13.01.2022 | 11:58

Евгений Григорьев Арассыыйа бэчээтин Күнүнэн эҕэрдэлиир

Евгений Григорьев Арассыыйа бэчээтин Күнүнэн эҕэрдэлиир
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Убаастабыллаах суруналыыстар, сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр үлэһиттэрэ!
Олохтоох дьаһалта салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Арассыыйа бэчээтин Күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Аныгы уопсастыбаҕа эһиги үлэҕит суолтатын сыаналыыр уустук: бары олох оргуйар үөһүгэр сылдьабыт – биһигини күн аайы үчүгэй уонна оччото суох сонуннар арыаллыыллар. Дьон үксэ сарсыардатын интэриниэт сонуннарыттан саҕалыыр, сүрүн суолталаах сонуннары хаһыаттан, телевидениеттан уонна радиоттан билэр. Саха сирин олохтоохторугар эһиги бастакынан сүдү кыайыылар уонна ыксаллаах быһыы-майгы түбэлтэлэрин, былаас дьоһун суолталаах быһаарыыларын уонна куорат олоҕун кыһалҕалаах боппуруостарын туһунан иһитиннэрэҕит. Хас биирдии түбэлтэҕэ сөптөөх көрүүгүтүттэн, айар талааҥҥытыттан, сатаан анаалыстыыргытыттан уонна инникини сабаҕалыыргытыттан эһиги ааҕааччыларгыт, көрөөччүлэргит уонна бүтүн уопсастыба социальнай туруктара тутулуктаах. 
Саха суруналыыстара уонна таһаарыылара мэлдьи тыл үрдүк маастарыстыбатынан, гражданскай эппиэтинэһинэн уонна дьоҥҥо аламаҕай сыһыанынан биллэрэ. Ол туоһута – элбэх ахсааннаах норуоттар икки ардыларынааҕы, федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах уһулуччу идэтийии иһин наҕараадалар уонна бочуоттаах ааттар. Саамай сүрүнэ – уопсастыбаҕа үлэнэн ситиһиллибит аптарытыат, ааҕааччыларгыт уонна көрөөччүлэргит ытыктабыллара уонна тапталлара.
Өрөспүүбүлүкэбит уонна киин куораппыт, элбэх дьон билиниитинэн, судаарыстыбаннай уонна чааһынай сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр ситиһиилээхтик сайдар уонна күрэстэһэр ураты миэстэлэрэ. Мөккүөрдээх санаалар уопсастыбаны кытта кэпсэтиини, дьоҥҥо наадалаах быһаарыылары уонна дьайыылары сөптөөхтүк оҥороллор уонна өйүүллэр. Ол иһин өрөспүүбүлүкэбит уонна киин куораппыт прессатын күүркэтиитэ суох «төрдүс былааһынан» ааҕыахпытын сөп. 
Убаастабыллаах суруналыыстар, сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр үлэһиттэрэ, бэтэрээннэрэ!
Идэлээх бырааһынньыккытынан эҕэрдэлиибин! Баҕарабын эһиэхэ нэһилиэнньэни долгутар тиэмэлэр хаба ортолоругар, уопсастыба сайдыытын чыпчаалыгар сылдьаргытыгар. Айар үлэҕитинэн үрдүккэ көтүүнү, доруобуйаны, тус бэйэҕитигэр уонна чугас дьоҥҥутугар этэҥҥэ буолууну!

Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Санааҕытын түһэримэҥ!
Сонуннар | 01.11.2024 | 18:00
Санааҕытын түһэримэҥ!
Эдэр саас күөгэйэр күннэригэр, «муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан» кэмнэргэ, сорох дьоҥҥо «харса суохха суут-сокуон тойон буолбатах, харса суохха харса суох тойон» буолара кистэл буолбатах.   Инбэлиит кэлээскэтигэр олордор даҕаны, бэйэ кыаҕар эрэнэн, хорсун санаанан салайтаран, кэрэни кэрэхсиир, үтүөнү үксэтэр киһини кытта алтыспытым син ыраатта. Бу сыллар тухары киниэхэ төһөлөөх элбэх хаартысканы...