18.12.2019 | 11:23

ЭРГИЭМСИК КУРУУК АЧЧЫК СЫЛДЬЫАХТААХ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кэлбит-барбыт, сытыы-хотуу дьоҥҥо туораттан ымсыыран ылаҕын. Бүгүн сэһэргиир ыалдьытым спордунан сөбүлээн дьарыктанар, предприниматель Ариадна Винокурова. Ариадна убайынаан Ганялыын дьиэ кэргэн биисинэһинэн дьарыктаммыттара номнуо 4 сыл буолла. Ол туһунан эдэр урбаанньыт ааҕааччыларыгар кэпсиир.

– Мин Таата улууһугар Ытык Күөлгэ 1995 сыллаахха төрөөбүтүм. Дьоммут биһиги кыра эрдэхпитинэ киин куоракка көһөн кэлбиттэрэ. Онон куоракка улааппыппыт. Манна мин национальнай гимназияҕа үөрэнэ киирбитим. Оскуолабын ситиһиилээхтик түмүктээн, ХИФУ туризм салаатын устудьуона буолбутум. Оччолорго туризм сайдан эрэр диэн үгүстүк истэрим, хаһыакка да суруйаллара. Онон инникилээх идэ дии санаабытым. Биир сыл үөрэнэн көрбүтүм эрээри, син-биир оскуола оҕотун курдук сылдьарым... дьоммун кытта олоробун, уопсайга ылбаттар, туох да уларыйыы тахсыбатах курдук. Иккис кууруска тахсан баран улуу Москуба куоракка барарга санаммытым. Дойду тэбэр сүрэҕэ уурбут-туппут курдук көрсүбэтэҕэ, өр баҕайы докумуоннарбын эккирэппитим, бииртэн-биир табыллыбат, нууччалыы да оччо-бачча саҥарбат этим. Дьэ, ол курдук баҕарар куораппар РГУТИС диэн туризм университетыгар иккис кууруска  киирбитим. Үөрэхпин ийэм төлүүр, эбиитин кэлэр-барар бырайыаһым барыта ийэм санныгар сүктэриллибитэ. Төлөбүрдээх үөрэххэ үөрэнэр киһи быһыытынан тугу барытын быраҕан туран үлэлиир этим, тыҥырах оҥорортон саҕалаан газовай хочуоллары атыылааһыҥҥа тиийэ. Ол эрэн тоҕо эрэ ымсыырбыт куоратым миигин абылаабатаҕа. Саха буоламмын дуу эбэтэр дойдубар сайдыахпын баҕараммын дуу, син биир төрөөбүт сирбэр-уоппар наһаа талаһар этим.

ҮЛЭҔЭ ЭРИЛЛЭН УЛААППЫТЫМ

– Бииргэ төрөөбүттэр төрдүөбүт уонна бары сахалыы куттаах, иитиилээх оҕолор буолабыт. Күн-күбэй ийэбит уонна тапталлаах эбэбит биһигини олох кыра эрдэхпититтэн сиэрдээх дьон буоларбытыгар дьулуспуттара. Бары үлэ диэн хайдах оҥоһулларын, харчыны хайдах сыранан үлэлээн ылалларын бэккэ билэн улааппыппыт. Онон кыра эрдэхпиттэн үлэҕэ эриллэн улааппытым диэтэхпинэ сыыспаппын. Түгэнинэн туһанан ийэбэр уонна эбэбэр сахалыы толкуйдаах, үлэһит майгылаах буоларга ииппиттэригэр махтанабын.

ТУРИЗМ ИДЭТЭ  СОЧЧОТО СУОХТУК САҔАЛАММЫТА

– Бэйэм биир сиргэ хатанан олорорбун сөбүлээбэт майгылаахпын. Куруук «в движении» сылдьыахпын баҕарабын. Дьэ, ол курдук үрдүк үөрэхтээх киһи дойдубар кэлэн үлэлээтэҕим дии. Биир туристическай тэрилтэҕэ үлэҕэ киирбитим. Кыра баҕайы кэбиниэккэ күнү быһа олорор этибит. Онно олорон туох-баар киинэни барытын көрбүтүм (күлэр). Чиэһинэ эттэххэ, биир да килийиэн кэлбэт этэ. Биир эмит киһи кэллэҕинэ, харбыалаһыы. Күнүм халтайга хаалар, бириэмэм туһата суохтук барар. Биир тылынан эттэххэ, «тоска». Бу олорон араас санаа киирэр. Хайдах салгыы үлэлиибин? Туохха да наадата суох идэни талбыппын... Хайдах гынан киһи-хара буолабын? Тугу аһаан-сиэн сылдьабын? Ол саҕана бииргэ төрөөбүт убайым Ганя бэйэтэ спортивнай саала арыйан, саҥа атаҕар туран эрэр бириэмэтэ этэ. Уһуну- киэҥи толкуйдаабакка, убайым тэрилтэтигэр сыста түспүтүм. Эрдэ спортка сыһыаным соччо-бачча суоҕа. Дьону дьарыктыырбар миэхэ бастаан бэйэбэр эрэлим суох этэ, куттанар этим, барыта ыксал, «һуу-һаа” бөҕө буоларым (күлэр). Бу кэмтэн ыла олоҕум 100% уларыйда…Убайым үтүө сүбэтинэн Москубаҕа аан дойдутааҕы фитнес оскуолатын сайкл салаатыгар үөрэммитим. Оччолорго сайкл Дьокуускайга саҥа кэлээри турар этэ. Сайкл түргэнник ырарга көмөлөһөр. Дьэ, үөрэнэн кэлэн баран велотренажёрдары ыллаттаран, мал-сал атыылаһан, урбаан эйгэтигэр маҥнайгы хардыылары оҥорон барбытым.

БОДИЛАЙН АТАҔАР ТУРУУТА

– Бастаан тэринэрбитигэр убайым 24 саастаах, мин 20 эрэ саастаахпын. Дьоммут соччо сөбүлээбэтэхтэрэ... Киэҥ сиргэ үөрэммит оҕолор, эбиитин төлөбүрдээх үөрэххэ үөрэнэн бараммыт, «фитнес-тренер” буолабыт диэбиппитигэр, наһаа хомойбуттара. Бизнеспитигэр дьон курдук мөлүйүөнүнэн бастакы хапытаал суоҕа. Хармааммытыгар баара-суоҕа 15 эрэ тыһыынчалаах этибит. Ол да буоллар, күүстээх санаалаах буоламмын буолуо, хайдах эрэ барыта сыыйа испитэ. Киһи бөҕө кэлэттээн барбыта.  Син-биир бастакы сыыһа хамсаныылар, санаалар ханна барыахтарай? Билигин атахпытыгар турдубут, туох-баар сыыһаларбытын көннөрдүбүт, куруутун бэйэбитин сайыннарабыт. Тэрилтэбит араас хайысханан ситиһиилээхтик үлэлиир. Сөптөөх аһы-үөлү атыылыыбыт, төлөпүөҥҥэ сыһыарыыны (мобильное приложение) олоххо киллэрбиппит уонна кэрэ аҥаардарга кырасаабыссалар салоннарын үлэлэтэбит. Дьокуускайга уопсайа үс саалалаахпыт, улуустарга эмиэ үс саала үлэлиир.  Бүгүҥҥү күҥҥэ 26 үлэһиттээх тэрилтэ буола үүннүбүт. Үлэһиттэр бары хамнастаахтар, таһымнарын үрдэтэр сыалтан араас куораттарга эбии үөрэххэ ыытабыт. Москубаҕа тиийэ филиал арынар былаан баар, онон Арассыыйа таһымыгар тахсаары сылдьабыт.

БЭЙЭ ДЬЫАЛАТА ДИЭН ТУГУЙ?

– Бэйэ дьыалатын арынар – олус эппиэттээх дьыала. Эн бастаан үлэһиттэргин саныаххын наада. Үлэһиттэриҥ хайдах усулобуйаҕа олороллорун, тугу аһаан сылдьалларын, доруобуйаларын туругун, туох кыһалҕалаахтарын барытын хонтуруоллуу сылдьыахтааххын. Бэйэ дьыалата эһээхэй оҕонү бүөбэйдиир тэҥэ. Сарсыардаттан хара киэһээҥҥэ диэри бизнескин эрэ саныыгын. Тоҕо диэтэр бу эйигин аһатар-сиэтэр дьыалаҥ. Мин сөбүлүүр уонна дуоһуйууну ылар идэбинэн дьарыктанарбаттын олус астынабын. Өскөтүн предприниматель быһыытынан бизнес тэриниэххин баҕарар буоллаххына,  ким эрэ этэрин, сүбэлиирин кэтэһэн олоруо суохтааххын.

БОДИЛАЙН ФРАНШИЗА БУОЛБУТ

– Биһиги олоҕу кытары тэҥҥэ хардыылыырга, сайдарга дьулуһабыт. Бэйэ бизнеһин киэҥ сиргэ таһаарыы, үлэлэтии диэн биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр аҕыйах сыллаахха диэри суох этэ. Билигин биһиги бэйэ бородууксуйабытын туох-баар ирдэбилин барытын хааччыйан, тустаах докумуоннарын туттаран атыылыыр кыахтанныбыт. Ол эбэтэр биһиги үлэлиир систиэмэбитинэн ханнык баҕарар киһи дохуот киллэринэр кыахтаах. Билигин франшизабыт үс улууска баар. Ол курдук, Бүлүүгэ, Горнайга уонна Майаҕа. Билигин даҕаны олус элбэх сайаапка киирэн сытар, аҕыйах сылынан өрөспүүбүлүкэҕэ барытыгар тиийэхпит. Франшиза, өрөспүүбүлүкэҕэ барытыгар аһыллан, сахабыт дьоно доруобай туруктаах сылдьыахтара диэн эрэнэбит.

ҮТҮӨ ДЬЫАЛА СҮННЬҮНЭН

– Көмө аахсыйалары биһиги урут-уруккуттан оҥоробут. Аан бастаан оскуола оҕолорун сэрээккэлэтэр, чөл олоҕу тутуһалларыгар ыҥырар, дьарыктыыр этибит. Билигин хамаандабытынан нэдиэлэҕэ биирдэ хайаан да үтүө дьыаланы тэрийэбит. Күн аайы бэйэҕин сайыннарар, дьоҥҥо үтүөнү оҥорор буоллаххына, эйиэхэ, эн суолгар  син-биир сырдык сүүрээн киирэр эбит. Биһиги кырдьаҕастартан саҕалаан Оҕо дьиэтигэр тиийэ үлэлиибит. Кыаммат-түгэммэт ыал баар буоллаҕына, бородууктанан көмөлөһөбүт. Маннык аахсыйаларга өссө биһиэхэ дьарыктана кэлбит дьон эмиэ кыттыһар, онон бу үтүө дьыалабыт өссө сайдыа диэн эрэнэбин. Эрдэ улуустары кэрийэн саҕалаабыппыт, буор-босхо нэһилиэк дьонун дьарыктаабыппыт. Билигин интэриниэт үйэтэ кэлэн, төлөпүөҥҥэ сыһыарыыны олоххо киллэрэммит, улуус олохтоохторо бу сыһыарыынан эттэрин-хааннарын эрчийэллэр. 

ХАРЧЫ ЭРГИЙЭР

– Олох кыһалҕатын билэ улааппыт буоламмын, оҕо эрдэхпиттэн харчыны кэмчилииргэ кыһалларым. Мин санаабар, харчы эниэргийэтэ диэн чахчы баар. Өскөтүн эн дьиҥнээх предприниматель курдук толкуйдуоххун баҕардаххына, чопчу сыаллаах буоларыҥ ирдэнэр. Сыалгын харчыгар таһааран атыылыаххын сөп уонна мин бу сыалы хайдах гынан, хас ыйынан атыылаһыахпын сөбүй? диэн бэйэҕэр харчыгын эргитэҕин. Харчыны куруук экономиялаан туттар буоллаххына, эйиэхэ харчы тардыспат. Харчыны туһаҕа таһааран эргитэр буоллаххына, хайа баҕар түгэҥҥэ син-биир харчыҥ киирэ турар. Урбаанньыт харчытын сатаан ааҕыахтаах, суоттуохтаах, ырытыахтаах. Туохха, ханна, хаһан төһө суума барбытын-кэлбитин учуоттана сылдьыахтаах. Оччоҕуна эрэ кини харчыны эргитэр кыахтанар. Урбаанньыт харчыга интэриэһэ улаатарыгар, куруук аччык сылдьыахтаах; оччоҕуна эрэ кини оҥорор өҥөтө таһаарыылаах уонна инникилээх буолар.

БАҔА САНАА ОЛОҔУ САЛАЙАР

– Мин бу Орто дойдуга предприниматель буолар аналлаах кэлбиппин быһыылаах диэн санаа элбэхтик киирэр. Инникитин даҕаны үлэ саҥа хайысхаларын арыйар былааннаахпын. Билигин даҕаны биһиги куораппытыгар суох бизнес баһаам. Онон, күндү ааҕааччым, биир сиргэ олорон хаалбакка, сарсыҥҥы былааҥҥын бүгүҥҥүттэн саҕалаа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...