. 
Центральнай уокурук олохтоохторо куорат баһылыгар элбэх ыйытыктары биэрдилэр уонна бэйэлэрин этиилэрин киллэрдилэр. Ол курдук, Чернышевскай уулуссатын 12/1 баар оҕо библиотеката уонна бэтэрээннэр сэбиэттэрэ баһылыкка үлэлиир дьиэлэрин кээмэйэ, усулуобуйата сөп түбэспэтин туһунан эттилэр. 
Итини сэргэ, олохтоохтор 3 №-дээх оптуобус «Куорат баанньыга» тохтобулун урукку сиригэр төннөрөр курдук туруорустулар. Көрсүһүүгэ кинилэр оскуолаттан чугас сиргэ итирдэр утахтары атыылыыр долгутара, 26 №-дээх оскуола аттыгар арыгы атыылыыр «Токко» уонна «Универсам» маҕаһыыннар бааллара этилиннэ. 
 Уокурук ыттаах олохтоохторо дьиэлэрин таһыгар ыттарын күүлэйдэтэр миэстэлэри аныылларын курдук көрдөстүлэр уонна Чернышевскай уулуссатын 16 №-дээх дьиэтин аттыгар кумах кутан анал миэстэ оҥорбуттарын холобурдаатылар. Маны таһынан дьэллик ыттар кыһалҕалара таарылынна. Маныаха гуманнай сыһыан туһунан сокуон баара этилиннэ.
4 №-дээх ДЮСШ бэрэстэбиитэлэ футбол стадионун тутар туһунан көрдөстө. Онуоха баһылык куорат тутуутун уонна тырааныспарын инфраструктуратын Департаменын салайааччыта Северина Архипованы ити көрдүһүүнү сиһилии көрөллөрүгэр көрдөстө. 
Дьокуускай куораттааҕы лицей бэрэстэбиитэлэ лицей самалык тутуутугар наадыйарын эттэ. Евгений Григорьев лицей дьиэтэ эргэтин, ол иһин кэпсэтии саҥаны тутар туһунан барыахтаах диэтэ. «Лицейгит дьиэтэ, 1-гы уонна 9-с №-дээх оскуолалар курдук, эргэрбит. Онон өрөмүөн уонна самалык туһунан буолбакка, саҥа дьиэлэри тутуу туһунан толкуйдуохха наада», – диэтэ  куорат баһылыга.
Көрсүһүүгэ этиллибитинэн, уокурукка 2025 сылга диэри 4 хаарбах туруктаах элбээх кыбартыыралаах дьиэлэр олохтоохторо көһүөхтээхтэр, 5-с, 26-с уонна 29-с оскуолаларга самалык оҥоһуллуохтаах, 182-с кыбартаалга 100 миэстэлээх оҕо уһуйаана тутуллуохтаах, 5,2 км уһуннаах суол өрөмүөннэнэрэ былааннаммыт. Кэлэр сылга Ленин проспегар Дзержинскэй уулуссатыттан Кулаковскай уулуссатыгар  диэри учаастакка, ону сэргэ Щорс күөлүн кытыытынааҕы уулуссаҕа өрөмүөн ыытыллыахтаах. 2023 сылга Ленин проспегар Хабаров уулуссатыттан Дзержинскэйгэ диэри уонна Краснояров уулуссатыттан Кулаковскай уулуссатыгар диэри капитальнай өрөмүөн, 2024 сылга Ярославскай уулуссатын саҥардан оҥоруу, Короленко, Котенко уонна Феликс Кон уулуссаларын капитальнай өрөмүөнэ былааннаммыт.
Көрсүһүүгэ кэлбит Центральнай уокурук олохтоохторо  бары көхтөөхтүк кыттан, кыһалҕалаах боппуруостарын туруорустулар. Куорат баһылыга Евгений Григорьев уонна дьаһалта бэрэстэбиитэллэрэ бары этиилэри, туруорсуулары болҕомтоҕо ыллылар уонна ити хайысханан үлэлэһиэх буоллулар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...