13.05.2021 | 10:59

Эссетэ суруй – смартфонна сүүй!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

1991-1992 сылларга бүттүүн норуот өйө-санаата уһуктуутунан кынаттанан тахсыбыт национальнай оскуолалары саҥардыы Концепцията бигэргэтиллэн олоххо киирэн барбыта. Оччотооҕу Национальнай Концепция быйыл 30 сылын туолла. Концепцияттан үгүс чаҕылхай ыччат, сайдам санаалаах дьон үүннүлэр.
Национальнай Концепция үбүлүөйдээх сылын көрсө, “Киин куорат” хаһыат уонна “Ийэ тыл кэскилэ” түмсүү ЭССЕ КҮРЭҔИН биллэрэллэр. 
Концепция аҕалбыт туһатын, ыччат киһи уонна омук быһыытынан сайдыытыгар көдьүүһүн, бэлиэтии көрбүт буоллаххытына итэҕэстэрин – барытын айар үлэҕитигэр түмэн, санааҕытын сайа этэн суруйан ыытаргытын күүтэбит.
Күрэххэ кытталлар: 16+ саастаах дьон. 
Үлэлэргитин ыытаҕыт: kiinkuorat-kyrex@mail.ru
Күрэх бүгүн, ыам ыйын 13 күнүгэр, саҕаланар уонна ыам ыйын 27 күнүнээҕи хаһыат нүөмэригэр түмүгэ тахсар. Биир бастыҥ үлэ кыайыылааҕынан ааттанар.
Норуот дьокутаата, уопсастыбаннай деятель Павел Ксенофонтов-Ойуур Байбал кыайыылаахха SAMSUNG  Galaxy Fold смартфону бэлэхтиэҕэ. 
Кытын уонна кыай!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...