Евгений Григорьев 202-с түөлбэ эбийиэктэрин бэрэбиэркэлээтэ
VIII-с «Азия оҕолоро» Оонньууларга бэлэмнэнии чэрчитинэн баһылык Евгений Григорьев куорат сөтүөлүүр сиригэр уонна Р.М. Дмитриев аатынан кытылга ыытыллар өрөмүөн хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ.
Р.М. Дмитриев аатынан кытылга күрүө туруоруллар, тротуар плитката ууруллар, Хабаров уулуссатыттан 2 №-дээх тыы ыстаансыйатыгар диэри аспаал кутуллар.
Куорат сөтүөлүүр сиригэр тыаһы-ууһу аҕыйатар оборудование, габион сетката туруоруллар, амфитеатр баар буолуоҕа, пляж кумаҕа ыраастанар.
Санатар буоллахха, Р.М. Дмитриев аатынан кытыл хапытаалынай өрөмүөнэ аны күһүҥҥэ диэри бүтүөхтээх, ол эрээри бэс ыйын 25 күнүгэр диэри сөтүө сезонугар туһааннаах үлэ түмүктэниэхтээх. Евгений Григорьев бэлиэтээбитинэн, бэс ыйын 8 күнүгэр диэри пляж территориятыгар аспаал кутуута саҕаланыаҕа, бэс ыйын 15 күнүн эргин уу анаалыһа бэлэм буолуоҕа, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.