ЭРГЭНИ САҤА ТЫЫННААН
Саха дьахтара өбүгэ саҕаттан туох баар үлэни барытын өрө тутан, бэйэтин нарын санныгар сүгэн кэллэ. Дьахтар эйгэтэ олус киэҥ. Ас астааһынтан саҕалаан, дьиэ туттар, кыбартыыра өрөмүөннүүр кыргыттар элбээтилэр. Тарбаҕар талааннаах кыыс биир сиргэ олорбот, нарын тарбахчааннарынан айар-тутар уонна өссө эбиитин дохуот киллэринэр кыахтанна.
Аныгы үйэ дьахтара тугу барытын быһаарсар, туппутун сатыыр, тиһэҕэр тиэрдэр, кыайар-хотор, бэйэтэ туспа санаалаах, ураты көрүүлээх.
Бүгүн кэпсиир тарбаҕар талааннаах дьоруойум Саргылана Фролова – икки оҕо тапталлаах ийэтэ, алаһа дьиэ хаһаайката, идэтинэн программист. Кини сэбиэскэй кэм айан таһаарбыт миэбэллэрин бөххө бырахпат, ол оннугар иккис тыыннаан тилиннэрэр, аныгылыы моһуону эбэр.
КУОРТАМНААН ОЛОРОР ДЬИЭТТЭН САҔАЛАММЫТА
- Дьиэни оҥоруу, тупсарыы мин кыра эрдэхпиттэн баар. Оҕо сылдьан куруук хоспун уларытан тахсарым. Бэйэм Амматтан төрүттээхпин, онно үөрэммитим, оскуолабын бүтэрбитим. Ол кэннэ математика уонна информатика институтугар үөрэммитим. «Магистр прикладной математики и информатики” диэн идэлээхпин. Икки сыл хантараагынан судаарыстыбаннай сулууспаҕа үлэлээбитим.
Кыра кыыспын хат сылдьан дьиэ куортамнаан олорбутум. Ол 2016 с. этэ. Ол дьиэбин тупсараары, куукунабын саҥардыбытым, оҥостубутум. Сыл-хонук ааспыта. 2018 с. бэйэм бас билэр кыбартыырабын ылыммытым. Дьиэбин, көмүс уйабын бэйэм хайдах сөбүлүүрбүнэн өрөмүөннүүргэ санаммытым. Дьэ, ол кэннэ дьиэ өрөмүөнүгэр күүскэ түһүммүтүм.
- Эн былыргы миэбэллэри саҥа тыынныыр эбиккин. Бу туһунан ааҕааччыларбытыгар кэпсии түс эрэ. Биһиги эргэрдэ, кыратык алдьанна, тоһунна, хайыта барда эрэ, бөххө таһааран иһэбит.
- Кэнники кэмҥэ винтажнай, ретро миэбэллэр тренд буоллулар. Инстаграмы саба бырах да, барыта сэбиэскэй миэбэллэр. Биһиги эбээлэрбит, эһээлэрбит туттубут маллара-саллара. Мин аан бастаан сэбиэскэй олоппостору атыылаһан саҥардыбытым. Онтон эһээбэр Аммаҕа комод баарын санаан, хоспохтон хостоон, булан ылбытым уонна онтубун чөлүгэр түһэрэммин, аныгылыы истииллээх гына оҥорбутум.
АНЫГЫЛЫЫ ИСТИИЛЛЭЭХ, ДЬҮҺҮННЭЭХ
- Саҥардыы трендэ баар буолан, киһи кырааскалыыр, ким реставрациялыыр. Бэйэм инстаграмы, пинтиресты кэтээн көрөбүн. Дьон дьиэтин, көмүс ньээкэ уйатын хайдах оҥосторун кэтээн көрөбүн.
- Иэйии хайдах киирэр? Киһи ылла да илиитэҕэ-атаҕа барыа суох курдук дии.
Бэйэм үлэлэрбин социальнай ситимҥэ, @idea_remont аккауҥҥа таһаарабын, дьоҥҥо кэпсиибин. Дьон ону көрөн үтүктэр, үөрэнэр уонна син биир туһалааҕы, саҥардыллыбыт миэбэли оҥорон таһаарар. Мин онтон наһаа үөрэбин, астынабын. Ол иһин айар-тутар талааным өссө арыллан иһэр.
БАЙАНАЙДААХ КОМОД
- Киэн тутуум комодум буолар. Барыларыгар ону кэпсиибин (күлэр). Бу 60-70 с. туттулла сылдьыбыт тапталлаах эһээлээх эбээм комодтара буолар. Бу миэбэли өр баҕайы оҥорбутум. Бастаан матырыйаала мөлтөх буолан, кырааската алдьанан түһэн хаалбыта. Иккис сырыыбар матырыйаал сакаастаан, талан, олох кыһаллан туран оҥорбутум. Комод баар буолан, мин «Гаппа” диэн маҕаһыынтан сертификат сүүйбүтүм уонна, уопсайынан, бу комодунан дьон миигин билэр.
- Төһө өр оҥордуҥ?
- Комод маҥнайгы туруга чыҥха атын этэ. Сүүс араас кырааска биһиллибэтэх, арай үөһэнэн пленканан бүрүллүбүттээҕэ. Уопсайа биэс ый кэриҥэ оҥордум. Мин санаабар, былыргы малга сөп курдук. Мас, тыына сыппыт буолан, структурата буорту буолбатах.
Билигин олоппостору биир күнүнэн оҥорон бүтэриэхпин сөп. Төһө матырыйаал, кырааска баарыттан эмиэ тутулуктаах. Мин хайдах моһуоннаах, дизайннаах буоларыгар ордук элбэх бириэмэни ыытабын быһыылаах. Онтон хайдах буоларын, түгэҕин көрөн буллаххына, сыспаккын-соспоккун, уһаппаккын-кэҥэппэккин.
- Ханнык кыраасканы сүбэлиигин?
- Бу диэн этэр кыаҕым суох. Күн аайы саҥаттан саҥа кырааскалар тахса тураллар. Мин саҥаттан саҥаны, сонуну туттарбын сөбүлүүбүн. Син биллэр, аптарытыаттаах фирмалар табаардарын ыла сатыыбын. Сүнньүнэн, чэ, “первый класс стойкости” диэн суруктаах кыраасканы ордоробун. Интэриниэккэ үчүгэйдик көрүөххэ, дьон санаатын ааҕыахха наада. Ол эрэ кэннэ биирдэ атыылаһар ордук.
- Билигин хас үлэлээххин, хас миэбэли чөлүгэр түһэрдиҥ?
- Уопсайа икки улахан аһыыр остуолу оҥорбутум. Икки хаһыат, сурунаал остуолун, биир комод, буфет, ону таһынан олоппос элбэх. Бэйэбин улахан маастар курдук санаммаппын. Саҥа үөрэнэ, уопут ыла сылдьабын.
ТАРБАХ ТАЛААНА
- Уон сыл кэриҥэ ис-испиттэн ииһинэн дьарыктана сылдьыбытым. Сакаас ылар этим, дьүөгэлэрбэр саҥа истииллээх ырбаахы тигэрим уонна, биллэн турар, бэйэбэр тиктэрим. Илиим сылааһын иҥэрэрбин, айарбын-тутарбын сөбүлүүбүн. Билигин да таҥас арааһын син биир тигэбин ол эрээри, санаам миэбэлгэ сытар. Судаарыстыбаннай сулууспаҕа икки сыл системнай администраторынан үлэлээбитим. Хаһан даҕаны эбии дохуоттанаары эбии үлэни көрдөөбөтөҕүм. Сүрүн үлэм кэннэ иистэнэрим, дьонтон сакаас ыларым сөп оҥороро.
УРУККУ МУОДА ЭРГИЛЛЭР
- Билигин 60-70 с. оҥоһуллан тахсыбыт миэбэл муодата төттөрү эргиллэн кэллэ. Ол саҕана синньигэс атахтаах миэбэл наһаа элбэх эбит. Ыскааптар, стеллажтар, комодтар, билиҥҥи тылынан эттэххэ, “в тренде” буоллулар. Социальнай ситимнэргэ көрдөххө, дьон аныгылыы истииллээх кыбартыыраларын төттөрү 60-70 сылларга уларытан эрэллэр. Кэтээн көрдөхпүнэ, миэбэллэрин бэйэлэрэ оҥостоллор, истиэнэлэрин көннөрөллөр, ламинат да тэргииллэр, керамогранит да ыйыыллар.
- Сакаас ылаҕын дуо? Маннык миэбэл элбэх киһиэхэ бөх буолан быыллыйа сытара буолуо.
- Дьиҥэр, сакаастаары ыйыталлар аҕай. Билигин өссө уопутуран баран биирдэ ылсар былааннаахпын. Бэйэбэр да сөп буолар миэбэл оҥоһулла илик.
- Эргэ миэбэли хантан булаҕын?
-Интэриэниэти табатык туһанар буоламмын биллэрии сайтарыттан атыылаһабын. Бэйэм блогтаах уонна дьон тугунан дьарыктанарбын билэр буоланнар бэйэлэрэ эмиэ ыыталлар.
МИЭБЭЛИ БӨХХӨ БЫРАХПАККА
- Биир эмит миэбэл үлэтин хаамыытын кэпсиэҥ дуо?
- Мин арыынан туттарбын ордоробун. Маҥнай миэбэлтэн эргэ лааҕын, килиэйин, туох сыста сылдьарын барытын ыраастыыбын. Онуоха элбэх ньыманы туһанабын. Ыраастаан, шлифовкалаан баран биирдэ арыынан сотобут. Миэбэл туругун, маһын үчүгэйдик көрөн баран биирдэ сотор ордук. Онтон кырааскалыыр түгэҥҥэ, сороҕор эргэ кырааскатын устумуохха да сөп. Тоҕо диэтэххэ, былыргы кырааскаҥ быдан бөҕө, алдьаммат, ууну аһардыбат, хатарбат. Арыынан соттохпутуна кини үйэтэ уһуур уонна урукку чөлүгэр түһэр.
- Ханна олорон уһанаҕын?
- Кыбартыырабар олорон уһанабын. Истиэнэни алдьатар курдук буолбатах. Улахан тыаһы-ууһу таһаарбаппын. Шлиф массыыҥканан эрэ тыас таһаарыахпын сөп. Ол эрээри онтум хас дьиэ ахсын баар пылесос саҕа эрэ тыастаах.
- Инники былааҥҥын кэпсии түс эрэ.
- Билигин кыбартыырабын оҥоробун. Ону барытын бэйэм социальнай ситиммэр @idea_remont уган иһэбин. Билиҥҥитэ 9 тыһ. тахса сурутааччылаахпын. Хас оҥорбут миэбэлбин, оҥоро сылдьарбын бары өттүттэн хаартыскаҕа түһэрэбин, видеоҕа устабын уонна инстаграмҥа таһаарабын. Билигин бэйэм мастарыскыайданыахпын баҕарабын. Бассаапка бөлөхтөөхпүн, онно айыахтарын-тутуохтарын, уһаныахтарын баҕарар кыргыттар киирэллэр. Саха кыргыттара миэбэл саҥардыахтарын, кырааскаҕа быһаарсыахтарын, оҥостуохтарын, үөрэниэхтэрин наһаа баҕараллар эбит. Бэйэм мастарыскыайдаах буоллахпына, үлэлиир усулуобуйа баар буолуо, дьоҥҥо маастар-кылаастары уонна биир санаалаахтары мунньан бодоруһуохпут этэ. Оччоҕуна эргэ малбытын саҥардыахпыт уонна саамай сүрүнэ айылҕаҕа эбии бөҕү-саҕы таһаарыахпыт суоҕа этэ.
КИҺИ САТААБАТА ДИЭН СУОХ
- Дьону үлэлииргэ көҕүлүүрбүн наһаа сөбүлүүбүн. Сорохтор табыллыбата, кыаллыбата, уо.д.а. диэн баран быраҕан кэбиһэллэр. Киһи баҕалаах уонна бэйэтигэр эрэллээх буоллаҕына кыайар эбит. Хайаан да эр киһи оҥоруохтаах биитэр сакаастаан, атыылаһан ылыахтаахпыт диэн буолбатах. Бэйэҥ оҥорбут миэбэлиҥ быдан хаачыстыбалаах уонна уһун үйэлээх буоларын өйдөөҥ.
“Сатаабаппын”, “кыайбаппын” диэн санаалаах бириэмэҕитин бараамаҥ. Барыта табыллар, кыаллар!