Евгений Григорьев билии Күнүнэн эҕэрдэлиир
Убаастабыллаах учууталлар уонна преподавателлэр!
Күндү үөрэнээччилэр, устудьуоннар уонна төрөппүттэр!
Тус бэйэм уонна Дьокуускай куорат Уокуруктааҕы дьаһалтатын аатыттан балаҕан ыйын 1-гы күнүнэн – билии Күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Бүгүн биһиги улахан суолталаах уонна ураты бырааһынньыгы бэлиэтиибит – саҥа үөрэх дьылын саҕаланыытын. 1-гы кылааска киирээччилэргэ олохторун саҥа түһүмэҕэ саҕаланна. Быйыл 5800 тахса оҕо оскуола боруогун саҥа атыллаан, куораппыт муниципальнай уопсай үөрэхтээһинин тэрилтэлэрин паарталарыгар олоруохтара.
Биһиги бары оскуолатааҕы сылларбытын ураты сылаастык саныыбыт – оскуола эрэ билиини уонна сатабылы ыларбытыгар көмөлөһөр, дьоҕурбутун уонна кыахпытын сайыннарар, инники ситиһиилэрбит бөҕө акылаатын уурар кыахтаах.
Дьокуускай куоракка үөрэнээччилэр ахсааннара сыл ахсын эбиллэн иһэр – быйыл киин куорат оскуолалара 50 тыһыынча үөрэнээччилэрдээхтэр. Кэнники сылларга аныгы технологиялаах саҥа оскуолалары тутууга ураты болҕомто ууруллар. Бүгүҥҥү күҥҥэ үөрэнээччилэр бары кыаҕы туттан үөрэнэллэр, билиини аныгы таһымҥа иҥэринэллэр. Онон инники өттүгэр үрдүк ситиһиилээх буолуохтара.
Хас биирдии үөрэнээччи, устудьуон туох баар кыһамньытын ууран, туйгун сыаналардаах, чиҥ билиилээх, үөрэхтээх дьон буолан тахсыахтара, төрөөбүт куораттарын, өрөспүүбүлүкэлэрин, дойдуларын дьоһун гражданнара буолуохтара диэн эрэнэбин.
Барыгытыгар чэгиэн доруобуйаны, ситиһиилэри, инники ситиһиилээх олохтонор иһин бэйэҕит ис кыаххытын сайыннарар баҕаны уонна дьулууру баҕарабын!
«Дьокуускай куорат» куораттааҕы уокурук Баһылыга Евгений Григорьев