Эрнст Алексеев: «Киһи өбүгэтин ситимин быһыа суохтаах»
Бүгүҥҥү ыалдьыппыт – РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СССР култууратын туйгуна, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, П.А. Ойуунускай аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына, СӨ норуотун маастара, РФ, СӨ Архитектуратын Сойууһун чилиэнэ, Таатта улууһун уонна Дьүлэй нэһилиэгин бочуоттаах гражданина Эрнст Александрович Алексеев.
Бэйэм туспунан кылгастык
– Мин 1946 сыллаахха балаҕан ыйын 15 күнүгэр Ньурба улууһун Куочайыгар төрөөбүтүм. Ийэлээх аҕам үстээхпэр арахсыбыттар. Ийэбит 1950 сыллаахха Маалыкайга буҕаалтырынан үлэлии көһөн тиийбитэ. Ийэ, аҕа икки ардыгар ырыта тыыттаран, балтым Иза биһикки оттомноох оҕо саас диэни билбэтэхпит. Убайбыт Эрик университекка үөрэнэрэ. Биһиги эдьиийбит Фелицаталыын, балтыларбытыныын ийэбитигэр хаалбыппыт. Ийэбит иккиһин эргэ тахсыбыта. Маачаха аҕабыт барахсан, эдэр киһи, дьиэ-уот туттан олоҕун саҥа тэринэн иһэн, эрдэ олохтон туораан, үс сыллата балтыларым кыраларыгар тулаайах хаалбыттара. Мин алын кылаастарга аҕабар олорон Дьаарханынан, Антоновканан үөрэммитим. Ийэбэр Маалыкайга иккис кылаастан тиийбитим. Биир ыанар ынахтаах, сайынын эдьиийбиниин от үлэтиттэн ордубат этибит. Күһүн моҕотойдоон, бурҕаалаан, отонноон, “хара” түүлээхпит тириитин, отоммутун маҕаһыыҥҥа туттаран үөрэхпит тэрилин, оскуолаҕа кэтэр кыһыҥҥы таҥаспытын атыылаһарбыт. Дьиэҕэ соҕотох эр киһи дуома буоламмын, кырабыттан от-мас үлэтигэр мискиллэн улааппытым. Оҕо сааһым балаҕан түннүгүнэн чыычаах көтөн ааһарын курдук түргэнник элэс гынан ааспыта.
Үөрэммит, үлэлээбит сылларым
– 1964 сыллаахха СГУ техническэй факультетын сир баайын разведкалыыр (РМ-64) салаатыгар үөрэнэ киирбитим. Үөрэнэрин үөрэнэн, быраактыкаланан баран, дипломмун ылбакка кэргэннэнэн, Таатта Туора Күөлүгэр олохсуйан, тыаҕа мас кэрдэ тахсыбытым. Салгыы тутууга сылдьыбытым. 1976-1996 сылларга Туора Күөл орто оскуолатыгар математика учууталынан үлэлээбитим. 1983 сыллаахха СГУ математическай факультетын математикаҕа учууталын салаатын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитим. 1996-2003 сылларга Туора Күөл орто оскуолатын дириэктэринэн үлэлээбитим. Бүтүн кэлэктиип күүһүнэн, көмөлөөн, сүбэлэһэн, оскуолаҕа үгүс сылларга иитиэхтээбит ыра санаабын “Архитектурный тип мышления как основа образовательного процесса в школе саха” диэн саҥа бырагырааманы ылынары ситиспитим. Саха төрүт тутар-таҥар үгэһин үөрэтэн, бырагыраама чэрчитинэн оскуолам уус уолаттарын көмөлөрүнэн үгүс сиэдэрэй мас макеттардаах, ураты ис хоһоонноох, өрөспүүбүлүкэҕэ суох архитектурнай музейы тэрийбиппит.
2003 сыллаахха миигин ЯГИТИ-га үлэҕэ ыҥырбыттара. “Экспериментальнай миэбэл уонна дизайн” лабораториятыгар сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитим. Ол быыһыгар устудьуоннарга “Деревянное зодчество” диэн тиэмэҕэ лекция ааҕарым. “Архитектура уонна дизайн” кафедратыгар доценнаабытым. Манна үлэлээбит сылларбын күндүтүк саныыбын. Саха төрүт талах, мас тутууларын макеттарынан быыстапкалары тэрийбитим. Уруһуйдарбынан быыстапкаламмытым. “Мебель Якутии - 2004” өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапкаҕа кыттан, “Лучшая авторская работа” номинацияҕа бастаабытым. Устудьуон уолаттардыын “Дьөһөгөй оҕото” диэн ааттаан саха остуолун, олоппоһун, кириэһилэни оҥорон “Архитектура уонна дизайн” кафедратыгар бэлэхтээбиппит. Ити курдук үлэлээн, 2008 сыллаахха үлэбиттэн баҕа өттүбүнэн уурайбытым. Олоҕум тэттик түгэннэрин кэпсээтэхпинэ итинник.
Сахалыы балаҕан элбиир
– Үөскэ да, тыаҕа да дьон төрүт дьиэлэрин, балаҕаннарын туттар буолан эрэллэр. Үлүһүйэн туран, үтүктүһэ-үтүктүһэ. Сорохтор, бэл, өбүгэлэрин өрөбөлүүссүйэ саҕанааҕы балаҕаннарын сөргүтэн, өрөмүөннээн, сайылык дьиэ оҥостоллор. Хамсааһын баар. Ураһа да умнуллубата. Ыһыахтыыр сирдэргэ сэргэлэри, ураһалары “ыһан” кэбистилэр. Ким хайдах сатыырынан, кыаҕын иһинэн.
«Махтал» ресторан икки этээстээх балаҕана
– 2016 сыл сааһыары “Махтал” ресторан хаһаайыннара Н.И. Лукина, уонна И.И. Лукин ыҥыран ылан: “Үс Хатыҥҥа” балаҕан туттараары гынабыт, этээстээх балаҕан, бырайыагын оҥорон биэриэҥ дуо?”, - диэбиттэрин сөбүлэспитим. Бэйэм да киһини толкуйдатар ураты үлэҕэ, тугу барытын быраҕан, имэҥирэн туран ылсар идэлээхпин. Онон бырайыагын оҥоро охсон биэрбитим. Ол сайын биһиги “Үс Хатыҥҥа” бэйэм бырайыакпынан “Нижне-ленскэйдэр” аарыма улахан балаҕаннарын оҥоро сылдьар этибит. Этээстээх балаҕаны Петр Яковлевич Никитин диэн ураты ыраас илиилээх, айылҕаттан дьоҕурдаах уус салайааччылаах биригээдэ туппута. Онон мин икки балаҕанынан сүүрэ сылдьан дьоннорбор күүс-көмө, өй-санаа буолбутум. Тутууларбыт барыта санаа курдук табыллыбыттара. Бу кэлин иһиттэхпинэ, этээстээх балаҕаҥҥа дьон ураты тардыстан сылдьаллара үһү. Сонун аата сонун... испэр үөрэбин эрэ. Төһөтүн да иһин төрүт дьиэбит, балаҕаммыт “аныгылыы” таҥыллан, саҥалыы тыын ылан турдаҕа эбээт. Инникитин өссө тупсарыллан иһиэ буоллаҕа.
Айылҕаттан кэрэ өҥнөөх талах мас
– Урут толооҥҥо сылдьан эргэ өтөх ампаарыттан былыргы саха оҕотун талах ынах оонньуурун булан ылбытым. Оонньуур оҥоһуута судургутунан, киһиэхэ тиийимтиэтинэн сөхтөрбүтэ. Быһаҕын суолуттан көрдөххө, уус оонньууру олус эрэллэхтик, көр кэриэтэ, этэргэ дылы, биир тыынынан кыспыт буолуон сөп. Баара-суоҕа түөрт ойуу-олук туттуллубут. Олус судургу, ол тэҥэ ураты оҥоһук. Өбүгэлэрбит айылҕаны тосту уларыппакка, төттөрүтүн кини кэрэтин, уратытын күүһүрдэн көрдөрөргө дьулуһаллара. Ол дьулуурдарын арылхай холобурунан талах ынах оонньуур буолар. Ити курдук өбүгэлэрим үтүө үгэстэрин сирдьит оҥостон, талахтан ураты саҥа сувениры оҥорорбор мин былыргы маастар ньымаларын, сүрүн ойуу олуктарын туттан, оонньуур төрүт быһыытын-таһаатын тосту уларыппакка, сөбүгэр тупсаран, эбэн-сабан, билиҥҥи сайдыылаах олох ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн, талах айылҕаттан өҥө кэрэтин, уратытын күүһүрдэн биэрэргэ дьулуспутум.
Табаахырап пааматынньыга
– Скульптор П.П. Андросов 2003 сыллаахха нэһилиэк дьаһалтатын сакааһынан олоҥхоһут И.Н. Винокуров-Табаахырап скульптурнай мэтириэтин оҥорорго сөбүлэспитэ. Мин постамены бырайыактаабытым. Постамент ампаарын аллараа эргиирдэрин мастарын арыый уһатан, балаҕан ньэмиэскэй муннуктарын боҕуодьулаппытым. Постамент үрүтүн сылгы уонна оҕус төбөлөрө туһааннаах хайысхаларынан өйүүллэр уонна араҥаччылыыллар. Илин, соҕуруу – сылгы, сүөһү эйгэтэ, хоту, арҕаа – ынах сүөһү хайысхата, ыыра-дьаара. Постамент кирилиэстэрдээх пирамида үрдүгэр турар. Бу тутуу барыта ааннаах-ааркалаах үүт бүтэй күрүөнэн эргитиллэр. Скульптурнай мэтириэт олоҕун, постамент пирамиданы, күрүөнү-хаһааны мин бырайыакпынан нэһилиэк уустара оҥорбуттара.
Былыргы киһи уҥуохтарын чөлүгэр түһэрии
- 1992 сыллаахха Суорун Омоллоон 11 былыргы дьон эргиирдэрин, 1928 сыллаахха түһэртээбит хаартыскаларын туттаран туран: “Доҕор, бу хаартыскаларга баар ыһыллыбыт-тоҕуллубут, эмэҕирбит эргиирдэрин үөрэтэн, чөлүгэр түһэрэн тутан, экспонат быһыытынан Суоттуга Мыраан үрдүгэр туруортаабыт киһи”, – диэбитэ. Эмиэ биир дьикти үлэ. Хаартыскаларынан, сабардамнаах толкуйбунан туруору тутан, сытыары сыымайдаан, эт өйбүнэн эргитэ сылдьан эллээн эргиирдэрим бырайыактарын оҥорбутум. Бу саха тутар-таҥар үгэһин сөргүтүү, чөлүгэр түһэрии биир ураты, ол тэҥэ эппиэттээх үлэ. Күрүө иһигэр хос өйөбүл сэргэлэрдээх чардаат эргиир, бабаарына уонна чочуобуна эргиирдэр тутарга уустуктардаах этилэр. Мөккүөр да ханна барыай? Биир тылы булан эргиирдэрбитин этэҥҥэ таҥан Суоттуга, Мыраан үрдүгэр илдьэн туруортаабыппыт. Кырдьаҕаспыт сүргэтэ көтөҕүллэн, сүүрэ сылдьан эргиирдэрбит турар сирдэрин ыйан биэрбитэ. “Чочуобуна” эргиир таһыгар сынньана олордохпутуна, кырдьаҕаспыт барахсан үөрэн-көтөн, санаата кэлэн, сааһыгар холооно суох имигэстик тобуктуу-тобуктуу хаартыскаҕа түһэртээбитин төрүт умнубаппын. Үтүө да киһилиин алтыһан ааспыт эбиппит. Эргиирдэрбитин уус убайдарым Н.К. Тарбахов, П.П. Ермолаев, күтүөтүм А.Н. Павлов – Тоохой Уус буолан туппуппут.
«Үс Хатыҥҥа» кымыс сэргэлэрэ
– 2016 сыл сайыныгар, ыһыах иннинэ, “Үс Хатыҥҥа” кымыс сэргэлэрин оҥорбуппут. 20-чэ сыллааҕыта оҥоһуллубут сэргэлэр эмэҕирбит этилэр. Урукку сэргэлэр ойууларын-мандардарын алаастарга көрбүт былыргы сэргэлэрим ойууларынан сирдэтэн уларыппытым. Мастарын лаппа сонотон, күрүөтүн ол тэҥэ эттээх чиргэл тиит мас төрдүлэринэн эргитэн бөҕөргөппүтүм. Ортоку улахан аар сэргэҕэ аттар төбөлөрүн, талах оонньуур атын кыһар ньымабынан, суон дүлүҥнэртэн сүгэнэн баллырдаан, чочуйан оҥорбутум. Кымыс иһитин ыйыыр туорай мастарын айылҕаҕа чугаһатан, токур-мукур тиит титиригинэн таҥмыппыт. Бу үлэни бэйэм маастардаан Н.В. Аммосов, Д.А. Васильев, А.З. Моедо буолан оҥорбуппут. Мастара чиргэллэринэн, бөҕөтүнэн-таҕатынан кымыһым сэргэлэрэ барахсаттар лаппа тураллара буолуо дии саныыбын.
Тыгын башнятын саҥардан тутуу
– 2002 сыллаахха Дьокуускай куорат төрүттэммит күнэ бу аҕай буолаары турдаҕына, Тыгын башнята умайан аймалҕан буола сылдьыбыта. Куорат кылаабынай архитектора Николай Николаевич Алексеев куорат башнятын кэлэн туттун диэн, миэхэ Николай Ефимович Попов илдьит тириэрдибит этэ. Бириэмэтэ ыгыма бэрдин иһин аккаастаабытым. Онтон Николай Ефимович иккиһин эрийбитигэр сөбүлэспитим. Улахан итэҕэл сүктэриллибитэ. Яков Прокопьевичтыын хамаандабытын хомунан үлэбитин саҕалаабыппыт. Ый аҥаарынан бүтэрэҕит диэн улахан сорук турбута, ыгым үлэ буолбута. Консультанынан архитектор М.С. Алексееваны сыһыарбыттара. Башнябытын В.Н. Атласов уһаайбатыгар хомуйар буолбуппут. Маһы тоҕо-хоро таспытынан барбыттара. Биһиги маспытын таҥастаан, устуруустаан үлэбитин саҕалаабыппыт. Инструменнарбытын Андрей Анатольевич Высоких бэйэтин маҕаһыыныттан биэрбитэ. Эрэсиим кытаанах этэ: сарсыарда 6 чаастан түүн 1 чааска диэри үлэлиирбит. Күҥҥэ биэстэ аһыырбыт. Дэҥ-оһол тахсар түбэлтэтигэр суһал көмө массыыната аттыбытыгар турара. Хараҥардаҕына прожекторынан сырдаталлара. Башнябыт ампаарын 5-6 эргиири оҥоро-оҥоро, туруохтаах сиригэр илдьэн “хаалаан” иһэрбит. Ардах бөҕө, халтархайа, хайа уонна үрдүгэ... Этэҥҥэ ааспытыгар таҥараҕа махтал. Биир үлэһитим ийэтэ: “Оҕом дэҥнэммитэ буоллар, эйигин суукка үҥсүөх этим”, – диэбитин олох умнубаппын. Ол кэнниттэн төһөлөөх тутууну туттубут... Таҥара көмөтүнэн, этэҥҥэ сууттаммакка кэллэҕим.
Олоҥхо институтугар саха балаҕана
- 2012 сыллаахха ХИФУ ректора Е.И. Михайлова сөбүлэҥин ылан, “Олоҥхо” научнай-чинчийэр институтун дириэктэрэ Василий Николаевич Иванов көҕүлээһининэн, Кылаабынай үөрэх корпуһун (ГУК) иһигэр хоп курдук кэҥэс хоско “Олоҥхо балаҕанын” туппуппут. Бу биһиги дьиэ иһигэр балаҕаны маҥнайгы тутуубут буолар. Бырайыагын оҥорор уустуктардаах этэ. Дьиэ иһигэр буолан, сиэри-туому тутуһан, ыраас бэс балаҕаны, бурууһу, хаптаһыны туттан, балаҕаммытын санаа хоту көмүлүөк оһохтоон, ардьаах мастаан, талах олоппостоон, сиэрин ситэрэн, сөпкө бүтэрэн туттарбыппыт. Үөрэппит уолаттарбыныын Н.Ф. Аммосовтыын, Д.А. Васильевтыын, А.З. Моедолыын туппуппут.
Чааһынай дьиэҕэ бааһынай архитектураны туһаныы
- 2013 сыллаахха уруккуттан аалар ыарыы оҥосто сылдьыбыт ыра санаам – бааһынай архитектуратын, чааһынай дьиэҕэ илэ тутан-таҥан көрөр-көрдөрөр түгэн үөскээбитэ. Биллэҕим А.М. Ханин көрдөһүүтүнэн, кини доҕорун саҥа дьиэтин ис бараанын, оформлениетын бэйэм талбыт бырайыакпынан тутарга былааннаабытым. Айылҕа кэрэтин кэрэһилиир бааһынай архитектуратын туһанан, айылҕа матырыйаалын, араас силиһи-мутугу туһааннаах сирдэргэ туттан, нуучча ыыспатын кирилиэһин ураты холбоһуктарын туһанан син майгыннаттыбыт дии саныыбын. Эбэн этиэм этэ: талахтан хатыйыы күрүө, иккис этээскэ тахсар кирилиэс, камин, долбуур – бу барыта айылҕаҕа ыкса ураты көстүү буолар. Иккис этээскэ тахсыы балаһааккаҕа мас лабаатыгар мэкчиргэни кыһан олордубутум. Мэкчиргэ түүн, утуйар уу, муударас, дьахтар символа буолар. Дьиэлээхтэр утуйар ууларын араҥаччылыыр. Киирии тэрээһэ нуучча тутар-таҥар үгэһинэн оҥоһуллубута. Бу тутууну бэйэм бырайыактаан, маастардаан Александр Гуляевы кытта бииргэ оҥорбуппут.
«Чочур Мыраан» экология-этнография комплекса
- 2005 сыллаахха Герман Прокопьевич Арбугаев миигин анаан ыҥыран кэпсэппитэ. Киэҥ, кэскиллээх былаанын туһунан кэпсээбитэ. Бүлүүлүүр трактан чугас Мыраан тэллэҕэр “Ытык Күөл” диэн кырдьык да Улуу Ытык эбэ нэлэһийэн сытар. Эбэни, Мырааны утары үс башнялаах нуучча кириэппэһин туттарар былааннааҕын эппитэ. Нэһилиэгим эдэр, уус уолаттарын түмэн үлэлииргэ былааннаммыппыт. Эрэнэр киһим, улахан маастарым – Василий Семенович Захаров. Уолаттар барахсаттар тохсунньу томороон тымныытыгар бу үлүгэр сүдү тутуулары, үс башняны көҥдөйүн тутан бүтэрбиттэрэ. Саха эр уола чахчы айылҕаттан бэриллибит уһанар ураты дьоҕурун, сабардамнаах толкуйун, холкутун, тулуурдааҕын мин манна көрбүтүм. Тоҥнум, сылайдым диэн кыҥкыйдыы сылдьар биир да киһини көрбөтөҕүм. Киирии аан башня сүдү киэбинэн, холбоһуктара уустугунан ылбычча киһи ылсыбат үлэтэ. Уус уолаттарбынан улаханнык киэн туттар үлэм бу буолар. Сөҕөрүм сөҕүрээбэт, уолаттарбыныын киэн туттуум кэҥээн, кэтирээн иһэр. Кириэппэс башнялара үгэс быһыытынан сылытыллыбаттар эбээт, кырыыһалара аһаҕас турдахтара дии. Дьиэ көҥдөйүн тутуу, сылытыы уонна үлэ уопсай тэрээһинин, матырыйаал булуутун талааннаах салайааччы Дмитрий Ананьевич Петров иилээн-саҕалаан ыыппыта. Гостиница, ресторан ис тэрилин, үгүс элбэх остуол, олоппос, ыскамыайкалар атахтарын хатыҥынан Туора Күөлгэ суоран бэлэмнээн, кыһан-кыладыйан аҕалан куоракка хомуйбуппут. Башняҕа киирээтин хаҥас эрийэ туттахха – ресторан. Утары саардарга тайаммыт маадьаҕар атахтардаах, бөҕө-таҕа саха остуола турар кэтит-киппэ. Остуол үрдүнэн улахан мас сибэтиилинньик. Зодиактардаах. Сыгынньахтанар сир, ардьаах мас киэбинэн үрүүмкэлэри таҥнары ыйыыр тэрил, бу барыта төрүт үгэскэ олоҕуран тутуллубуттара. Чочур Мырааҥҥа үлэлээбит уустарбынан Э.А. Алексеев, В.С. Захаров, Я.П. Ермолаев, П.П. Гладкин, А.В. Кириллин, М.И. Павлов, А.Н. Тарбахов, Д.И. Максимов, В.Н. Янитов, Г.И. Хаптагаев, С.Я. Ермолаев буолаллар.
Эдэр маастардарга сүбэ
- Эдэр маастар саха остуолун оҥоруон иннинэ, музейга сылдьан, өбүгэлэрбит үтүө үлэлэрин кытары билсиһэрэ булгуччулаах. Киһи киһиттэн үөрэнэр, уус уустан уһуйуллар. Уус өбүгэлэрбит ыраас буочардарын ырытан, ырыҥалаан, үөрэтэн, уһанар үлэҕэ туһаныы үгэскэ кубулуйуохтаах. Билиҥҥи кэмҥэ үгүс дьоҕурдаах уус, аһыыр-таҥнар кыһалҕаттан, атын дьон үлэтин үтүктэллэрэ, онон үлүһүйэллэрэ кистэл буолбатах. Үтүктүбэтиннэр диэбэппин. Эдэр худуоһунньуктар, суруйааччылар айар үлэлэрин, үгэс курдук, улуу маастардар айымньыларын үтүктэн, куоппуйалаан саҕалыыллара. Манна уус толорор дьоҕура, маастарыстыбата чочуллар. Салгыы эдэр уус үлэтигэр бэйэтин буочарын киллэрэн, ол эбэтэр үлэ ис хоһоонун дириҥэтэн, байытан, быһыытын-таһаатын аналыттан көрөн тупсаран, тулалыыр эйгэтигэр сыһыаран, дьүөрэлээн оҥоруохтаах. Бу буолар айымньылаах үлэҕэ маҥнайгы хардыы диэн. Сорох уустар хайа да бэйэлээх уустук үлэни ойууттан көрөн уһулуччу оҥоруохтарын сөп. Ол эрэн кинилэр бэйэттэн эбэн-сабан, саҥаны киллэрэри ыарырҕаталлар. Бу үчүгэй маастардар, ол эбэтэр ремесленниктэр. Сорох уустар үтүктүүнэн муҥурдаммакка, үлэҕэ саҥаны киллэрэргэ дьулуһаллар. Бу айылҕаттан худуоһунньуктар. Үтүктэр үчүгэй, ол эрэн аһара түһүү баар. Ол курдук, остуол атаҕын быһыытын, үгэстэн туораан, талбытынан уларытабыт. Этэргэ дылы, тарбахтан эмэн ылбыт тупсаҕай көстүүнү биэрэбит. Төрдө-ууһа суох, тулаайах орнаменнарынан тупсарабыт, сир-халлаан ыккардыгар сылдьар сэлээр ойууларынан симиибит, сиэри ситэрэн дьон хараҕын баайабыт. Итинник оҥоһуктары атыылыахха сөп. Ол эрэн иэдээнэ диэн, бу үлэлэр үрдүк таһымнаах быыстапкаларга туруоруллаллар, араас омуктар сыанабылларын ылаллар. Кинилэр саха мастан үлэлэрин туһунан сыыһа өйдөбүлү ылаллар. Ити курдук, буоллун-хааллын диэн үлэ содула улахан буолар.
Эрнст кыыһа аҕатын туһунан
Лилианна Эрнстовна Егорова, РФ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, “Арассыыйа бастыҥ учуутала” куонкурус кыайыылааҕа, “Учууталлар династиялара” бэлиэ хаһаайына:
– Мин аҕам Эрнст Александрович Алексеев – олох кэрэтин туойар, маһынан муусуканы айар айылҕаттан айдарыылаах уус. Кини баар буолан дьиҥ сахалыы тупсаҕай оҥоһуулаах дьиэ-уот элбиир. Аҕам барахсан сып-сылаас, сып-сымнаҕас улахан илиилэрэ сатаабатахтара диэн суох. Дьоҥҥо барытыгар көмөлөһөр аналлаах аптаах илиилэр. Саха талааннаах ууһун көмүс илиилэрэ. Саха сирин араас муннуктарыгар чабыламмакка, кэпсэммэккэ, киһиргээбэккэ, өбүгэлэрбит үгэстэрин тилиннэрэн, араас бэйэлээх тупсаҕай тутуулары оҥорор. Баайга-дуолга, аакка-суолга таласпыта буоллар, маассабай култуура ирдэбилинэн миэбэл оҥорон, дьиэ-уот киэргэтэн, хачыгырас харчыны хармааныгар уктубут буолуо этэ. Хаһыакка, сурунаалга кини туһунан халлааҥҥа диэри хайҕыыр, таҥараҕа тэҥниир ыстатыйалар субуллуохтара этэ. Араас дарбааннаах бырааһынньыктарга сыанаттан түһүө суоҕа, тэлэбиисэр биэриилэригэр кэпсиэ-ипсиэ этэ.
Ону мин аҕам оннук киһи буолбатах. Саха саарыннарын, урааҥхай бастыҥнарын удьуордара дьиҥнээх аристократ, олоххо, айар үлэҕэ туох да туллаҥнаппат чиҥ быраабылалардаах. Аҕам ону хаһан да кэспэт. Кини бэйэтин ыраас ыраларын таҥнарбат. Саҥата суох, сэмэйдик айыылартан аналын толорон, айар-тутар. Аҕам уһанарын, үлэлиирин тухары саха дьиҥ искусствотын норуокка тиэрдэргэ, кэрэни өйдүү үөрэтэргэ дьулуһар. Оруо-маһы ортотунан барар ойууну-мандары аттынан ааһан, хараҕы халтарытар тас “кэрэни” аахайбакка, уһуннук толкуйдаан, элбэх кинигэни ааҕан, үөрэтэн, хас биирдии балаҕаны, ураһаны дьиэ ис бараанын тутар. Хас биирдии тутуутугар сүрэҕин сылааһын, олоххо, дьоҥҥо тапталын иҥэрэр. Биир да орнамент, оһуор оҥоһукка мээнэ киллэриллибэт. Барыта улахан суолталаах, араҥаччылыыр, дьолу түстүүр аналлаах.
Эрнст Алексеев кинигэлэрэ:
“Талах ынахтан саҕалаан”- Дьокуускай: Ситим, 1993 с.
“Өркөн өйүнэн, кыраҕы хараҕынан” - Дьокуускай: Ситим, 1995 с.
“Саха мастан, талахтан үлэлэрэ”- Дьокуускай: Бичик, 1999 с.
“Саха балаҕана”- Дьокуускай: Бичик, 2007 с.
“Хараҕы баайар ураты көстүүлэр”- Дьокуускай: Бичик, 2007 с.
“Талахтан, мастан дьиэ тэрилэ”- Дьокуускай: Бичик, 2016 с.
“Саха мастан тутуулара”- Дьокуускай: Бичик, 2016 с.
“Саха уонна нуучча – төрүт тутар үгэһэ”- Дьокуускай: Бичик, 2020 с.
Кини бу кинигэлэрин үүнэр көлүөнэ ыччакка тирэҕирэн суруйбут. “Бу үлэлэрим үөрэтэр-такайар аналлаах “учебник” курдуктар. Устудьуоннар саха балаҕаныгар дипломнай үлэлэрин суруйалларыгар көмөлөһөбүн, сүбэ-ама биэрэбин” – диэн ис-иһиттэн иэйэн олорон кэпсиир.