Эриэйдэ тугу көрдөрдө?
Ааспыт бээтинсэҕэ Труд базаҕа баар кууһунан атыылыыр фруктаны, оҕуруот аһын атыылыыр эргиэн туочукаларыгар тиийэн, бэйэм эриэйдэ оҥордум. Урукку сылларга сороҕор соҕотоҕун сылдьан, ардыгар куорат дьаһалтатын предпринимательствоҕа отделын уонна Промышленнай уокурук 3-с №-дээх полиция отделын кытта, ыҥырдахтарына эриэйдэҕэ сылдьааччыбын.
Кэлин хаһыат үлэһиттэрин ыҥырбат буоллулар. Ол иһин сайыҥҥы өттүгэр бэйэм баран, эриэйдэ оҥорон кэлээччибин. Онон база “ис буотараҕын” билэбин диэххэ сөп. Бу территория Промышленнай уокурукка киирсэр. Уокурук, дьаһалта өттүттэн эриэйдэ ыытыллар да, бастаан утаа дьаһаммыт курдук буолаллар. Онтон аа-дьуо хайдыбыт харыыталарыгар син биир төннөллөр. Биһиги биирдэ бэрэбиэркэлии барбыт күммүтүгэр оҕуруот, фрукта аһын кытта тэҥҥэ туалетнай кумааҕыны, мыыланы, мас арыытын тэҥҥэ атыылыы тураллар этэ. Бу маннык атыы санитарнай ирдэбилгэ сөп түбэспэт, санитарнай нуорманы кэһии буолар.
Салалта өттүттэн хонтуруол күүһүрүөн наада
Дьэ, эриэйдэбин саҕалыыбын. Эбиэт кэннэ тиийбитим, доҕоор, улахан контейнердаах массыыналар быылы бүрүммүтүнэн, субуһан кэлэннэр, атыы-кутуу буола түспэтилэр дуо? Бэйэлэрин тылларынан “чобугураһан”, анал миэстэлэргэ кэлэн турунан кэбистилэр. Онно өйдөөн көрбүтүм, базаҕа үлэлиир атыыһыттар билсиилээхтэригэр анаан миэстэ “ирээттээн” тураллар эбит. Мин ону тута өйдөөммүн, хаартыскаҕа “сырк” гынан түһэрэ охсобун. Атыылыыр айдааннарыгар буолан, хаартыскаҕа түһэрэрбин өйдөөн да көрбөттөр быһыылаах. “Дьэ, эрэттэр, бэйикэйдэриҥ”, - диэн испэр санаан ылабын. Мантан салгыы хаартыскалары көрдөххүтүнэ, баар балаһыанньаны өйдүөххүт.
Өрөбүл күннэргэ кумааһынньык халыҥыыр
Сыаналара олох суруллубатах. Бэйэлэрэ билэллэринэн сыананы быһаллар. Сороҕор чэпчэтэллэр, арыт ыараталлар. Киһини баһыттан атаҕар диэри көрөллөр. Маанытык таҥна сылдьаргын көрдөхтөрүнэ, чэпчэтэллэр. Маратык таҥна сылдьар буоллаххына, сэнээн ыараталлар. Пандемия эрэсиимигэр ирдэнэр туох да харыстанар ньыма суох. Атыыһыт барыта мааската суох турар.
Маҕаһыын иһигэр киирэбин. Аата, сүрүөн, бу чанчарыктарын көрбөккүөт... Итиннэ бөх, манна – бөх. Остуол анныгар кроссовкалара мээнэ сытар.. Соһуйабын, өмүрэбин. Бэйэлэрэ бородууксуйаларын таска атыылыы тураллар.
Быыл ортотугар, суолтан чугас оҕуруот аһын, фруктаны атыылыыллар. Санитарнай ирдэбил суох. Массыыналар ааһар суолларын таһыгар атыылыылларын хонтуруоллуур тэрилтэлэр көрөллөрө эбитэ буоллар?
Дьэ, маннык сиэмэчикэ ыстыы-ыстыы тураллар. Сыыҥтара- сырааннара ханна барбыт үһүө? Коронавирус кэмигэр өссө кутталлаах дьон кинилэр буоллахтара. Мааска диэни билиммэт дьон эбит. “Наадаларын” толунан баран, илиилэрин да сууналлара биллибэт. Илиилэрэ барыта бактыарыйа буолуохтаах.
Атыыһыттартан мааскалаах туралларын ирдиэххэ наада. Ханнаҕытый, вирус тарҕанарын уодьуганныыр тэрилтэлэр?
Маннык КАМАЗ массыынанан кэлэн атыылыыллар. Бу Казахстантан аҕалбыт лууктарын атыылыыллар, киилэтэ 35 солкуобай. “Эдьиэй, тугу атыылаһаҕыный?”, - диэн өссө ыйыталлар. “Эһиги хармааҥҥытын байытар санаам суох”, – диибин.
Мин көрөн турдахпына, кырата 5-6 улахан уйуктаах КАМАЗ массыына маннык кэлэн турунан кэбистэ. Чаһыбын көрбүтүм, 3 чаас буолбут. Ол аата бу кэмҥэ “бартыһааннар” ыҥырыыларынан кэлэн атыыларын саҕалыыллар эбит. Тоҕо диэтэхххэ, баччаларга хонтуруол хаһан да ыытыллыбат. Онтон субуота, өрөбүл күннэргэ атыыларын “өрөгөйө” буолар. Кумааһынньык халыҥыыр, биллэ “бөскөйөр”.
Балаһыанньа билигин да уустук
Константин Николаевич Саньяхов, Промышленнай уокурук управатын сүрүннүүр специалиһа:
- Хаһан баҕарар буоларын курдук, биһиги куораппытыгар итии күннэри баттаһа оҕуруот аһын, соҕуруу дойду минньигэс фруктатын атыылыы охсоору, улахан контейнеры толору хааламмыт сүҥкэн кыамталаах массыыналар субуллаллар. Кинилэр биллэрин курдук, Труд уулуссаҕа баар икки улахан кууһунан атыылыыр базаҕа тоҕуоруһаллар. Кыра иэннээх базаҕа баппакка, кыракый Труд уулуссаны бүтүннүүтүн ылан, сэлэлии туран, күннээх Азия күн эгэлгэ фруктатын арааһын тэлгэтэн кэлбити-барбыты угуйа турар буолаллар. Массыына кэлиитэ элбэҕэ бэрт буолан, сороҕор сүөкэнэр уочараттара хастыы да хонукка кэлбэккэ туруохтарын сөп. Сорохтор аҕалан туттарар сыала суох, бэйэлэрэ бородууксуйаларын барыстаахтык батара охсон, төннөр сыаллаахтар эбит. Онон кэллилэр да, ханна түбэһиэх туран, сыаналарын база киэниттэн быдан чэпчэтэн, атыылаабытынан бараллар. Саҥа кэлбит массыыналаахтар, ону көрөн, кинилэри үтүктэн, уулуссаттан эмиэ атыылаабытынан бараллар. Онон атыы-эргиэн быраабылата кэһиллэн, балаһыанньа уустугурбута хас да сыл буолла.
Промышленнай уокурук управата 3-с №-дээх полиция отделын кытта кыттыһан, атыыны-эргиэни бэрээдэктиир сыаллаах эриэйдэлэри ыытан, контейнердаах массыыналары хонтуруоллууллар. Сокуону кэһэн атыылыы туран тутуллар түбэлтэлэригэр, боротокуол оҥоһуллан, сөптөөх миэрэлэр ылыллаллар. Ааспыт 2019 сылга 123 атыы-эргиэн быраабылатын кэһии түбэлтэтэ чуолкайданан, боротокуоллар оҥоһуллубуттара. Быйыл коронавирус ыарыы күүскэ тарҕанан, урукку сыллардааҕар быдан аҕыйах атыылааччы кэлбитэ бэлиэтэннэ. Уонна кэлиилэрэ да хойутаан буолла. Бу 2020 сылга баара-суоҕа 20 боротокуол оҥоһулунна. Биир курдук бэрээдэги кэһээччилэр харыларыттан харбаппакка, куота көтөр буолан, кэһиини тутар уустугурар. Билигин да син биир массыына үрдүттэн атыы баар эрээри, көрөн куотар буоллахтарына, билигин өйдөммүттэр диэн бэлиэтиэххэ наада. Син биир араас биричиинэнэн боротокуол оҥоһулларыттан куота сатыыллар. Билигин Промышленнай уокурук управата бу кыра эрээри, наһаа тоҕуоруһуулаах Труд уулуссатын бэрээдэктиир, үөскээбит уустук балаһыанньаны туоратар үлэни былааннаахтык ыытар.