20.12.2023 | 15:15

Евгений Григорьев быһа эпииргэ уопсастыбаннай тырааныспар сайдар былаанын кэпсээтэ

«Куораты кытта быһа эпиир» биэриигэ Евгений Григорьев автопаарканы саҥардыы уонна 1-гы №-дээх маршрут уларыйыытын туһунан ыйытыыларга хоруйдаата.
Евгений Григорьев быһа эпииргэ уопсастыбаннай тырааныспар сайдар былаанын кэпсээтэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат иһинээҕи уонна кытыытынааҕы уопсастыбаннай тырааныспар сырыыта бүгүҥҥү күҥҥэ саамай тыын суолталаах, сытыы кыһалҕанан буолла. Куорат баһылыга Евгений Григорьев 1-гы №-дээх маршруту «ЯПАК» МУТ киллэрэр диэн быһааран эттэ.

«ЯПАК өр кэмҥэ куорат таһынааҕы маршруттары эрэ үлэлэтэ сырытта. Былырыын саҥа 100 №-дээх маршруту киллэрбиппит, итиннэ ЯПАК оптуобустара эрэ үлэлииллэр. Быйыл 1-гы №-дээх маршруту уларыттыбыт, кэлэр сылтан  ити маршруту ЯПАК үлэлэтиэҕэ», – диэтэ  Евгений Григорьев.

Элбэх киһини тиэйэр курдук маршрукка улахан кылаастаах оптуобустар киириэхтэрэ, 1-гы №-дээх оптуобус 100 №-дээх маршрутунан сылдьыаҕа. Ол аата, кинини, элбэх уулуссаны, дьону уонна оройуоннары хабарын курдук, магистральнай оҥорору былаанныыллар.

2018 сылтан саҕалаан, ортотунан 40-нуу оптуобус саҥардылынна. Ити дьоҕус уонна орто урбаан субсидиятын суотугар оҥоһулунна. 2022 сылтан муниципальнай тырааныспар киэҥ далааһыннаахтык саҥардыллар.

«2022 сылга «ЯПАК» МУТ оптуобуһун пааркатын бүттүүнэ саҥардылынна. Эбии өссө 15 оптуобуһу атыыластыбыт. Бу кэм устата куорат территориятыгар 90 саҥа оптуобус сүүрэр, итинтэн 55-һэ  ЯПАК тырааныспара, уоннааҕыта – чааһынайдар», – диэн кэпсээтэ  Евгений Николаевич.

Быйыл ЯПАК тэрилтэҕэ 15 оптуобус ылылынна, быһа холоон, кинилэр тохсунньу бүтэһигиттэн сүүрүөхтэрэ. Ити – 1-гы №-дээх маршрут уонна чааһынайдарга сааһыары эбии 25 оптуобус кэлиэхтээх. Куорат баһылыга иһитиннэрбитинэн, кэлэр өттүгэр сылын аайы 100-түү оптуобус саҥардыллыаҕа.

«Итини сэргэ, икки автовокзалы тутар былааннаахпыт – аэропорт таһыгар уонна Медкиин оройуонугар, онно куорат кытыытынааҕы оптуобустар үлэлиэхтэрэ. Итинник дьаһаннахпытына куорат кытыытыгар айанныырга сыана түһүөҕэ, куорат иһинээҕини кытта тэҥнэһиэҕэ, тырааныспар харгыһын суох оҥоруоҕа. Куорат киинигэр автовокзалы суох гыныахпыт. Медкиин оройуонугар 8 куорат иһинээҕи маршрут үлэлиир», – диэтэ  Евгений Григорьев.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....