21.04.2021 | 16:11

Евгений Григорьев: «Бастакы хардыыны оҥоруҥ!»

Муус устар 26 күнүгэр «Лидеры России» куонкуруска сайаапкалары тутуу, регистрация түмүктэнэр. Онуоха эһиги анкета толорон, видеоҕа интервью уһулан ыытыаххытын наада.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев 2019 сыллаахха иккис куонкуруска кыайыылаах буолбутун үгүс дьон билэр. Салайааччылары үүннэрэр-сайыннарар, аартыктарын арыйар куонкурустан куорсун анньыммыт эдэр баһылык санаатын үллэһиннэ:

«Бу куонкуруска кыттыы миэхэ дойду бас-көс салайааччыларын –  бөдөҥ предпринимателлэрин, учуонайдарын, политиктарын кытта билсэр кыаҕы биэрбитэ. Мин настаабынньыкпынан Орловскай уобалас губернатора Андрей Евгеньевич Клычков буолбута, кини үгүс сүбэтэ-амата билиҥҥэ диэри үлэбэр көмөлөһөр. 

“Лидеры России” финалистарыттан номнуо түөрт киһи баһылык буолла, кинилэри кытта доҕордуу сыһыаммын тутабын. Биһиги «Эльбрус» кулуупка сылдьабыт, билсэбит, уопуппутун атастаһабыт.   

Быйыл «Россия – страна возможностей» платформа уонна куонкурус тэрийэр кэмитиэтэ 8 треги бэлэмнээбиттэр – “Судаарыстыбаннай салайыы”, “Бизнес уонна промышленность”, “Наука”, “Доруобуйа харыстабыла”, “Информационнай технологиялар”, “Култуура”, “Устудьуоннар” уонна норуоттар икки ардыларынааҕы трек.

Саха сирин олохтоохторо бу куонкуруска кыттан, талааннарын уонна бэйэлэрин кыахтарын арыйыахтара, билиилэрин кэҥэтиэхтэрэ уонна сатабылларын элбэтиэхтэрэ, саҥа компетенциялары баһылыахтара уонна элбэх дьону кытта билсиэхтэрэ. Онуоха бастакы хардыыны оҥоруҥ – ЛидерыРоссии.рф сайтка регистрацияланыҥ.

Хаартыска: ЯСИА

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...