09.04.2020 | 12:49

ЭРИЭППЭ ЛУУК ТУҺАТА

ЭРИЭППЭ ЛУУК ТУҺАТА
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Биирдэ дьиэбэр бэркэ билэр далбарым ыалдьыттыы кэллэ. Киирэн иһэн лууктаах пакетын тоҕо түһэрэн кэбистэ. «Чэ, маннык буолуохтааҕа буолуо»,- — диэн күлэн чычыгыраата.

Бэйэ бэйэбитин көрө түстүбүт — бу иннинэ дьиэбэр дьону ыраастаабытым, ону бу эриэппэ лууктаах дьахтар кэлбитигэр Дьиэм Иччитэ барахсан, алаһа дьиэбин ыраастата охсоору, чүөчэҥ «өйдүө» диэн пакетын «тоҕо тартаҕа». Дьахтарым куухунаҕа ааһан баран, остуолум, ыскаабым анныгар пакетыгар хаалбыт бөп-бөдөҥ лууктарын ылан ыһыталаата.

Кырдьык даҕаны – бу маннык луугунан дьиэ эйгэтин ыраастааһын диэн эмиэ баар. Эриэппэ луугунан, сибэккитинэн хара тыыннартан, дьон санаатыттан ыраастыыллар. Хос аайы эриэппэ луук аҥардыытын, дьиэ иһиттэн туох баар ыарыы тыынын, дьаҥы-дьаһаҕы хомуйтараҕыт. Сарсыарда лууккутун сыгынньах илиигитинэн туппакка (бэрчээкки кэтэн баран) хомуйан ылан быраҕаҕыт.

Ыалдьар буоллаххытына, лууккут аҥаарынан ыалдьар сиргитин сотоҕут.

Сибэккилээх вазаҕа — дьиэ киэргэлэ оҥостон луугу уга сылдьыаххытын син — хаһан да, ким да кэллэр — өрүү харысхаллаах буолуоххут.

Эмчиттэр үлэҕитигэр быһах туттар буоллаххытына — быһаххытын ыраастыырга — луугу туттуҥ.

Эриэппэ луук ыйы кытта ыга сибээстээх, ол иһин ыйы кытта үлэҕэ, туомнарга луугу туттуҥ. Луук чесногу кытта араас туомнарга, ыарыылары эмтииргэ, ыраастааһыҥҥа хара тыыннартан, абааһылартан харыстыыр.

Түннүккүтүгэр, оҕуруоккутугар луук олордор буоллаххытына — лууккут үүнэрин тухары өрүү харысхаллаах буолуоххут.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Сонуннар | 29.08.2024 | 16:00
Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Саҥа үөрэх дьыла саҕаланара аҕыйах күн хаалла. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн оскуолаҕа туох уларыйыылар киирэллэрий? Ол туһунан бүгүҥҥү нүөмэргэ бэлэмнээбит тэттик матырыйаалбытын ааҕыҥ.   Учуутал үөрэнээччитин сэмэлиэн сөп “Үөрэҕирии туһунан” сокуон оскуолаларга быһыы-майгы быраабылаларын уонна кылааска бэрээдэк ирдэбиллэрин олохтуурга көҥүл биэрэр. Сокуон үөрэнээччилэр бу быраабылалары тутуһалларын ирдиэҕэ, оттон учууталлар уруок кэмигэр...