Евдокия Евсикова: «Сүрүн сыалбыт – куорат нэһилиэнньэтин олоҕун уйгутун тупсарыы»
«Якутск 4.0.0 СТАРТ» форум балаһааккаларын этиилэрэ Дьокуускай куорат 2032 сылга диэри социальнай-экономическэй сайдыытын Стратегиятын уларытар түмүк резолюцияҕа киирдилэр.
«Форум сүрүн соруга – „СӨ киин куората – Дьокуускай куорат 2032 сылга диэри социальнай-экономическэй сайдыытын туһунан“ Ил Дархан Ыйааҕын кытта дьүөрэлээн Стратегияҕа уларытыылары киллэрии. Ыйаахха куораппыт сайдыытын сүрүн хайысхалара уонна сорукпут чопчуланнылар. Чугаһынааҕы 10 сылтан куораппыт ирбэт тоҥҥо бастыҥ буолара тутулуктаах, Ыйаахха Айсен Сергеевич Николаев итинник сүдү соругу туруорда», - диэн кэпсээтэ Евдокия Евсикова.
Ил Дархан Ыйааҕын көмөтүнэн Илиҥҥи экономическэй форумҥа Дьокуускай куоракка доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго үөрэҕирии комплексын тутарга 4,8 млрд солкуобай инвестициялаах, итиэннэ бөдөҥ панеллаах дьиэлэри тутар собуот тутуутугар 860 мөл. солкуобай инвестициялаах сөбүлэҥнэр түһэрсилиннилэр. Саха сирэ Илиҥҥи экономическэй форумҥа уопсайа 330 млрд солкуобай кэриҥэ суумалаах 39 сөбүлэһиини түһэристэ.
«Стратегия – иннибит диэки хамсатар күүс. Аны уон сылынан куораппытын санаабыт хоту оҥорор курдук былаанныахтаахпыт, сабаҕалыахтаахпыт, иннибит диэки хардыылыахтаахпыт. Дьокуускай олорорго бары өттүнэн табгыстаах буолуон баҕарабыт, дьон мантан бара сатыа суохтаах, олоруохтаах. Форум балаһааккалара итиннэ туһуланан үлэлээтилэр», - диэтэ социальнай блок куратора.