Эргэ Покровскайдыыр суолга тырааныспар сырыытыгар хааччахтааһын киирдэ
Дьокуускай куорат Уокуруктааҕы дьаһалтата, 2021 сыл от ыйын 1 күнүнээҕи 1269р №-дээх «Эргэ Покровскайдыыр суолга быстах кэмҥэ тырааныспар сырыытын хааччахтыыр туһунан» Дьаһалга олоҕуран, суолга куттал суох буолуутун хааччыйар сыаллаах өрөмүөн үлэтинэн – суолга хаа (футляр) уонна инженернэй тутуулар оҥоһуллалларынан сибээстээн, 2021 сыл от ыйын 15 күнүттэн от ыйын 22 күнүгэр диэри Эргэ Покровскайдыыр суол 2/18 дьиэтиттэн Автодорожнай уокурук 25 №-дээх дьиэтигэр диэри быстах кэмҥэ тырааныспар сырыыта хааччахтанарын туһунан иһитиннэрэр.