Этнографическай дьыктааҥҥа кыттыҥ
«Улахан этнографическай дьыктаан» ааксыйа сэтинньи 3 күнүгэр саҕаланна.
Дьыктаан нэһилиэнньэ этнографическай үөрэҕин таһымын, Арассыыйаҕа олорор норуоттар тустарынан билиитин сыаналыыр. Норуоттар икки ардыларыгар ил-эйэ боппуруостарыгар уопсастыбаннас болҕомтотун тардар соруктаах ыытыллар.
Сорудахтар miretno.ru официальнай сайтыгар Дьокуускай бириэмэтинэн 06:01 чааска тахсыбыттара. Сэтинньи 8 күнүгэр диэри дьыктааҥҥа кыттыахха сөп.
Дьыктааны ааһарага 45 мүнүүтэ бэриллэр, бириэмэ бүттэҕинэ сабыллар.
Тургутук сорудаҕын иһигэр киирэр: 20 боппуруос — кыттааччыларга барыларыгар тэҥ, уопсай федеральнай чаас; 10 боппуруос — региоҥҥа туһуланар, региональнай чаас. Сорудаҕы барытын толордоххо 100 баал бэриллэр, кыттыы туһунан сертификат тута электроннай көрүҥүнэн оҥоһуллар.
Быйыл кыттааччы ханнык боппуруоска сыыспытын тута көрөр кыахтаах, сыыспыт эппиэттэригэр историческай ыспыраапканы ссылка нөҥүө киирэн көрүөххэ сөп.