Евгений Григорьев: «Быйыл маҥнайгы кылааска 6 тыһыынчаттан тахса оҕо киирэр»
Куорат баһылыга Евгений Григорьев «Арассыыйа 24» телевизионнай ханаал быһа эфиригэр оҕолору маҥнайгы кылааска сурутуу бэрээдэгин, уһуйааннарга уочараты суох оҥоруу уонна оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнарын туһунан кэпсээтэ.
Муус устар 1 күнүттэн Дьокуускайга маҥнайгы кылааска киирэр оҕолор төрөппүттэриттэн сайабылыанньалары ылыы саҕаланар. Быйыл киин куорат оскуолаларын маҥнайгы кылаастарыгар 6 тыһыынчаттан тахса оҕо киирэр. Кинилэри 50 оскуола күүтэр, ирдэнэр буоллаҕына эбии кылаастар арыллыахтара.
Бастакы түһүмэххэ маҥнайгы кылааска киирэр оҕолор испииһэктэрэ территориянан, ол эбэтэр ханнык аадырыска регистрацияламмыттарыттан тутулуктаах оҥоһуллар. Итини кытта испииһэккэ бастакы уочарат киириэхтээх оҕолор суруллаллар. Иккис түһүмэххэ испииһэк оҕолор олорор сирдэринэн буолбакка, төрөппүттэр баҕа санааларын уонна оскуола кыаҕын учуоттаан оҥоһуллар.
«Биир даҕаны оҕо оскуолаҕа миэстэтэ суох хаалыа суоҕа», - диэн эрэннэрдэ Евгений Григорьев.
Итини таһынан, куорат баһылыга оҕо уһуйааннарыгар уочараты суох оҥорорго туһуламмыт үлэ туһунан кэпсээтэ. Уочарат чааһынай оҕо уһуйааннара элбээтэхтэринэ уонна саҥа оскуолаҕа киириэх иннинээҕи тэрилтэлэр тутулуннахтарына аҕыйыыра этилиннэ.
Сыл ахсын саҥа уһуйааннар үлэҕэ киирэллэр уонна уруккуттан үлэлииллэргэ саҥа миэстэлэри тэрийэллэр.
«Биэс сыл иһигэр 5 тыһыынча саҥа миэстэни таһаарар былааннаахпыт», - диэтэ Евгений Григорьев.
Быйыл оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын 45 тэрилтэ хааччыйар, ол иһигэр куорат таһынааҕы лааҕырдар. Былырыын Арассыыйа үрдүнэн саҕаламмыт оҕо сынньалаҥын төлөбүрүн төнүннэрэр «кешбэк» бырагыраама быйыл эмиэ салҕанар. Төрөппүттэр сайыҥҥы лааҕырга сынньалаҥ путевкатын төлөбүрүн аҥарын төннөрүөхтэрин сөп.
Быһа эфири толору көрүөххэ сөп.