Этэҥҥэ хаалыах быатыгар...
Толоон Туорааҕа, Дьокуускай куорат: - Сайылыктан көһөн киирии сүпсүлгэнэ ааһан, тыа сирин кыракый бөһүөлэгин олоҕо аа - дьуо устар. Балаҕан ыйын ортото. От - мас саһаран, тыа саҕата араҕастыйан көстөр. Элбэх оҕолоох ыал ийэтэ сарсыарда эрдэ уһуктан, хоонньугар утуйан буккуруу сыппыт кыра кыыһын эмиийдэттэ. Нарыйа төһө да топпутун иһин, минньигэс сып -сылаас үүттэн арахсымаары ыҥырҕыы түһээт, бэйэтин кураанах уоһун оборон чомурҕата-чомурҕата устунан утуйан хаалла. Өрүүнэ сып-сап таҥнан аан дьиэҕэ таҕыста. Соторутааҕыта атыыласпыт лаахтаах улахан чаанньыгар уу кутан, кипитиинньиги уган уокка холбоото. Чэйэ оргуйуор диэри суунна-тараанна. Оҕолоро туран аһыыр астарын бэрийэн остуолга уурталаата. Бэйэтэ ыксаан, сылаас үүттээх чэй куттан ыймахтаата уонна үлэтигэр тэбиннэ. Ыал аҕата туран оһоҕун отто хаалла. Өрүүнэ Уйбаанын кытта ыал буолбуттара уонтан тахса сыл буолла. Сыры-сыллата кэриэтэ аҕыс оҕолоохтор. Иккиэн сопхуос дьоҕус отделениетын туруу үлэһиттэрэ, солбуллубат ньирэй көрөөччүлэр. Эдэр ийэ оҕолонон тахсаат, икки ый курдугунан үлэтигэр тахсан иһэр. Кыһыл оҕото аһыыр кэмигэр сүүрэн кэлэн эмнэрэ-эмнэрэ, сороҕор күнү-күннүктээн хотоҥҥо сылдьар. Билигин күһүн буолан сынньалаҥ. Сайыны супту күөх окко мэччийэн торолуйбут борооннор ыалдьыбаттар, харалталара кыччаабыт кэмэ. Саас ахсын оҕонньорунаан иккиэн холбоон сүүс ньирэйи туталлар. Күҥҥэ үстэ аһаталлар, биирдэ уулаталлар. Киэһэ, сарсыарда от киллэрэн биэрэллэр, уйаларын ыраастыыллар. Күнүс эбии аһатарга уотурбанан хааһы буһараллар. Чэпчэкитэ суох үлэ. Эр киһи дьиэтигэр көстүбэт, үксүн киэһэ хонугар кэлэр. Пиэрмэҕэ “Кыһыл муннукка» остолобуойдаахтар, күнүс онно аһыыр. Сир-дойду бөлүүн улаханнык тоҥорбут, хаһыҥнаан сири маҥхаппыт. Хардьаҕа турар иһиттэр ууларын үрдэ мууһунан бүрүллүбүт.
Уйбаан хотонугар бараары туран, быһаҕас уулаах баалынайы дьиэҕэ киллэрэн, аан ойоҕоһугар истиэнэҕэ сыһыары уурда. Улахан уол аҕата киирэр- тахсар тыаһыттан уһуктан, оһох көрөн сабар үлэлээх киһи турда. Аһаан бүтэрин саҕана бырааттара тураннар, утуу-субуу уунаҥнаһан хостон таҕыстылар. Чуумпуран турбут дьиэ оҕо саҥатынан оргуйа түстэ. Аһаан-сиэн аймалаһа түһээт, обургу уолаттар таһырдьа оонньуу ыстаннылар. Улахан кыыс иһитин сууйаары остуолун хомуйар. Саргы төрдүс кылаас үөрэнээччитэ. Сарсын икки улахан бырааттарын кытта, чугас сытар нэһилиэк интэринээт оскуолатыгар үөрэнэ киириэхтээхтэр. Кыыс сааһынан төһө да улахана суоҕун иһин, бэйэтиттэн балыстары көрөр-харайар, аһаталыыр, дьиэтин хомуйар эбээһинэстээх. Саамай кэтиир-маныыр оҕото - балта Нарыйа. Балтараатын туола илик саҥардыы хаампыт оҕоҕо туох барыта интэриэһинэй. Бытархай оонньуурдары, бөҕү булан айаҕын диэки атаарар. Сыыһа туттаран ииктээн ыстаанын уларыттарар. Ардыгар, мэниктии сылдьар убайдара түҥнэри көтөн, өй-мэйдээх тулуйбат ытааһынын түһэрэр. Көмөлөһөр балтын Ньуккуну үөрэх дьыла саҕаланыыта таайыгар илдьибиттэрэ. Онно олорон орто оскуола иккис кылааһыгар үөрэнэр. Икки кыра уолаттар оонньуу сылдьаннар, туохтан эрэ бочооттоһон охсуһан турдулар. Ый-хай саҥа, тилигирэһии буолла. Саргы бырааттарын араартаары хоско киирдэ. Нарыйа аан дьиэҕэ баалынай мууһун, икки илиитинэн таһыйан оонньуу хаалла. Номнуо ытаспыт эрэттэр, «Кини миэнин былдьаата, мин бастаан булбутум» дэһэн, өрө сыҥа-сыҥа эдьиийдэригэр быһаара сатаатылар.
Эмискэ чараас муус үлтүрүйэн кылыгырыыр тыаһа иһилиннэ. Саргы итиини таарыйбыт курдук ходьох гынаат, аан хоско сүүрдэ. Тиийэн, муустаах ууга төбөтүнэн түһэн атахтара эрэ чочоҥолуур оҕону харбаан ылан өрө тардан таһаарда. Нарыйа чачайан, муннунан-айаҕынан уу сүүрэр, уоһун оппоҥнотор, харахтарын симириктиир уонна тиэрэ кэдэрийэр. Ол эрээри, кыайан саҥа таһааран ытаабат. Уолуйа куттаммыт кыыс, балтын киһилии көтөҕөөрү өрө-таҥнары тутта. Онно эрэ, кыра оҕо тыын киллэрэн тэһэ баран ытаата. Уоһа күп-күөх буолбут, тоҥон титирии сылдьар. Саргы өй булан, ыгыллар уулаах инчэҕэй таҥастаах оҕону көтөхпүтүнэн хоско ойдо. Кыыһын таҥаһын ньылбы тутаат, ийэтин оронугар сытыаран халыҥ суорҕанынан хороччу суулаан кэбистэ. Бэйэтэ аттыгар сытыһан таптайа-таптайа буруһууна орону хамсатан, хачайдаан барда. Тымныы ууга булумахтанан, ытаан сэниэтэ эстибит кыракый кыыс сыҥырҕыы түһэн баран, тоҥмута ааһан утуйан хаалла. Күнүскү аһылыкка оҕолорун аһаталаары, Өрүүнэ дьиэтигэр ыксаан аҕай кэллэ. Алдьархай тахса сыспытын сэрэйэн да билбэт, түөртээх-биэстээх кыра уолаттара утары ойуоккалаһан кэллилэр. Былдьаһа-тарыһа, туох буолбутун ийэлэригэр кэпсээн бардылар. Өрүүнэ ситэри истибэккэ, оҕолорун туора хаһыйталаат, тас таҥаһын да устар бокуойа суох, хос диэки харбыаласта. Ип-итии дьиэҕэ халыҥ суорҕаҥҥа сууланан бурулуччу буспут, биир тэҥник тыынан сурдургуур кырачаан Нарыйатын көрөөт, ийэ сүрэҕин харбаммытынан ороҥҥо олоро түстэ.
Анараа дойду диэн баар дуо?
Айсен Николаев-Лэҥкэ, Дьокуускай куорат:
- Чугас киһиҥ олохтон туораары гыннаҕына, биллибэт күүстэр кэлэннэр биллэрэллэр диэни хаһыакка ааҕаммыт, дьонтон истэммит билэбит. Бу кэпсиир түбэлтэм, үөһээ этэн аһарбытым курдук, итиннэ майгынныыр. Ол курдук Мэҥэ Хаҥалас дэриэбинэтигэр биир саас оскуола оҕолоро чугас алааска похуоттуу барбыттар. Сандал саас барахсан кэлэн, аар силик айылҕа уһуктан турар кэмэ буолан, киһи таһырдьаттан киирбэт кэмэ буоллаҕа. Уолаттар барахсаттар, бу похуоттуохтаах алаастарыгар ким-хайа иннинэ кэлэннэр, уокка оттор маһы бэлэмнии тыаҕа тахсыбыттар. Ол сылдьаннар, биир уоллара көрдөҕүнэ, арай, орон-тэллэх буола ыалдьа сытар эһэтэ Тиит сөтөллөн хахсайа-хахсайа, хамсалаах табаҕын тарда олороро үһү. Өссө мааныга кэтэр сэлээппэтин кэтэн, торуоскатын тутан олорор эбит. Уол дьиктиргии санаат, доҕотторун диэки хайаспыта, оҕолор хайыы - үйэҕэ алаас ортотугар тиийэннэр, оонньуу сылдьаллар эбит. Уол өссө төгүл били тиит төрдүгэр хайаспытыгар, былыр үйэҕэ өлөн хаалбыт эбэтэ кэлэн күлүү-үөрүү бөҕө буола турара үһү. Өссө эбиитин, эһэтин тула дьон бөҕө тоҕуоруһан кэлэннэр, эһэтин саннын таптайа тураллар эбит. Саҥалара бу диэн отой иһиллибэт эбит. Уол этин устун тымныы сүүрээн устан ааспыт. Куттанан түргэн үлүгэрдик оҕолоругар тиийэн кэлбит уонна кэннин хайыһан көрбүтэ, ким да суоҕа үһү. Ити итинэн ааспыт. Киэһэлик, похуоттаан бүтэн дьиэтигэр кэлбитэ, эһэтэ барахсан күн сириттэн букатыннаахтык барбытын туһунан дьоно эппиттэр. Эбэн эттэххэ, эһэтэ ити оҕолор похуоттаабыт алаастарыгар төрөөбүтэ үһү. Ити уолбут кэлин, улаатан баран «анараа дойду баар эбит» диэн санааҕа кэлбит. Эһиги санааҕытыгар анараа дойду баар дуо?
Айылҕа биир дьикти көстүүтэ
Арылы, Таатта улууһа: - Оччолорго мин оскуоланы саҥа бүтэрбит эдэркээн оҕо этим. Куоракка үөрэх туттарсан баран, дойдубар төннөрбөр, АН-2 сөмөлүөтүнэн көтөн, улууспут киинигэр кэлэн түстүбүт. Биир чымыдааннаахпын уонна илиигэ тутар кыракый суумкалаахпын. Аны мантан биир көстөөх сиргэ сытар дойдубар тахсыахтаахпын. Сайын саамай үгэннээн, от-мас көҕөрө силигилээн, үүнэн турар кэмэ этэ. Дьэ, мин сатыы сылдьа үөрүйэх киһи быһыытынан, ыллым да айан суолун батыһа, дойдум диэки түһүнэн кэбистим. Дэриэбинэни тахсаат, барыахтаах суолбуттан туора суолунан, арай оҕолор саҥалара иһиллэр. Мин сүрдээҕин үөрдүм уонна батыһарга сананным. Ситэн ылан аргыстаһыах курдук кылам санаа өйбөр охсуллан ааста. Оҕордук оҕолорум саҥалара иннибэр барар уонна ким да баара көстүбэт. Мин отой санаабын түһэрбэппин, батыһан иһэбин. Аргыстаһыахтаах оҕолорум ситтэрбэттэр да ситтэрбэттэр, саҥалара буоллар бу күйгүөрэн олорор. Оҕордук сырсан балай эмэ уһуннук хаамтым да, отой сиппэппин, дэриэбинэм да кэллэр кэлбэт. Ол тухары муннум диэн санаа өйгө да суох. Кэнникинэн суолум олох да билбэт алаастарбынан киирэн бара турда. Оҕолор саҥалара иннибэр баран иһэн, тэйдэр-тэйэн симэлийэн хаалла. Халлааным аны туран киэһэрдэ, бороҥуй буолла. Дьэ, ыксааммын иннибин-кэннибин көрүнэн, иһиллээн киирэн бардым. Арай өйдөөн-дьүүллэн истибитим, туора ханна эрэ тыраахтар тыаһыыр, ону истэн олох салыбырыахпар дылы үөрдүм. Маллаах чымыдааммын туппутунан, ол тыас диэки харбыаластым. Үрдүк баҕайы сыыр үрдүгэр, үүнэн турар мастар быыстарынан тахсан, өҥөйөн көрбүтүм, аллара отчуттар саҥалара ньамалаһан, үөрэ-көтө оттуу сылдьаллар эбит. Үөрүүбүттэн үөһэттэн сүүрэн түстүм. Дьонум миигин көрөн сүрдээҕин соһуйдулар.
Кинилэр кэпсииллэринэн, борук-сорукка көрдөхтөрүнэ, арай сыыр үрдүнээҕи тыа быыһыттан туох эрэ, сүр баҕайытык бырдааттанан түһэн иһэр үһү. Бастаан куттана санаабыттар. Онтон өйдөөн көрбүттэрэ, чымыдаан тутуурдаах кыыс оҕо буолан хаалбыт. «Хайдах маннык чиэски сиргэ кэлэн хааллыҥ?», - диэн ыйыталаһыы бөҕө буоллулар. Мин: «Оҕолор саҥаларын батыһан, быһалыы суолунан кэлэн иһэн, мунан хааллым», - диэн туох баарынан кэпсээн биэрээччи буоллум. Хайыахтарай, оттоон бүтэн баран, сүбэнэн, биир тыраахтардаах киһилэригэр миигин олордон, дэриэбинэҕэ киллэрэн биэрдилэр. Оччоттон баччаҕа дылы, онно миигин туох сирдээн, угуйан илдьибитин отой кыайан быһаарбаппын. Сэрэйдэххэ, сир-дойду иччитэ, эрэкэ-дьэрэкэ оҕолор аргыстаспыт буолуохтарын сөп курдук. Хата, салгыы баран муммакка, дьону булан тахсыбыппар дьылҕабар махтанабын. Өскөтүн ол отчуттарга тиийбэтэҕим буоллар, ханна-ханна тиийиэм эбитэ буолла... Айбыт таҥара эрэ билэн эрдэҕэ. Олоххо дьэ итинник дьикти түбэлтэ биирдиилээн да буоллар си-дьүгээр көстөн, биллэн ааһаллар эбит .
Өбүгэ сиэрин умнумаҥ
- Тас эйгэ дьайыыта олохпут хайа баҕарар кэмигэр алтыһан ааһар түгэннэриттэн, ийэм кыра сылдьан түбэспит биир түгэнин кэпсээн ааһыахпын баҕарабын. Оҕордук, дьэ, биир сайын, күн киириитэ, сайылык оҕолоро таһырдьа тахсан оонньуу сылдьыбыттар. Арай,ол сырыттахтарына тыа саҕатынан аттаах киһи иһэрэ көстүбүт. Сайылык ыалыгар хас биирдии ааһар, кэлэр ыалдьыт сонун буоларын бары да билэн эрдэхпит. Ол куолутунан, оҕолор барахсаттар оонньуулларын тохтотон, киирэн эрэр күн уотун сардаҥатын быыһынан икки илиилэринэн чарапчыланан, тиритэн-хорутан, буорга- сыыска буккуллан, сирэй-харах бурҕалла, баттахтара сүүмэх-сүүмэх арбалла тооторуһан, аттаах киһилэрин одуулаһа турбуттар.
Киһилэрэ чугаһаан кэлиитигэр өйдөөн көрбүттэрэ, арай, бу соторутааҕыта өлбүт Киргиэлэй оҕонньор акка хороллон сэксэтэн ааһан эрэр эбит. Оҕолор барахсаттар бары кутталларыттан хамсыыр да кыаҕа суох сиргэ хараҕаланан хаалбыттар. Оҕонньордоро аргыый кэлэн, аттыларынан сайылык кэтэҕэр быллаардар үрдүлэригэр турар киһи уҥуоҕун быыһыгар киирэн, сүтэн хаалбыт. Онтон өй ыланнар, куттаммыт оҕолор, өй мэйдээх тулуйбат хаһыытын-орутун түһэрэн дьиэлэригэр сырсан күөдэлгэхтэммиттэр. Дьиэ иһигэр көтөн түһэн, ытаһан-соҥоһон,куттаммыттара ааһан,уоскуйуулара дьонноругар өрөпөөннөнө кэпсээн, ыһан-тоҕон киирэн барбыттарын, кырдьаҕас эбэлэрэ саба саҥартаан тохтотолообут. Онтон ыла киэһэтин мээнэ таһырдьа тахсан сарыласпат, оонньообот буолбуттар. Бука сэрэйдэххэ оҕолор барахсаттар алыс айдааран, оҕонньор уһун уутун уйгуурдан, сөбүлээбэккэ көстөн аастаҕа. Өбүгэ үгэһин, сиэри тутуспат буолуу төттөрү дьайыытын бу да кэпсээн туоһулуур.
Онон ыччаттар, ханна да сырыттаххытына, сиэрдээх буолуҥ, мээнэ хаһыытаһымаҥ-ыһыытаһымаҥ. Өбүгэ сиэрин умнумаҥ диэн санатыахпын баҕарабын.